Салгыы
Алексей Еремеев: «Үүнэр көлүөнэ өрөспүүбүлүкэбитин өссө сайыннарыах тустаах»

Алексей Еремеев: «Үүнэр көлүөнэ өрөспүүбүлүкэбитин өссө сайыннарыах тустаах»

Ааптар:
27.04.2023, 12:00
Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн сибээстээн “Сэмсэ санаа” биэриигэ  суруналыыс Чокуур Гаврильев  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевы кытары кэпсэттэ.

 

– Алексей Ильич, быйыл Ил Түмэн алтыс ыҥырыылаах мунньаҕа үлэтин түмүктүүр. Бу ыҥырыылаах мунньах кыа­йыытын-хотуутун, туох үлэни ыыппытын сиһилии билиһиннэр эрэ.

– Алтыс ыҥырыылаах мунньах уустук, ыарахан кэмнэргэ үлэлээтэ. Бары билэрбит курдук, икки сыл устата коронавирус пандемията буулаабыта. Аны билигин дойду үрдүнэн байыаннай эпэрээссийэ буола турар.

Биир сүрүн кыайыыбытынан Конституциябыт реформатын этэҥҥэ тиһэҕэр тириэр­диибит буолар. Арассыыйа Конституциятыгар 2020 сыллаахха дойдубут бэрэсидьиэнин көҕүлээһининэн улахан уларыйыылар киирбиттэрэ. Онтон сиэттэрэн Саха сирин Конституциятыгар 10-тан тахса ыстатыйаларга уларытыылары киллэрэрбитигэр, биллэн турар, мөккүөрдэр бааллара. Дьону-сэргэни, уопсас­тыбаннаһы кытта ити боппуруостарга элбэх кэпсэ­тиилэр ыытыллыбыттара. Ол түмүгүнэн уопсай тылы булан Конституциябытыгар сөптөөх уларытыылары киллэрдибит. Конституционнай  уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуоннарбытыгар эмиэ кэккэ уларытыылар киирдилэр. Бу уларыйыыларга өрөспүүбүлүкэ бэйэтин позициятын көмүскүүр ыстатыйаларын хааллартардыбыт. Ил Түмэн хонтуруоллуур эбээһинэһэ (функция­та) ол эбэтэр хонтуруол­луур сис кэмитиэтэ  оннунан хаалла. Иккиһинэн,  Счетнай палаа­табытын өссө күүһүрдэн биэрдибит. Конституционнай статус­танна.

Кыраныыссабытыгар, территориябытыгар эмиэ мөккүөр баар этэ. Тустаах ыстатыйаҕа этиллэринэн, ити өрөспүүбүлүкэ боломуочу­йата буолбатах, федеральнай этэ. Ону уларытыҥ диэн туруорсубуппут. Инньэ гынан, алтыс ыҥырыылаах мунньах итини оннунан хаалларда. Борокуратуураны кытта үлэлээн, уопсай тылы булан, сирбитин-уоппутун, кыраныыссабытын быһаарар боломуо­чуйабыт туһунан ыстатыйа Конституциябытыгар оннунан хаалла.

Социальнай төлөбүрдэргэ, үбү-харчыны түҥэтиигэ сыһыаннаах сокуоннарга бары өттүнэн сөптөөх уларытыылар киирэллэрэ ситиһилиннэ. Балары барытын бэрт тэтимнээхтик, уһаппакка-кэҥэппэккэ кэмигэр барытын оҥорон истибит.

Бэрэссэдээтэл буолан ба­ран, саха тылын көмүскүөхтээхпит, араҥаччылыах­таахпыт диэн позициялаах­пын. Бэйэбит өттүбүтүттэн сөптөөх көҕүлээһини тэрийбэтэхпитинэ уонна сокуоннарбытын, уураахтарбытын дьыаланы тэрийиини (делопроизводство) сахалыы тылынан ыыппат буоллахпытына, тылбытыгар-өспүтүгэр улахан боппуруос­тар, кыһалҕалар үөскүөхтэрэ диэммит, Конституциябытыгар уларытыыны киллэртэрэн (регламеҥҥа),  бу дьыл тохсунньу
1 күнүттэн Ил Түмэн туох-­баар үлэтэ барыта икки тылынан ыытыллар, суруллар буолла.  Туох баар мунньахтар, дакылааттар, сокуоннар, уураахтар, дьаһаллар бары сахалыы тылынан тылбаастаналлар.

Биир таһымнаах былаас

– Соторутааҕыта бэ­­рэстэбиитэллээх уорганнар иккис сийиэстэрэ буолан ааста. Тэрээһин хайдах ааста, сүрүннээн тугу дьүүллэстигит, быһаарыс­тыгыт?

– Иккис ыҥырыылаах си­­йиэс ыытыллар болдьоҕун биллэр төрүөттэртэн сыл­таан көһөрбүппүт. Онон быйыл кулун тутар бүтүүтүн эргин ыыттыбыт. Олохтоох бэйэни салайыныыга дьүүллэһэр боппуруостар хаһан да бүппэттэр. Үп-харчы, боломуочуйалары тыырсыыга уонна тэрээһин өттүлэригэр элбэх кыһалҕалар бааллар. Саамай сүрүнэ, Конституцияҕа уларыйыылар киирбиттэрин кэннэ олохтоох бэйэни салайыныыга улахан реформа буолан эрэр. Билигин сокуон барылын РФ Судаарыстыбаннай Дуумата бастакы ааҕыытын ылынан баран тохтотон турар. Онон боппуруоска син биир төннүөхпүт. Тустаах федеральнай сокуон таҕыстаҕына, өрөспүүбүлүкэбитигэр итиннэ сыһыаннаах сокуон ылыныахтаахпыт. Олохтоох бэйэни салайыныы биир таһымнаах буолуоҕа. Куорат уокуруктара, муниципальнай тэриллиилэр бары биир таһымҥа туруох­тара. Бу тула дьүүллэһиилэр бардылар. Былырыын киэҥ хабаан­наах дьүүллэһиилэр ыытыллыбыттарын Ил Түмэн барытын учуоттаан, бэйэтин этиилэрин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киллэрбитэ. Бүгүҥҥү туругунан, тоҕустан сэттэ ­этиибит ылыныллыах курдук.

Иккиһинэн этэр буоллахха, биллэн турар, кыаллыбат боппуруостар бааллар. Федеральнай сокуоннарга уларытыылары киллэриэххэ диэн этэллэр. Холобур, ити ыт да сокуона буоллун. Аны саамай улахан боппуруоспутунан үөрэхтээһин буолар. Билэргит курдук, былырыын ахсынньыга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 131-с федеральнай сокуоҥ­ҥа уларытыыларга илии баттаан турар. Мантан инньэ Үөрэҕирии туһунан сокуоҥҥа боломуочуйа эрэгийиэннэргэ ылыллан баран, төттөрү муниципалитеттарга бэриллиэн сөп диэн этиллэр. Бу боппуруоска аны күһүн төннүөхпүт. Биллэн турар, дьүүллэһэр, толкуйдуур боппуруостар бааллар. Тоҕо диэтэххэ, уопсай үөрэхтээһин олохтоох бэйэни салайыныыга сүрүн боломуочуйаларынан буолар. Кинилэр бүддьүөттэригэр саамай элбэх үп бу уопсай үөрэхтээһининэн көрүллэр. Ону субъект бэйэтигэр ылан баран, тустаах министиэрис­тибэнэн быһачча дьаһайтарар буоллаҕына, олохтоох бэйэни салайыныылар хайдах буолаллар диэн боппуруос үөскүүр.

Өссө биирдэ муниципальнай реформа туһунан тоһоҕолоон этиэм. Олохтоох бэйэни салайыныы сокуонунан нэһилиэк баар буолара, суох буолара быһаарыллыбат. Урут олох­тоох бэйэни салайыныы былааһа да ситэ үөскүү илигинэ, нэһилиэктэрбит бааллара, бүгүн да бааллар, сарсын да баар буо­луохтара. Олохтоох бэйэни салайыныы сокуона ити боппуруоһу хайдах да уларытар, быһаарар кыаҕа суох. Итиннэ туспа атын сокуоннаах­пыт – административнай-территориаль­най тутул туһунан диэн. Ол аата, биһиги хайдах администрациялаах, нэһилиэктэрдээх, улуустардаах, кыраныыссалаах буоларбытын атын сокуон быһаарар, түстүүр. Бу сокуон ыйыытынан, этиитинэн биһиги нэһилиэктэрбит бааллар. Онон нэһилиэк баһылыктара, олохтоохторо олох долгуйуо суохтаахтар.

Хоту улуустарга таһаҕаһы тиэйии

– Федеральнай үлэҕэ хоту улуустарга таһаҕаһы тиэйиигэ Ил Түмэн элбэх үлэни ыытта. Ол туһунан сиһилии кэпсээ эрэ. 

– Биир улахан ситиһиибитин хоту улуустарга таһаҕаһы тиэрдиигэ аналлаах сокуоммут бастакы ааҕыыны этэҥҥэ ааспыта буолар. Билигин биһиги бэйэбит этиилэрбитин киллэрэн иккис ааҕыытыгар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бу сокуону өрөспүүбүлүкэ 30-ча сыл устата туруо­руста. Сэбиэскэй Сойуус тутула суох буолбутун кэнниттэн ол эбэтэр кииннээн тиэ­йии суох буолуоҕуттан биһиги өрөспүүбүлүкэбит барытын бэйэтэ быһааран кэллэ ити боппуруоһу. Оттукпутуттан саҕалаан реестргэ киирбит аһы-үөлү, бородууктаны барытын өрөспүүбүлүкэ бэ­йэтэ тиэ­йэн-таһан олорор. Үтүмэн үп ороскуоттанар. Бүддьүөт кирэдьиит­тээһининэн улахан ноҕуруус­каны көрсөбүт. Элбэх этии­лэр киирбиттэрин кэнниттэн биир улахан мунньахха дойду­бут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин истэн, боппуруос федеральнай таһымҥа көрүллэн, тустаах сокуон оҥоһуллар кэмэ кэлбит диэн этэн туран, РФ Бырабыыталыстыбатыгар быһаччы сорудах биэрбитэ.

Маны олоххо киллэрии­нэн РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга минис­тиэристибэтинэн анам­мыта. Бу министиэристибэ биһи­гини кытта ыкса үлэлээбитэ. Арассыыйа үрдүнэн таһаҕас 50-тан тахса бырыһыана Саха сиригэр тиэллэр.

РФ Уһук Илини уонна Аркти­каны сайыннарыыга миниистирин 1-кы солбуйаач­чы Гаджимагомед Гусейнов  төһө даҕаны соҕуруу дойду  олохтооҕо буолбутун үрдүнэн, этинэн-хаанынан ылынан манна хаста даҕаны кэлэн, үлэлээн, хоту баран сыананы билэн-көрөн ырыппыта. Былырыын күһүн эмиэ кэлэ сылдьыбыта. Ол кэмҥэ уонтан тахса сенатор кэлэн барбыта. Тиксиигэ илдьэн нэһилиэнньэ хайдах-туох олорорун, маҕаһыыннарга бородуукта сыаната хайдаҕын-тугун көрдөрбүппүт. Оттук-уматык кэмигэр тиэрдиллибэтэҕинэ, хайдах буолар туруктаахтарын барытын өйдөөбүттэрэ.

Аны кыһыҥҥы суол диэн өйдөбүл ханнык да сокуоҥҥа киирбэккэ сылдьар. Ханнык да нормативнай аактаҕа суох. Балары барытын туруорсаммыт, куһаҕана суох со­­куон тахсан эрэр. Бу сокуон сүнньүнэн Хотугу муора суолун уонна тимир суолун өттүн хонтуруоллуур, быһаарар анал­лаах. Билигин ылыныллыахтаах эрэ диэнинэн салайтарабыт. Инники өттүгэр бу сокуо­ну тупсарыыга күүскэ ылсан үлэлиэхпитин наада. Ол эбэтэр биһиги бу хайысхаҕа федеральнай субсидияҕа наадыйабыт.

Федерация Сэбиэтигэр

– Былырыын ахсынньыга Федерация Сэбиэтигэр Ил Түмэн күннэрэ ыытыллыбыттара. Онно улахан мунньах буолан,  уураах тахсыбыта. Билиҥҥитэ бу уураах олоххо киириитэ хайдаҕый?

– Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбит көҕүлээһининэн тэриллибит хамсааһын. 2012 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ биир бастакынан көҕүлээн, эрэги­йиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын көрүү барбыта. Былырыын  ахсынньыга эмиэ Федерация Сэбиэтин Саха сиригэр анаммыт мунньаҕа буолла. Онно өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылыгар түбэспитэ бары өттүнэн тоҕоостоох буолан биэрдэ. Өскөтө урут федеральнай сокуоннарга ханнык уларытыылары хайдах киллэриэххэ сөбүй диэн туруорсар эбит буоллахпытына, бу сырыыга Ил Дарханы  уонна дьокутааттары кытта толкуйдаан баран, үп-харчы өттүгэр тохтуохха диэн быһаа­рыммыппыт. Онон уураахха эбийиэктэри тутууну ыытарга бигэргэтиинэн барбыппыт. Үлэни сыл устата ыытаммыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа бары министиэрис­тибэлэрин кытта бииргэ үлэлээн барытын бигэргэтэн, ити тустаах уураах таҕыста. Бу уураахха көрүллүбүт тутуулар уопсай сыаналара 200-чэ млрд солк. чугаһыыр. Онно биир бастакынан Өлүөнэ муос­татын тутуу киирэн турар. Муостабыт тутуутун аҥаара федеральнай бүддьүөттэн үбү­лэниэхтээх. Урут үс гына (федерация, өрөспүүбүлүкэ уонна тутааччы) үллэрэ сатыыллара.  Федеральнай суоллары ситимниир муос­та тутуутун аҥаара федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх диэн туруорсуубутун сенатордар өйөөтүлэр. Маны таһынан мэдиссиинэ улахан эбийиэктэрин киллэртэрдибит. Ол иһигэр Дьокуускайга инфекционнай балыыһа,  мэдиссиинис­кэй институт  үөрэнэр лабораториятын тутууларын. Итиэннэ “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии иитинэн уопсайдары өрөмүөннээһин, Сулҕаччы – Амма ха­­йысхатынан уот ситимин, аэропуортары саҥардыы, Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнэр куорпуһун туттуу боппуруостара  киирдилэр.

Федерация Сэбиэтэ уураа­ҕы таһаарда да ону күүстээхтик хонтуруоллуурун ааһан, бырабыыталыстыбаны аҕалан отчуоттаталлар. Онон биһиги кинилэри көмө оҥостоорубут, туруорсар боппуруостарбытыгар  ити уурааҕы таһаар­тарбыппыт. Бу сайын  бэс ыйыгар анал кэмитиэт Саха сиригэр кэлиэхтээх. Атыннык эттэххэ, уураах туолуутун, туох үлэ ыытылларын хонтуруоллуу кэлэллэр.

Дойдумсах буолуу

– Алексей Ильич, кэп­сэ­тиибит хайысхатын арыый уларытыахха. Патриотизм туһунан кэлиҥҥи кэмҥэ элбэхтик кэпсэтэр буоллубут. Судаарыстыба өттүттэн патриотизмы сайыннарыыга туох үлэ ыытылларый?

– Өссө 2005 сыллаахха гражданскай-патриотическай иитиигэ  судаарыстыбаннай бырагыраама оҥоһуллубута.  Арассыыйаҕа маннык бырагыраама ханна да суох этэ. Биһиги бастакынан “О патриотическом воспитании граждан” диэн  өрөспүүбүлүкэ со­­куонун ылынан турабыт. Бүгүҥҥү туругунан маннык федеральнай сокуон суох. Ити тугуй? Бастатан туран, киһи бэйэтин быраабын эрэ өрө туппакка, дойду национальнай интэриэһин эмиэ өрө тутуохтаах. Иккиһинэн, Украинаҕа тахсыбыт балаһыанньанан сирдэтэн көрдөххө, Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаны “сырьевой придаток” курдук көрө олорбуттарын курдук көрө олороллор. Дьиҥэр, Варшавскай дуогабар суох буолбутун кэннэ  НАТО байыаннай блок ыһыллыахтаах этэ. Бииргэ ырыынак эргииригэр киирэн, доҕордуу сыһыаннаах буолан, дьэ эйэ-дэмнээхтик олоруохтаах этибит буоллаҕа. Ону  кинилэр төттөрүтүн НАТО байыаннай блогун хааллараллар уонна Арассыыйа кыраныыссатыгар кимэн киирэн иһэллэр. Москваттан Киевкэ диэри массыынанан 800-чэ килэмиэтир. Дьокуускайтан  Нерюнгригэ курдук. Онон, Арассыыйа муннун анныгар НАТО байыаннай блога кэлэн олороро дьэ сүрдээх быһыы-майгы.

Үсүһүнэн, нуучча норуота – улуу норуот. Ол норуоту итинник мээнэ атаҕастыыр табыллыбат.  Украинаҕа  нуучча дьонун, нууччалыы саҥарар дьон тылларын бобон, иккис суортаах норуот оҥостубуттара. Улахан норуоттарга итинник сыһыаннаһар табыллыбат.

Мин манна туһаайан наар маннык холобуру аҕалабын. Былырыын Саха Өрөспүү­бүлүкэтин 100 сылыгар этэн турабын. Биһиги курдук ханнык судаарыстыбаҕа норуок­ка туспа өрөспүүбүлүкэ статуһун биэрэллэрий? Судаарыс­тыбаннай тыл статуһун биэрэллэрий? Оттон ити Украинаҕа нуучча тыла эрэгийиэннээҕи эрэ статустаах этэ, кэлин Үрдүкү Рада бэл ону суох гыммыта.

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө

– Кырдьык, биһиги улуу уолаттардаах буолан уонна нуучча судаа­рыс­тыбатыгар олорор буоламмыт, бэйэбит өрөс­пүү­бүлүкэлээхпит. Былы­рыын 100 сылбытын бэлиэтээбиппит. Бу статус саха норуотугар тугу биэрбитин туһунан Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаан өссө  быһааран биэрэриҥ буоллар.

– Биһиги Максим  Аммосо­вынан, Былатыан Ойуунус­кайынан, Исидор Бараа­хабынан, Степан Аржаковунан, Степан Василье­вынан киэн туттабыт. Кинилэр биһиэ­хэ өрөспүүбүлүкэни бэлэхтээбиттэрэ. Холобур, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ быйыл 100 сылын туолар. Тэриллэригэр “Бурятско-Монгольская Авто­номная Республика”  диэн этэ. Оттон биһиги тэриллэрбитигэр саамай улахан ситиһиибит диэн,  бу билигин тутан олорор сирбит-уоппут уонна территориябыт буолбута.  Оччолорго биһиги туспа оннооҕор административнай единица быһыытынан олорботохпут. Биһиги “Якутская Область Иркутской губернии” диэн этибит.

Олунньу 16 күнүгэр бас­таан ВЦИК “Об образовании Якутской АССР” диэн уураа­ҕа тахсар уонна хамыыһыйа тэриллэр. Ол хамыыһыйа сүрдээх элбэх үлэни ыытар. Бастатан туран, территориятын, сирин-уотун, кыраныыссатын быһаарсыбыттара. Аны былааһа хайдах буолуох­тааҕа бигэргэммитэ. Тэрээһин үлэтэ олус элбэх этэ. Ол барыта оҥоһуллубутун кэннэ, муус устар 27 күнүгэр дэкириэт тахсар. Бу хамыыһы­йаҕа Саха сириттэн собус-соҕотоҕун Максим Кирович Аммо­сов эрэ үлэлиир. Билигин архыып докумуоннарын ылан көрдөхпүтүнэ, үксүн мөккүөр кыраныыссаҕа уонна сиргэ-­уокка барбыт эбит. Түөлбэнэн олоруу туһунан кэпсэтиилэр тахса сылдьыбыттар. Сахаларга түөлбэлээн олорор сирдэринэн эрэ автономияҕа биэриэҕиҥ диэн санаа баар эбит. Ол аата чохтоох Нерюнгрибытыттан, алмаастаах Мииринэйбиттэн матыа эбиппит. Күүстээх үлэ ыытыллан, өссө улахан сири ылбыттар. Дьиҥэр, өссө улахан этэ, ону ити 1928 с. кэккэ киирсии түмүгэр Охотскай муораҕа тахсар суолбут быһыллан турар.

Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ статуһа кэлэр. Уобалас диэн этии эмиэ киирэ сылдьыбыт. Ону кэккэ табаарыс­тар туруорса сылдьыбыттар. Өрөспүүбүлүкэ статуһа судаарыстыбаннай статуһу биэрэр. Онно тирэҕирэн сайдыы үөскүүр. Ол  иһин дьэ судаарыстыбаннас диэн тыл хаалар.

Салгыы 90-с сылларга, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллаары турар кэмигэр, дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар тахсаннар, өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин статустарын туруорсаллар. Оччолорго Сойуус саҕана “административно-командная система” баар буолан, союзнай да, автономнай да өрөспүүбүлүкэлэр улахан быраап­тара суоҕа. Ол онно хамсааһын баран, өрөспүүбүлүкэбитигэр бас-көс дьонноох буоламмыт, ол иһигэр 1990 сыллаахха Михаил Ефимович Николаев Үрдүкү Сэбиэккэ бэрэссэдээтэллии олорон, декларацияны ылыналлар. 1992 сыллаахха өссө федеративнай дуогабарга илии баттаһабыт. Федеративнай дуогабар баттаһан дойдубутун ыһыллартан быыһаан турабыт. Атын өрөспүүбүлүкэлэр биһигини батыһан, ити дуогабар баттаммыта. Кэлин ити федеративнай дуогабар бириинсиптэрэ Арассыыйа конституциятыгар бигэргэммиттэрэ.

– Алексей Ильич, олохтоох кэпсэтии буолла. Түмүккэ, түгэнинэн туһанан, ааҕааччыларбытыгар Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэҕин тириэрдэриҥ буоллар.

– Саха сирин бары олохтоохторун итиитик-истиҥник бэйэм ааппыттан уонна Судаарыстыбаннай Мунньах аатыттан Өрөспүүбүлүкэ күнү­нэн эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ.

Бу сүрдээх улахан суолталаах бырааһынньык. Биһиги улуу убайдарбыт өрөспүүбүлүкэ буолар статуһу ситиһэннэр, биһиги баччааҥҥа диэри сирдээх-уоттаах, территориялаах, тыллаах-өстөөх, култуу­ралаах омук  быһыытынан кэллибит. Онон кэнэҕэски көлүөнэ өссө даҕаны маннык күүскэ бөҕөргөтөн, сайыннаран сылдьыах тустаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: