Алексей Еремеев Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиир
УБААСТАБЫЛЛААХ СУРУНАЛЫЫСТАР УОННА БЭЧЭЭТ ҮЛЭҺИТТЭРЭ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – Арассыыйатааҕы бэчээт күнүнэн эһигини истиҥник эҕэрдэлиибин!
Петр I олохтообут Арассыыйа бастакы бэчээттэнэн тахсар хаһыатын утумнаан 1992 сыллаахха Арассыыйатааҕы бэчээт күнэ тэриллибитэ. Дойдуга бу күн идэлээхтэр бырааһынньыктарын ортотугар маҥнайгылар ахсааннарыгар киирбитэ.
1907 сыллаахха «Саха дойдута» сахалыы тыллаах хаһыат тахсыытыттан ситимнэнэн 2020 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Национальнай бэчээт күнэ тэриллибитэ. Бу кэм устатыгар суруналыыстыка сүһүөҕэр дьоһуннаахтык туран гражданскай уопсастыба быстыспат сорҕото буола сайдыбыта.
Бүгүн биһиэхэ, хаһааҥҥытааҕар даҕаны, кырдьык наада. Олорор бириэмэбит туһунан кырдьык. Дьиҥнээх билиини уонна үрдүк майгыны-сигилини түмэр, духуобунаспыт сүрүн бириинсибин быһыытынан өрө тутуллар кырдьык. Эһиги түүннэри-күнүстэри үлэлиир буолаҥҥыт биһиги аан дойдуга, Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр туох буола турарын туһунан кырдьыктаах сонуннары тутатына билэ олоробут.
Сонуну киэҥник тарҕатар ситим үлэһиттэрин, ону тэҥэ суруналыыстыкаҕа сыһыаннаах дьону барыгытын бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин! Төрөөбүт дойдубут — Арассыыйа кэскилин туһугар үлэҕит ситиһиилээх буоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕРЕМЕЕВ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: