Алексей Еремеев Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиир

Share

УБААСТАБЫЛЛААХ СУРУНАЛЫЫСТАР УОННА БЭЧЭЭТ ҮЛЭҺИТТЭРЭ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин ­аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – Арассыыйатааҕы бэчээт күнүнэн эһигини истиҥник эҕэрдэ­лиибин!
Петр I олохтообут Арассыыйа бастакы бэчээттэнэн тахсар хаһыатын утумнаан 1992 сыллаахха Арассыыйатааҕы бэчээт күнэ тэриллибитэ. Дойдуга бу күн идэлээхтэр быраа­һынньыктарын ортотугар маҥнайгылар ах­­сааннарыгар киирбитэ.

1907 сыллаахха «Саха дойдута» сахалыы тыллаах хаһыат тахсыытыттан ситимнэнэн 2020 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Национальнай бэчээт күнэ тэриллибитэ. Бу кэм устатыгар суруналыыстыка сүһүөҕэр дьоһуннаахтык туран гражданскай уопсастыба быстыспат сорҕото буола сайдыбыта.

Бүгүн биһиэхэ, хаһааҥҥытааҕар даҕаны, кырдьык наада. Олорор бириэмэбит туһунан кырдьык. Дьиҥнээх билиини уонна үрдүк майгыны-сигилини түмэр, духуобунаспыт сүрүн бириинсибин быһыытынан өрө тутуллар кырдьык. Эһиги түүннэри-күнүстэри үлэлиир буолаҥҥыт биһиги аан дойдуга, Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр туох буола турарын туһунан кырдьыктаах сонуннары тутатына билэ олоробут.

Сонуну киэҥник тарҕатар ситим үлэһиттэрин, ону тэҥэ суруналыыстыкаҕа сыһыаннаах дьону барыгытын бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин! Төрөөбүт дойдубут — Арассыыйа кэскилин туһугар үлэҕит ситиһиилээх буоллун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕРЕМЕЕВ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago