Алексей Чекунков “Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама выпускниктарын кытта көрүстэ

Share

Уһук Илиҥҥэ выпускниктар туох соруктары, ыҥырыылары көрсөллөрүн дьүүллэстилэр

Москваҕа “Муравьев-Амурскай 2030” Уһук Илиҥҥэ госсулууспаҕа анаан каадырдары бэлэмниир бырагыраама выпускниктарын бастакы сүлүөтэ буолла. Сэтинньи 17 күнүгэр кинилэри кытта РФ Уһук Илини сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  көрүстэ.  Уһук Илиҥҥэ кэлбит выпускниктар туох соруктары, ыҥырыылары көрсөллөрүн, эрэгийиэн сытыы кыһалҕаларын быһаарар хайысхаларын, үлэҕэ киириини, бырагырааманы тупсарыыны  дьүүллэстилэр, диэн бырагыраама пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

2,5 сыл устатыгар бырагырааманы 96 киһи үөрэнэн бүтэрдэ. Үгүстэр Уһук Илиҥҥэ дьиэ кэргэннэрин кытта көспүттэр, эрэгийиэннээҕи былаас уорганнарыгар 41 киһи, муниципалитекка 4 киһи, үрдүк үөрэх кыһаларыгар 12 киһи, федеральнай структураларга 5 киһи үлэлиир. Атыттар эрэгийиэннэр кадровай резервэлэригэр киирэн, ханна ананалларын кэтэһэн олороллор. Бырагыраама выпускниктара экэниэмикэни, куорат инфраструктуратын, тутууну, оҥорон таһаарыыны, социальнай эйгэни, үөрэхтээһини сайыннараллар.

Сүлүөккэ бырагыраама настаабынньыктара – Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар корпорация, «Востокгосплан» ФАНУ салайааччылара кытыннылар, выпускниктары кытта бэйэлэрин уопуттарын атастастылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

42 секунды ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago