Алексей Дьячковскай: «Азия оҕолоруттан» саҥа чөмпүйүөннэр тахсыахтара»

Алексей Дьячковскай: «Азия оҕолоруттан» саҥа чөмпүйүөннэр тахсыахтара»

25.06.2024, 17:00
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бу сыл биир саамай күүтүүлээх түгэнин – “Азия оҕолоро” успуорт аан дойдутааҕы VIII  оонньууларын иннинэ АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскайы кытары кэпсэтэргэ быһаарынныбыт. Санатан эттэххэ, хампаанньа 30-ча сыл кэриҥэ оонньуулар генеральнай партнердарынан үлэлэһэн кэллэ.

— Алексей Прокопьевич, эйигин уонна эһиги кэлэктиипкитин Ыһыах национальнай бырааһынньыгынан уонна “Азия оҕолоро” оонньуулар саҕаламмыттарынан эҕэрдэлиибин. Хампаанньа бу күрэхтэһиилэри тоҕо куруук өйүүрүй?

 “Азия оҕолоро” биһиги хампаанньабытыгар куруук даҕаны дьоһун суолталаах. Оҕо уонна ыччат успуордун сайыннарыы, үүнэр көлүөнэҕэ кыһамньы – АЛРОСА социальнай бэлиитикэтин быстыспат сорҕото. Ол иһин, өссө 1996 сыллаахха, бастакы оонньуулар тэриллибиттэригэр хампаанньа тута бииргэ үлэлэһэн барбыта. Ол биһиэхэ – успуорду сайыннарарарга дьиҥнээх кылааты киллэрсэргэ уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит эдэр спортсменнара  бэйэлэрин аан дойду таһымыгар көрдөрөллөрүгэр үчүгэй кыаҕы биэрэр.

Онон,  “Азия оонньуулара” устуоруйалаах дойдутугар – Саха сиригэр аҕыс сыл кэнниттэн төннөн кэлбититтэн олус үөрэбит.

Оонньууларга, үгэс курдук, Мииринэйтэн элбэх спортсмен кыттарын билэбин.

– Кытталлар эрэ буолбатах, кыайаллар! Биһиги спорстменнарбытын олус сөбүлүүбүт уонна сыаналыыбыт. Холобур, чэпчэки атлетикаҕа кыттар, аан дойдутааҕы кылаастаах успуорт маастарын  Светлана Рогозинаны. Кини “Азия оҕолоро” IV оонньууларга кыттан баран, карьератын ситиһиилээхтик саҕалаабыта, Москваҕа Олимпийскай саппаас училищетыгар киирбитэ. Кэлин 800 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйүөҥкэтинэн буолбута, Европа уонна аан дойду чемпионаттарыгар кыттыбыта. “Азия оҕолоро” III оонньууларга 1 уонна 2 миэстэлэри ылбыт  боксердар Кирилл Исаевы уонна Иван Ерыгины саныыбыт.  Биһиги волейболистка кыргыттарбыт, художественнай гимнасткаларбыт, футболистарбыт олус үчүгэйдик кыттыбыттара.

– Итинник үчүгэй түмүктэр хайдах ситиһиллэллэрий?

– Мииринэй улууһа успуорка олус сыһыаннаах. Манна бары кэриэтэ – кыратыттан улахан киһитигэр тиийэ успуордунан дьарыктаналлар. Биһиги хампаанньабыт успуортка уонна чөл олоххо тардыһыыны кэрэхсиирин сэргэ, мэлдьи өйүүр. Билигин АЛРОСА Култуура-успуорт комплексыгар  успуорт 23 көрүҥэр саахыматтан, остуол тенниһиттэн саҕалаан,    хоккейга уонна харбааһыҥҥа тиийэ сиэксийэлэр бааллар. Сыл аайы материальнай-тиэхиньиичэскэй базабытын саҥардабыт, успуорт саҥа тэриллэрин атыылаһабыт, саҥаттан саҥа сиэксийэлэри уонна хайысхалары киллэрэбит. Онно билигин 2250 оҕо сылдьар уонна АЛРОСА дьарыктар ороскуоттарын толору сабар. Ол иһин,  оҕолор сиэксийэлэргэ уонна куруһуоктарга сылдьалларыгар ыйга 100 солкуобайы эрэ, оттон биэнсийэлээхтэр уонна бэтэрээннэр ыйга 150 солкуобайы төлүүллэр. АЛРОСА үлэһиттэрэ – “Профалмаас” идэлээх сойуус чилиэннэрэ успуорт сиэксийэлэригэр босхо дьарыктаналлар. Култуура-успуорт комплексын үгүс иитиллээччитэ күрэхтэһиилэргэ, ол иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы, куруук кытталлар. Ол курдук, кинилэр былырыын 240 мэтээли ылбыттара. Онтон аҥаарын кэриэтэ – үрдүк пробалаахтар.

 Быйыл кыайыыга суоттанаҕыт?

– Биллэн турар. Быйылгы оонньууларга Култуура-успуорт комплексын 15 иитиллээччитэ боксаҕа, дзюдоҕа, курашка, харбааһыҥҥа, тхэквондоҕа, футболга уонна чэпчэки атлетикаҕа кыттар. Кинилэргэ бүтүн кэлэктиибинэн ыалдьыахпыт. Оонньууларга кыттыы биһиги оҕолорбутун успуордунан өссө дьаныардаахтык  дьарыктаналларын көҕүлүүр. Сүүмэрдэммит хамаандалар чилиэннэрэ комплекс иитиллээччилэригэр тус сыаллаах буолуу, дьиссипилиинэ уонна үлэ үрдүк түмүктэргэ аҕаларын тус холобурдарынан көрдөрөллөр.

– Хампаанньа социальнай ороскуоттарын көрдөххө, Мииринэй улууһун таһыгар олоххо киллэриллэр бырайыактар, ол иһигэр успуорт эйгэтигэр, биллэ элбэхтэр. Ол АЛРОСА-нан быһаччы буолбакка, Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө үбүлэнэр. Тоҕо чуолаан ити көрүҥ  талыллыбытай?

– Ити биһиэхэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ табыгастаах. Саха сирэ – олус улахан эрэгийиэн. Пуонда муниципальнай тэриллиилэр  наадыйыыларын, Саха сирин олохтоохторугар улахан туһаны ханнык бырайыактар аҕалалларын кимнээҕэр да ордук билэр. Итинник бырайыактар испииһэктэрэ сыл аайы сөбүлэһиннэриллэр уонна ону биһиги бигэргэтэбит; биһиги бэрэстэбиитэллэрбит Үүнэр көлүөнэ пуондатын Үрдүкү сэбиэтигэр үлэлииллэр. Биһиги бэйэбит өртүбүтүттэн  пуонда исписэлиистэрин эспэртиисэлэригэр суоттанабыт уонна хампаанньа биэрэр үбүгэр (сыл аайы миллиард курдук) эрэнэбит.

Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытары кинилэр тэриллиэхтэриттэн ыла үлэлиибит. Социальнай инфраструктура эбийиэктэрин бииргэ тутабыт, оҕолор уонна ыччат успуорду дьүөрэлээн сайдалларыгар уонна баар кыахтарын арыйалларыгар усулуобуйаны тэрийэбит.

Ханнык холбоһуктаах бырайыактары ордук бэлиэтиэҥ этэй?

– Биһиги бырайыактарбытынан барытынан киэн туттабыт. Онтон успуорт эбийиэктэрин туһунан этэр буоллахха, холобур, Успуорт элбэх хайысхалаах комплексын уонна Чурапчы сэлиэнньэтигэр оҕо успуордун  өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатын тутууну үбүлээбиппит. Нам улууһун Кириэс Кытыл сэлиэнньэтигэр успуорт арочнай саалатын үлэҕэ киллэрбиппит. Дьокуускайга Саахымат-дуобат өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дьиэтин саҥардыбыппыт. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл “Азия оҕолоро” оонньуулар кыттыылаахтарыгар Саахымакка  эрчиллэр киин тэрилиннэ. Бу испииһэги өссө да салгыы туруохха сөп. Ол гынан баран, успуорт инфраструктуратын  тутуунан эрэ муҥурдаммаппыт. Холобур, пуонда нөҥүө Саха Өрөспүүбүлүкэтин уһулуччу талааннаах оҕолорун өйүүр эрэгийиэннээҕи кииҥҥэ көмөлөспүппүт хас да сыл буолла. Ону таһынан киин исписэлиистэрэ оҕолор доруобуйаларын туруктарын билэргэ “Медасс” биоимпеданснай аппараакка  биир кэлим тиэстэри, тириэньэр-преподавателлэргэ, оҕо-ыччат успуордун  исписэлиистэригэр методическай көмөнү оҥороллор. Ол сыала-соруга – биһиги өрөспүүбүлүкэбит хайа баҕарар муннугуттан дьоҕурдаах оҕолор үрдүк түмүктэри ситиһэллэригэр көмөлөһүү. Онуоха кырыыламматах алмааһы күлүмүрдэс бриллиаҥҥа кубулутарга курдук,  тулуур уонна күүстээх үлэ ирдэниллэр.

 Истиҥ кэпсэтии иһин махтал уонна алмаас  дьонугар үлэҕэ уонна успуорка өссө да саҥаттан саҥа ситиһиилэри  баҕарабыт.

Махтал.  Түгэнинэн туһанан, оонньуулар кыттыылаахтарыгар барыларыгар бэйэлэрин бастыҥ хаачыстыбаларын уонна кыайыыга дьулуурдарын  көрдөрөллөрүгэр уонна, биллэн турар,  чиэһинэй киирсиигэ кыраһыабай кыайыылары баҕарабын. Бу оонньуулар эдэр спортсменнар  саҥа ситиһиилэригэр – улахан успуорка уонна тус олохторугар үрдүк үктэлинэн буоллуннар. “Азия оҕолоро” оонньуулар Саха сирин олохтоохторугар  успуорт дьиҥнээх бырааһынньыгынан буоларыгар уонна саҥа талааннаах оҕолору – успуорка кэнэҕэски сулустары арыйарыгар эрэнэбин. Биһиги кинилэргэ ыалдьыахпыт уонна өйүөхпүт. Хас биирдии хостообут алмааспыт Саха сиригэр үүнэр көлүөнэ бары өттүнэн сайдарыгар, кинилэр доруобай уонна этэҥҥэ буолалларыгар  үчүгэй усулуобуйаны оҥорорго көмөлөһөрүгэр хайаан да салгыы үлэлэһиэхпит.

АЛРОСА үбэ туохха туһанылларый?

Хампаанньа үбүлээһининэн, Дьокуускайга успуорт уонна куорат эбийиэктэрин, оонньуулары  иһитиннэрэр-тиэхиньиичэскэй хааччыйыыны тупсараллар. Хампаанньа ону таһынан оонньуулары арыйыы уонна сабыы үөрүүлээх тэрээһиннэрин ороскуоттарын сабар.

АЛРОСА кэнники сылларга тугу үбүлээтэ?

 

2013 с.  – Дьокуускайга “Чолбон” бассейҥа тэриллэри атыылаһыыны – 39,1 мөлүйүөн солкуобай.

2013 с. – Чурапчы с. Успуорт элбэх хайысхалаах комплексын – 200,4 мөл солк.

2013 с. – Чурапчы с. сыһыары актовай саалалаах 400 үөрэнээччигэ оҕо успуордун өрөспүүбүлүкэтээҕи орто оскуолатын – 290 мөл. солк.

2014 с. – Нам улууһун Кириэс Кытыл с. успуорт арочнай саалатын – 67 мөл.солк.

2016 с. – Нерюнгри к. футбол оскуолатын интэринээтин утуйар куорпуһун  – 164 мөл.солк.

2017 с. – Дьокуускайга саахымат-дуобат өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин саҥардыыны —  38 мөл.солк.

2019 с. – Амма улууһун Бөтүҥ с. Успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр элбэх хайысхалаах успуорт саалатын — 130 мөл.солк.

2021 с. – Үөһээ Халыма улууһун Зырянка б. Култуура-успуорт комплексын — 276 мөл.солк.

2014 с. – Нам улууһун Кириэс Кытыл с. успуорт арочнай саалатын – 67 мөл.солк.
2016 с. – Нерюнгри к. футбол оскуолатын интэринээтин утуйар куорпуһун – 164 мөл.солк.
2017 с. – Дьокуускайга саахымат-дуобат өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин саҥардыыны -- 38 мөл.солк.
2019 с. – Амма улууһун Бөтүҥ с. Успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр элбэх хайысхалаах успуорт саалатын -- 130 мөл.солк.
2021 с. – Үөһээ Халыма улууһун Зырянка б. Култуура-успуорт комплексын -- 276 мөл.солк.

АЛРОСА пресс-киинин суруйуутуттан тылбаас

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: