Дьокуускай куорат 392 сылын бэлиэтиир бырааһынньыктааҕы бырагыраамаҕа иллюзионист Алексей Гольдеров Теплай күөлгэ киһи олоҕор кутталлаах трюгу оҥоруохтааҕа киирэ сылдьар. Кини «Смертельный трюк» диэн кутталлаах нүөмэригэр аан дойдуга аатырбыт маг Гарри Гудини кутталлаах нүөмэрин хатылыахтаах. Ол эбэтэр, уу анныгар буочука иһигэр наручникка кэлгиллэн олорон, бэйэтэ онтон босхолонон тахсыахтаах.
Алексей Гольдеров «Саха сирэ» саайтыгар маннык кэпсээтэ:
— Буочукаҕа киллэрэн баран, илиибэр наручнигы кэтэрдэллэр, буочуканы хатыыллар уонна ууга тимирдэллэр. Тимирэн истэҕинэ, төттөрү ааҕыы саҕаланар. Ол ахсаан бүтэ илигинэ, мин тахсыахтаахпын. Соругум диэн ол. Биллэн турар, бу иннинэ эрэпэтииссийэлээбитим, син табыллар этэ.
Дьон бары Гарри Гудини трюга дииллэр, ону мин майгынныыр эрэ диэхпин баҕарабын. Фокуснигынан үлэлээбитим 18 сыл буолла, онон син уопуттаах, «компетентнай» киһи буоллаҕым дии. Гарри Гудинины уулаах буочукаҕа уган баран, баайаллар этэ, онтон босхолонуохтаах диэн, кинини күөлгэ да, муораҕа да тимирдибэттэрэ.
Мин санаабар, «пафостаан» саҥардахха, бу — устуоруйаҕа киирэр түгэн. Бэйэм кэннибиттэн туох эрэ суолу хаалларар курдук. Өрөспүүбүлүкэҕэ, бэл, Арассыыйаҕа манныгы ким да оҥоро илик. Үчүгэйдик табылыннаҕына, миигин бу өссө кынаттыаҕа, үрдүк ситиһиилэргэ, улахан идиэйэлэргэ тиэрдиэҕэ диэн эрэллээхпин.
Мин тоҕо итинник сэрэхтээх трюгу оҥоробунуй? Бастатан туран, тапталлаах куоратым төрөөбүт күнүгэр аныыбын, иккиһинэн, балаҕан ыйын 8 күнүттэн Саҥа дьыллааҕы шоубар билиэттэри атыылааһын саҕаланар. Дьокуускай Вегас курдук буолуо диэн ыра санаалаахпын.
Кутталлаах нүөмэри балаҕан ыйын 8 күнүгэр киэһэ 5 чааска Теплай күөлгэ көрүөххэ сөп. Биллэн турар, ГИМС иниспиэктэрдэрэ, миэдиктэр дьуһуурунайдыахтара.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038