Алексей Еремеев олохтоох салайыныыга тахсар уларыйыылары Нам нэһилиэнньэтигэр билиһиннэрдэ

Share

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бүгүн Нам сэлиэнньэтигэр  оробуочай сырыынан тиийдэ.

Үлэ сүрүн соруга – улуус дьонугар олохтоох салайыныыга сыһыаннаах федеральнай сокуоҥҥа киирэр уларыйыыларынан сиэттэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ ылыллыахтаах сокуон туһунан иһитиннэрии, быһаарыы.
А.Ф. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Нам улууһун олохтоохторо толору мустан, Алексей Еремеев олохтоох салайыныы сокуонун барылын саҥа балаһыанньаларын иһиттилэр. Спикер тыл этэригэр, баһылыгы талыы, боломуочуйаны тыырсыы уо.д.а. тутаах өрүттэри төрдүттэн сиһилии ырытан, өйдөтөн биэрдэ. Мунньахха улуус олохтоохторо, оройуон, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара дьокутаттар кытыннылар.
Тэрээһин аһаҕас кэпсэтии көрүҥүнэн ыытылынна, мустубут дьон уларыйыылар тула ыйытыылары биэрдилэр, санааларын эттилэр.

Олохтоох салайыныы сокуонун барыла сэтинньи 26-27 күннэригэр Ил Түмэн киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар бастакы ааҕыыга көрүллүөҕэ. Ахсынньыга бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын үһүс сийиэһигэр ырытыахтара.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

8 часов ago