Салгыы
Алексей Еремеев: «Ил Түмэн VI ыҥырыытын дьокутааттара 619 СӨ сокуонун уонна 1284 дьаһалы ылыннылар»

Алексей Еремеев: «Ил Түмэн VI ыҥырыытын дьокутааттара 619 СӨ сокуонун уонна 1284 дьаһалы ылыннылар»

09.06.2023, 16:37
Василий Кононов (Ил Түмэн) хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 9 күнүгэр, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ биэрдэ. Спикер Ил Түмэн 6-с ыҥырыытын 2018-2023 сылларга үлэтин түмүгүн кэпсээтэ.

Алексей Еремеев Ил Түмэн 6-с ыҥырыытын дьокутааттара дойдуга уустук балаһыанньа, дьаҥ туруута, байыаннай дьайыылар, арҕаа дойдулар сааҥсыйаларын кэмнэригэр үлэлээбитин бэлиэтээтэ.

Ол да буоллар, ону аахсыбакка, Парламент 44 пленарнай мунньаҕы ыытта, 619 СӨ сокуонун уонна 1284 дьаһалы ылынна диэн спикер эттэ.

Итини таһынан Ил Түмэн 25 парламентскай истиини, 124 правительственнай чааһы, 128 төгүрүк остуолу уонна 10 аһаҕас истиини ыыппыт.

Саха тыла ураты миэстэни ылыа

2020 с. от ыйын 1 күнүгэр РФ Конституциятыгар уларытыылары киллэрии туһунан уопсай куоластааһынынан ылыммыппыт.

Ол чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэр уларытыылары ылыммыттарын туһунан спикер кэпсээтэ. Онон өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонугар икки төгүл уларытыы – 2021 с. ыам ыйын 26 күнүгэр уонна 2022 с.сэтинньи 24 күнүгэр киирбитэ. Ол курдук Төрүт сокуоҥҥа 17 ыстатыйаҕа уларытыылар киирбиттэрэ.

Онно биир сүрүн боппуруоһунан национальнай өрөспүүбүлүкэ буоларбыт уонна саха тыла иккис судаарыстыбаннай тыл буоларын  быһыытынан, төрөөбүт тылбытын өйүүр сыалтан, иккис тыынныыр соруга турбута. Ол түмүгэр,  Саха Өрөспүүбүлкэтин Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрии түмүгэр, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сокуоннара бары икки тылынан: саха уонна нуучча тылларынан ылыныллар буолбуттара.

Онон мантан ыла, улуустарга даҕаны, өрөспүүбүлкэ таһымнаах даҕаны тэрээһиннэр докумуоннара икки тылынан тахсар буолуохтара. Ол туоһутунан, бу сааскыттан маҕаһыыннарбыт, тэрилтэлэрбит ааттара сахатытыллыылара буолар.

Патриотическай иитии

Суруналыыстар “Патриотическай иитии туһунан” сокуону интэриэһиргээтилэр. Саха сиригэр ааспыт сыл муус устар ыйыгар “Патриотическай иитии туһунан” сокуон ылыллыбыта. Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев билиҥҥи кэмҥэ ыччаты патриотическай иитии улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.

«Ыччаты патриотическай иитии олуга, судаарыстыбаннай бырагыраама  уруккуттан баара, онно олоҕуран сокуон оҥоһуллан ылыныллыбыта. Бүгүҥҥү байыаннай дьайыы бара турар кэмигэр саамай сөптөөх», — диэтэ Алексей Ильич.

Аны оҕону, ыччаты патриотическай иитиигэ маннык сокуон федеральнай таһымҥа ылылларыгар эрэнэрин эттэ.

«Ыт сокуонун» уларытарга эрэл баар

Бүгүҥҥү пресс-кэмпириэнсийэҕэ «ыт сокуона» эмиэ таарылынна. Суруналыыстар экс-дьокутаат Михаил Эверстов 43-с пленарнай мунньах кэмигэр 6-с ыҥырыы дьокутааттара ханна наадалаахха сымнаан биэрдигит диэн сирэй-харах анньыбыттаах, ону кытары санаттылар.

Кырдьык, билиҥҥи кэмҥэ дойду үрдүнэн бу кыһалҕа буолла. Ол да буоллар, атын эрэгийиэннэр дьэ өйдөөн, туруорсан эрэллэрин Алексей Ильич быһааран кэпсээтэ.

«ХИФУ преподавателэ Сардана Слепцова адьырҕа ыттартан суорума суолланаатын кытары федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии бырайыагын оҥорбуппут. Ол эрээри атын дьокутааттар, эрэгийиэннэр өйөөбөккөлөр, уларытыы ааспатаҕа. Онно, баҕар мин, кырдьык, харизмам тиийбэккэ, бииргэ үлэлэһэр дьоммун ылыннарбатаҕым буолуо. Ол кэннэ төхтүрүйэн хас да суолунан анньа сатаатыбыт, билигин Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова уонна кэккэ эрэгийиэннэр өйөбүллэринэн хамсыах курдук буолла, бастакы ааҕыыны ааста», – диэтэ Алексей Еремеев.

Спикер барыта Арассыыйа элбэх субъега уонна Судаарыстыбаннай Дуума 80 дьокутаата өйөөбүтэ. Ол эрээри билигин даҕаны улахан киирсии бара турарын спикер бэлиээтэ.

Түмүккэ

Ил Түмэн 6-с ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттарын корпуһа быйыл олус элбэх сокуону ылыммыттара бэлиэтэннэ. Алексей Еремеев 2022 сыл сэтинньитигэр Судаарыстыбаннай Мунньах Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун дьокутаттарыгар биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарга саҥа схемалар бигэргэммиттэрин эттэ. Быыбардааччы элбэх сиригэр учаастактар кэҥээбиттэрин, кыраныыссалара  уларыйбытын быһааран кэпсээтэ. Итини таһынан «О статусе столицы Республики Саха (Якутия)» сокуон саҥаттан суруллуутун ылыммыттара бэлиэтэннэ.

Суруналыыстар Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевкэ араас хабааннаах ыйытыылары бары биэрдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: