Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев онус пленарнай мунньах түмүгүнэн уонна 2025 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан санаатын эттэ.
— Бүгүн уопсайа 51 боппуруос көрүлүннэ. 30-ча боппуруос бастакы ааҕыыга ылыллыбыта. Сорох боппуруостарга дьүүллэһии сэргэхтик ааспыта, ол эрээри онтон аҥарын иккис ааҕыыга ылынныбыт. Ол сокуон бырайыактарын бэлэмнээбит сис кэмитиэттэр хаачыстыбалаахтык үлэлээбиттэрин көрдөрөр. Бүгүҥҥү биир сүрүн боппуруоспут өрөспүүбүлүкэ кэлэр сыллааҕы бүддьүөтүн ылыы буолла. Парламент өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта улахан үлэни, икки ый иһигэр 2025 с. уустук кэмҥэ ырытан оҥордо. Бастатан туран, биһиги сокуонунан көрүллүбүт бары социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллара сатаатыбыт. Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан улаатыахтаах бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын баҕарарбыт курдук кыайан улаатыннарбатыбыт, ол гынан баран бырабыыталыстыбаны кытары сүбэлэһэн, судаарыстыбаннай бүддьүөтү чопчулуурбутугар, кыах көһүннэ даҕаны, бастакынан хамнаһы үрдэтиини быһаарыахпыт. Билиҥҥи бүддьүөт туругунан, биһиги саҥа социальнай эбийиэктэри инвестициялыыртан аккаастанныбыт. Урут биһиги 20-30 саҥа социальнай эбийиэктэри туттарар этибит. 2025 с. икки эбийиэк эбии тутуллуо уонна билигин тутулла турар эбийиэктэри салгыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, национальнай бырайыактары салгыы тутарга үбүлээһини көрүөхтээхпит. Үсүһүнэн, бүддьүөтү көрөрбүтүгэр хомунаалынай комплексы субсидиялааһыҥҥа ороскуот эмискэ үрдээһинэ уустуктары үөскэттэ. Ааспыт сылларга 20 млрд. курдук буоллаҕына билигин 50 млрд. кэриҥэр тиийдэ. Онон Ил Дарханы, Бырабыыталыстыбаны кытары бу салааҕа быһаарыныыны ылыахпыт. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү үһүс түһүмэҕэр эмиэ үбүлээһин тиийбэт, ол эрээри итиннэ үлэ барар. Олус улахан үлэ оҥоһулунна, биһиги дьокутааттарбыт, бырабыыталыстыба уонна Федеральнай Сэбиэт бүддьүөккэ кэмитиэтин чилиэнэ, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова федеральнай үбүлээһинтэн трансфер быһыытынан киирэр эбии үбү ылыыга күүскэ үлэлээбитин иһин махталбын тиэрдэбин.
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…