Салгыы
Алексей Чекунков: «Сүрэх-тымыр киинэ омук тэрилин солбуйуу технологиятын туһанар»

Алексей Чекунков: «Сүрэх-тымыр киинэ омук тэрилин солбуйуу технологиятын туһанар»

23.11.2022, 15:23
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 23 күнүгэр РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков  уонна Ил Дархан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһатын-Мэдиссиинэ национальнай киинин Сүрэх-тымыр киинигэр сырыттылар.

Быйыл муус устарга аһыллыбыт аныгы эбийиэк көмөтүнэн  өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар  кардиология уонна  неврология салаатыгар  үрдүк таһымнаах мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллара  табыгастаах буолла.

«Доруобуйа харыстабылыгар бырайыактары өйөөһүн – “Биир кэлим субсидия” бырагыраама дьоһун суолталаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ. Саха сиринээҕи саҥа Киин – сүрэх-тымыр ыарыыларын быһаарарга уонна эмтииргэ аныгы технологиялары быраактыкаҕа киэҥник туһаныы холобура. Омук тэрилин Арассыыйаҕа оҥорон таһаарар технологияны ураты бэлиэтиибин. Комплекс өҥөлөрө Дьокуускайы сэргэ, өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар улуустарыгар уонна, бэл, ыаллыы эрэгийиэннэр олохтоохторугар табыгастаахтара дьоһун суолталаахтар”, — диэн миниистир Алексей Чекунков эттэ.

«Саха сиринээҕи Сүрэх-тымыр киинэ сэбилэниитин таһымынан – дойдуга биир бастыҥнара. Күүстээх килиниичэскэй база, эксперт-кылаастаах аныгы мэдиссиинискэй тэриллэр  анал, ол иһигэр үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго көмөлөһөллөр”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Мэдиссиинэ национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков эппитинэн, Сүрэх-тымыр киинэ фатальнай сыыстарыыны биэрэр кутталлаах сүрэх-тымыр ыарыһахтарга анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго Салайар уонна сүрүннүүр киининэн буолар аналлаах.

Ыраахтан сүбэ-ама биэрэр киин сэбиэдиссэйэ Сардаана Павлова иһитиннэрбитинэн, 3 ыйы кыайбат кэм иһигэр 984 телеЭКГ  (ол иһигэр,  12 суһал)  оҥоһуллан бэрилиннэ. Бу үлэ көмөтүнэн ыарыыны быһаарыы түргэтиирин сэргэ,  чопчутук оҥоһуллар буолла. Сүрэх-тымыр киинин үрдүк таһымнаах быраастара  ыарыһах ЭКГ-тын ылаат да, теле-ЭКГ түмүктэрин  таһаараллар, ыраахтан сүбэ-ама биэрэллэр, мэдиссиинискэй көмөнү оҥороллор, ыарахан туруктаахтар тута Сүрэх-тымыр киинигэр аҕалыллаллар. Ону таһынан Киин нөҥүө эмтэнэн тахсыбыт ыарыһахтар доруобуйаларын кэтээн көрөллөр.

Отделение сэбиэдиссэйэ Петр Захаров кардио-хирургия эпэрээссийэлиир саалатын туһунан кэпсээтэ. Киин аһыллыаҕыттан хайыы үйэ 700-тэн тахса эпэрээссийэ оҥоһулунна, ол иһигэр 80-тан тахсата – аһаҕас сүрэххэ.

Радиационнай хонтуруол бөлөҕүн салайааччы Николай Лугинов гибриднай ангиографической эпэрээссийэлиир аппараат  туһунан кэпсээтэ. Кыра хайаҕастаах эпэрээссийэлэри оҥорорго, наада буоллаҕына, аһаҕас сүрэххэ эпэрээссийэҕэ көһүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, манна  Арассыыйаҕа 5-с уонна Уһук Илиҥҥэ, Сибииргэ соҕотох үрдүк технологиялаах  Azurion M20 ангиограф  үлэлиир.

Алексей Чекунков уонна Айсен Николаев икки рентген туруупкалаах көмпүүтэр томограбын үлэтин билистилэр.

Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: