Алексей Иннокентьев: «Биир ситим оҥорон үлэлээтэхпитинэ, уолаттарбытыгар хас биирдиилэригэр көмө тиийиэхтээх»
Бу күннэргэ Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмө ситимин оҥоруу боппуруостарынан командировкаҕа сылдьарын туһунан бэйэтин телеграм-ханаалыгар кэпсээтэ.
— Москваҕа СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Сандаминович Федотовтыын көрүстүм. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан көмө ситимин оҥоруутун тула кэпсэттибит.
Билигин Саха сириттэн барбыт уолаттарбытыгар көмө хас биирдиилэригэр тиийэрин наадатыгар барытын биир ситимҥэ киллэрэр үлэ бара турар. Ол курдук, Ньурба улууһуттан хас уол мобилизациянан, баҕа өттүнэн хантараагынан барбыттарын чопчуластыбыт. Ону кытта көмө барар хайысхатын сүбэлэстибит. Биир ситим оҥорон үлэлээтэхпитинэ, уолаттарбытыгар хас биирдиилэригэр көмө тиийиэхтээх.
Мин Украинаҕа Ньурбаттан анал набордары эбии көмө быһыытынан илдьэ баран иһэбин. Дойдуларын аһа, ийэлэрбит тикпит сылаас таҥастара күүстэригэр күүс эбиэ диэн эрэллээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: