Андрей Сорокин (СИА) хаартыската
Бүгүн, кулун тутар 29 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын II сийиэһин пленарнай мунньаҕын түмүгүнэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев санаатын үллэһиннэ.
Спикер ааспыт сылларга дьаҥынан сибээстээн, дьокутааттар сийиэстэрэ көһөрүллэн баран, быйыл ыытыллыбыта тоҕоостоох, дэлэгээттэр үс хайысханан “төгүрүк остуолга” сылдьан, кыһалҕаларын дьүүллэһэн рекомендация ылылынна диэн эттэ.
«Бүгүҥҥү пленарнай мунньахха “төгүрүк остуолга” турбут боппуруостар этилиннилэр. Ол түмүгүнэн муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын II сийиэһин дьиҥнээх, киэҥ ис хоһоонноох резолюцията оҥоһулунна. Онно муниципалитеттар кыһалҕалаах боппуруостара киирдилэр, федеральнай судаарыстыбаннай былаас уорганыгар, Ил Дархаҥҥа, Бырабыыталыстыбаҕа уонна Ил Түмэҥҥэ аадырыстанна. Биһиги ити докумуону ылынныбыт, салгыы өссө көннөрөргө быһаардыбыт. Дьэ, ол кэннэ бырагыраамалыыр докумуон буолан, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһа онон сирдэтэн үлэлиэ», — диэн эттэ Алексей Ильич.
Биллэн турар, дьокутааттар туруорсуулара, бүтүн нэһилиэк, улуус олохтоохторун кыһалҕата буолар. Онон дьокутааттар этиилэрэ ылыныллан, Саха сирин хас биирдии олохтооҕун олоҕун усулуобуйа тупсарыгар үлэ барыа диэн спикер эрэнэрин эттэ.
«Биллэрин курдук, билигин муниципальнай реформа бара турар. Биһиги өссө даҕаны олохтоох бэйэни салайыныы федеральнай сокуонун бүтэһик варианын көрө иликпит, ол гынан баран, сокуон ылыллыаҕа. Биһиги бу сокуоҥҥа элбэх этиилээхпит, ол иһигэр Судаарыстыбаннай Мунньахха көннөрүүнү киллэриигэ, ону көмүскүөхпүт», — диэн эттэ Алексей Еремеев.
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…
Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…