Алексей Андреев: «Өйөбүл салгыы оҥоһуллар»

Share

Байыаннай дьайыыга дойду бары муннуктарыттан элбэх киһи ыҥырыллан кытта сылдьар.

Хаҥалас улууһун Өктөмүттэн уон байыаннай сулууспалаах бу эпэрээссийэҕэ кыттар. Буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл салгыы оҥоһулларын туһунан нэһилиэк дьокутаата  хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар кэпсээтэ:
— Өктөм нэһилиэгиттэн уон уолбут байыаннай дьайыыга сулууспаларын чиэстээхтик толоро сылдьаллар. Нэһилиэк дьоно бүттүүнэ кинилэр тустарыгар кыһаллар, этэҥҥэ эрэ сылдьан, эргиллэн кэллиннэр диэн баҕарар.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарбыт дьонноругар дьаһалта, дьокутааттар уонна олохтоохтор туох көмө наадатынан көрөн, тиһигин быспакка көмөлөһө, билсэ олоробут. Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай, психологическай уонна үбүнэн төлөбүр өттүнэн көрүллэр өйөбүллэр оҥоһулла тураллар. Байыастарбыт оҕолоро сайыҥҥы лааҕырга сынньаналларыгар босхо путевканан хааччыллаллара ситиһилиннэ. Онон байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар аҕалаах оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллар.

Нэһилиэкпит дьоно көмөҕө туһаайыллар улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар бары аахсыйаларыгар кытталлар. Нэһилиэк салалтата, күн күбэй ийэлэр, эбэлэр, нэһилиэк дьахталлара байыастарга анаан сылаас таҥас-сап тигиитигэр «Ийэлэр сүрэхтэрин сылааһа — саллааттарга» диэн аахсыйаны күһүн тэрийэн ыытары былаанныыр.
Нэһилиэк дьоно бука бары уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэл санаанан күүтэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

17 часов ago