Алексей Еремеев Арассыыйа күнүнэн эҕэрдэтэ

Share

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутааттарын ааттарыттан дойдубут дьоһун судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан – Арассыыйа күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Арассыыйа күнэ – дойдутунан, төрөөбүт сирин сайдан кэлбит баай историятынан, хатыламмат ураты култууратынан уонна үйэлээх үгэстэринэн киэн туттар дьону сомоҕолуур дириҥ ис хоһоонноох бэлиэ күн. Бу улахан суолталаах күҥҥэ ааспыт кэм быыһын арыйан, өбүгэлэрбит Ийэ дойдубут кэнэҕэс кэскилин, бөҕө туруктаах буолуутун туһугар сыралаах үлэлэринэн үтүөнү-кэрэни айан-тутан үйэлээҕи оҥорбуттарын, хорсун-хоодуот быһыыларын махтана ахтабыт. Арассыыйа көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун уһансан олохторун толук уурбут, наука, култуура, искусство уонна дойдубут чэчирии сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит ытык дьоммут сырдык өйдөбүллэригэр сүгүрүйэбит.

Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ туһуламмыт стратегическай соруктары туруорар. Сүрүн суолталаах хайысхалартан биирдэстэринэн киһи ис кыаҕын арыйыы, Ийэ дойдуга, норуокка ытыктабылынан, сөҕүрүйбэт тапталынан салайтаран, уопсастыба иннигэр эппиэтинэстээх, патриоттуу өйдөөх-санаалаах личноһы иитии буолаллар. Биһиги дойдубут бөҕөргүүрүгэр, үүнэригэр-сайдарыгар, хас биирдии олохтооҕо сарсыҥҥы күнүгэр бигэ эрэллээх, көмүскэллээх буоларыгар дьулуһабыт.

Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну, үтүө туругу, бары саҕалааһыннаргытыгар үрдүк ситиһиини баҕарабын. Дьиэ кэргэҥҥэ – ил-эйэ, оттон сүрэххэ ­модун дойдубутугар таптал өрүү баар буоллун.

Арассыыйа күнүнэн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев

Recent Posts

  • Сонуннар

Быйыл 5 муоста тутуллан киириэҕэ

2025 сылга Саха сиригэр биэс муоста  тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэ куорат баһылыга үлэтиттэн уурайда

Өлүөхүмэ куорат баһылыга  Сергей Щебляков  бэйэтэ баҕа өттүнэн астаапкаҕа барда. Бу туһунан "Өлүөхүмэ" оройуоннааҕы хаһыат …

20 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Юрист сүбэтэ: Хамнаһа суох уоппускаҕа хайдах барылларый?

Ыйытыы: РФ Үлэ кодексын 128 ыстатыйатынан көрүллүбүт, хамнаһа суох уоппуска хайдах бэриллэрий? Үлэни биэрээччи үлэһит…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көмүс дуйдаах күһүҥҥэ көҕөрдүү үлэтин үгэнэ

Өр сылларга эргэ хаарбах дьиэҕэ олорбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) интэринээт-оскуола үс сыллааҕыта үс этээстээх таас саҥа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх генетическэй ыарыылары буллулар

Саха сиригэр 2025 сыл 8 ыйын устата кэҥэтиллибит неонатальнай чинчийии көмөтүнэн, түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сымыйа харчынан бырайыаһын төлөөбүт итиэннэ дьон малын уорбут киһи сууттанна

СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар  33 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тиэргэҥҥэ турар  «КАМАЗ-5410» массыынаттан…

2 часа ago