Сарсын, олунньу 29 күнүгэр, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар Анал этиитин оҥоруоҕа.
«Сарсын дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар Анал этиитигэр кэлэр алта сылга сүрүн соруктары бэлиэтиэҕэ», — диэн Ил Түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев санаатын үллэһиннэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, РФ Конституциятын 84-с ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ сыл ахсын дойду балаһыанньатын, судаарыстыба ис уонна тас бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын туһунан Федеральнай Мунньаҕар туһаайан этии оҥорор. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Федеральнай Мунньахха Анал этиитэ дойду сайдыытыгар олук уурар сүдү суолталаах докумуонунан буолар.
Кини онно анал байыаннай дьайыы тиэмэтэ – байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүлү, анал байыаннай дьайыы кэнниттэн байыаннайдар доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ көмөнү оҥоруу туһунан хайаан даҕаны бэлиэтэниэ диэтэ. Арассыыйаҕа 2024 сыл дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитинэн, Анал этиигэ эдэр уонна элбэх оҕолоох ыаллары эбии өйөөһүн боппуруостара эмиэ таарыллыахтара. Владимир Владимирович Путин дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна демография боппуруостарыгар аан дойду балаһыанньатын тупсарыыга болҕомтотун ууруоҕа.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…