Ил Дархан Айсен Николаев СӨ олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан ыйааҕын бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар болҕомтоҕо ылан, анаан ырыталлар.
“Бэйэ аһа” бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбатын салайааччыта Алексей Герасимов бу суолталаах докумуон туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Олохтоох аһылыгы оҥорон таһаарыы — чэпчэки үлэ буолбатах. Биһиги, бу салааҕа үлэлэһэр дьон иннибитигэр, “куораты тугунан аһатабыт” диэн толкуй хайаан да турар. Ол да иһин, билиҥҥи уустук кэмҥэ, нууччалыы эттэххэ, «продовольственная безопасность” диэн өйдөбүл олус улахан суолталаах. Билигин сүөһү иитиитин эрэ тыа хаһаайыстыбатын сүрүн соругунан ааҕыы тутах толкуй. Сүрүн тэрилтэбит ааттыын да “Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ” дэнэр буоллаҕа. Онон дьон аһыыр боппуруоһун быһаарыы бастакынан туруохтаах. Олус уһун болдьохтоох кэлии бородууксуйа киин куорат маҕаһыыннарыгар толору. Биллэн турар, уһун болдьохтоох ас барыта сыты минньитэр “ароматизатордаах”, анал кырааскалаах. Буолаары буолан, бу – эт аһылык. Суута-таймата – киһини угуйар ураты. Бу харах баайыыта ас саха киһитин иһигэр-үөһүгэр сөбө суох. Өбүгэ саҕаттан сибиэһэй, иҥэмтэлээх аһы аһаан кэлбит дьон кэлии астааҕар бэйэбит ынахпыт, сылгыбыт этин ордоробут. Ол да иһин биһиги “Бэйэ аһа” тэрилтэбит олохтоох аһы оҥоруунан дьарыктанар. Бүгүҥҥү эттэн астаабыт аспытын сарсыҥҥы күнүгэр маҕаһыыннар атыылаабытынан бараллар. Саха киһитэ ол-бу тумалаах аһы ылыммат буолан, оҥорон таһаарар эт аспытыгар туус, луук, биэрэс эрэ эбэбит. Биһиги “чэгиэн аһылык” диэн оҥорор аспыт туох даҕаны кырааската, араас тумата суох аһылык буолар. Дьон бэйэтэ атыылаһан, амсайан, бородууксуйабытын билэн ылар буолла. Оҥорон таһаарбыт аспыт-үөлбүт Дьокуускайга 300-чэкэ маҕаһыыҥҥа атыыланар. Ааспыт сыл түмүгүнэн 85 туоннаҕа тиийэр олохтоох аһы оҥорон батардыбыт. Дьиэ кэргэнинэн хаһаайыстыба тэринии баар эбит, үлэ саамай көдьүүстээх көрүҥэ. «Бэйэ аһа» тэрилтэни оҕолорум салгыы сайыннарыахтара диэн тэрийбитим, олоххо киирэн эрэриттэн үөрэбин. Билигин олохтоох оҥорон таһаарыы бородууксуйатын элбэтиигэ кыыһым уонна күтүөтүм ылыстылар. Эдэр үөрэхтээх дьон быһыытынан олох саҥалыы көрүүлээхтэр. Онон ыччаттарбыт аныгы технологияны олоххо киллэрэн истэхтэринэ, Ил Дархан ыйааҕар ыйбытын курдук, олохтоох ас сонун көрүҥнэрэ олоххо киирэллэрэ чахчы. Биһиги, олохтоох аһы оҥорон таһаарар дьон, атыылаһааччы баҕатынан, тугу ирдииринэн үлэлиибит. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кэлиҥҥи кэмҥэ олохтоох астары батарар маҕаһыын элбээтэ. Бу – бэйэ бородууксуйатын дьон хамаҕатык атыылаһарын туоһута. Онон, бастатан туран, олохтоох оҥорон таһаарыы аһын элбэтэр туһуттан бэйэлэрэ да тарбахха баттанар тэрилтэлэри өйүөххэ наада. Маныаха олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан саҥа ыйаах биһиэхэ төһүү өйөбүлүнэн буолара буоллар. Биллэн турар, оччотугар оҥорон таһаарар бородууксуйабыт да көрүҥэ элбиэ этэ буоллаҕа. Онон бэйэ аһын оҥорон таһаарааччылары өйүүллэригэр эрэнэбит.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…