Алексей Чекунков: «Үлэ кыбартаала — Арассыыйатааҕы таһымнаах креативнай кылаастар»

Share

РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков «Цифровой алмаас» федеральнай пуорум икки күннээх үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрдэ.

Миниистир тэрээһин пленарнай мунньаҕын кэнниттэн суруналыыстары  кытта көрүстэ. Алексей Чекунков Үлэ кылаастыра талааннаах, ураты толкуйдаах дьону түмэн, үгүс хайысхаҕа сайдыыны түстүүр үлэни ыытарын бу тэрээһин чаҕылхайдык көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ:

— Үлэ кыбартаала Саха сирин эрэ бырайыага буолбатах. Бу — Арассыыйатааҕы таһымнаах креативнай кылаастар. Манна дойду эрэгийиэннэриттэн IT-эйгэ хампаанньаларын бэрэстэбиитэллэрэ уонна «Союзмультфильм» курдук бөдөҥ тэрилтэттэн анаан кэлэн үлэлииллэр. Ил Дархан Айсен Николаевы кытта билигин сүрүн сорукпутунан саха киинэтин сайыннарыыга туһуламмыт үлэни ыытыы. Бэйэтин көрөөччүтүн бигэтик булбут, аан дойдуга тиийэ бэйэтин ааттаппыт саха киинэтин сайыннарыыга ылсыбыт Үлэ кыбартаала онуоха сайдыыны түстүүр бастакы хараҥаччынан буолар. Бу федеральнай пуоруму маннык үрдүк таһымнаахтык ыытыыны дойдуга холобур оҥостуохпут, Саха сиригэр тэриллибит Үлэ кылаастарын курдук креативнай хайысхалаах үлэни ыытар тэрилтэни  Уһук Илин бары куораттарыгар тэрийиэхпит.

«Цифровой алмаас» федеральнай пуорум быйыл Саха сиригэр иккис ыытыллыыта. Мантан инньэ үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago