Ытыктабыллаах Михаил Ефимович!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суударыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэнин), депутаттарын куорпустарын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн – 85 сааскын туолбуккунан эҕэрдэлиибин!
Эн элбэх омуктаах Саха сирин норуоттарын ытыктабылын ылыаххын ылаҕын. Эн саха норуотун дьиҥнээх духуобунай лиидэрэҕин. Эн Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ буолан туран, билиҥҥи биһиги олохпут укулаатыгар уурбут тутаах киһибит буолаҕын.
1990 сыллаахха аан бастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнинэн талылларгар элбэх омуктаах Саха сирэ дьылҕатын, дойдутун сайдыытын эйиэхэ эрэ эрэммитэ. Ол ыарахан 90-с сылларга, эн үтүөҕүнэн, эн сылайары билбэт сыралаах үлэҕинэн, дьаныаргынан федеральнай киини кытары олук түһэрсиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ интэриэһин, чуолаан, биһиги Төрүт сокуоммутун, РФ Конституционнай сокуонун, 1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабары итиэннэ экэнэмиичэскэй суолталаах Саха сирэ уонна Арассыыйа икки ардыгар судаарыстыбаннай бас билиини араарыыга сөбүлэһиигэ илии баттаһыыны туруулаһыыга эн бигэ позицияҥ, тулҕадыйбат санааҥ тирэх буолбута.
Ити докуомуоннар бириэмэтигэр баттаһыллан өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ олоҕу хамсатар тэрилтэлэрэ – уруккута «Якуталмаз», билигин «АЛРОСА» АХ, «Якутскэнерго», «Якутуголь», «Якутзолото», «Сахателеком», о.д.а. тэрилтэлэр Саха сирин бас билиитигэр бэриллибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэбит ол кэмтэн ыла, бэйэтин сиригэр-уотугар бас билиитин дьаһайар хаһаайыстыбаннай-экэнэмиичэскэй сүдү быраабы ылбыта. Иккиһинэн, сиртэн хостонор баайтан киирэр нолуок үбүн бүддьүөккэ ылары ситиспиппит. Ити барыта эн өҥөҕүнэн уонна эйигин өйүүр хамаандаҥ үлэтинэн ситиһиллибитэ.
Эн улахан болҕомтоҕун социальнай боппуруостарга: доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, успуор, ыччат бэлиитикэтэ, култуура уурбутуҥ. Чуолаан, ол ыччат дьон өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар тирэх буолбуттара. Кадры бэлэмниир департамены тэрийэн ыччаттарбытыгар киин куораттарга үөрэнэр кыаҕы биэрбитиҥ. Дьэ ол үөрэттэрбит ыччаттарбыт кэлэн билигин дойдубут сайдыытыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…