Эһигини үүнэн эрэр саҥа 2024 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан эҕэрдэлиибин! Саргылаах Саҥа дьылы, үгэс курдук, инникигэ үүнэр-сайдар кэскиллээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ бигэ эрэллээх, сырдык ыралаах көрсөбүт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олох араас эйгэтигэр үгүс уларыйыылаах, дьоһун түгэннэрдээх сыл ааһан эрэр. 2024 сылга буолуохтаах Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин – бу уустук кэмҥэ хас биирдии Арассыыйа олохтооҕун, норуоттарын, бүттүүн дойду дьылҕатын туһугар эппиэтинэһи сүгэр, кыайыы, сырдык олох иһин бэйэтин тула дьону-сэргэни биир сомоҕо түмэр кыахтаах киһини талар быыбар күнэ дьоһун суолталаах.
Өрөспүүбүлүкэбит уйгулаах олохтоох, бигэ туруктаах буоларын, чэлгийэ сайдарын туһугар ахсаабат кыһамньыларын аныыр, дьаныардаах үлэлэринэн тус кылааттарын киллэрсэр дьоҥҥо-сэргэҕэ махталбын биллэрэбин.
Элбэҕи эрэннэрэр, саҥа саҕахтары арыйар саҥа сылга чиргэл доруобуйаны, саҥаттан саҥа кирбиилэри, дьолу-соргуну, ыра санаа туолуутун, алаһа дьиэ сылаас тыынынан угуттуур үгүс үөрүүлээх түгэннэри баҕарабын.
Ытыктабылы кытта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕРЕМЕЕВ.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн –…
Бүгүн күн-дьыл хайдаҕый? Ханна ардыыр, тыалырар? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа туох диирий? Түүн арҕаа, киин улуустар…
Өлүөхүмэҕэ балаһыанньа билигин даҕаны уустугун уу түһэ илигэ туоһулуур. Билигин нэһилиэнньэҕэ бастакы ирдэнэр малы, ону…
Ил Дархан Айсен Николаев VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар ыытыллыахтаах эбийиэктэрин кэрийэн…
«Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар ыытыллар эбийиэктэригэр террортан куттал суох буолуутун хааччыйар кэккэ боппуруоһу анал хамыыһыйа…
Өлүөнэ өрүскэ муус харыыта тахсан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр уу таһыма үрдээн, Өлүөхүмэ улууһун хас даҕаны…