Алексей Иннокентьев: «Көмө күүһүрэр»
“Уоппускатыгар кэлэ сылдьар байыаннай сулууспалаах Иван Д. көрүстүм. Этэҥҥэ дойдутугар кэлэ сылдьарын көрөн үөрдүм», — диэн Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев бэйэтин telegram-ханаалыгар кэпсээтэ.
— Уоппускатыгар кэлэ сылдьар байыаннай сулууспалаах Иван Д. көрсөн, этэҥҥэ сылдьарын көрөн үөрдүм. Байыаннай эпэрээссийэ сиригэр кэлиҥҥи сырыыбар бара сылдьан, Иванныын эмиэ көрсүбүтүм.
Онтон байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытары үгэс быһыытынан үлэ чааһын кэнниттэн көрүстүм. Туох кыһалҕалаахтарын, ыйытыылаахтарын, араас хабааннаах оҥоһуллар көмөлөр тула санаа атастастыбыт, дьүүллэстибит.
Көрсүһүүгэ тустаах тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ыллылар. Нэһилиэк баһылыктара ВКС нөҥүө холбоннулар. Антоновкаттан Александр Е. доруобуйатыгар эчэйии ылан кэлбит, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыттыыны ылла.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин дьиэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн оҥостоллоругар көмө бара турар. Оҕолоро үөрэххэ туттарсалларыгар байыҥкамаат ыспыраапка биэрэр.
Маны тэҥэ, колл-киин тэриниэххэ, психологическай көмөнү күүһүрдүөххэ наада диэн этиилэр киирдилэр. Онон салгыы көмөлөрү, өйөбүлү оҥорууга үлэлиибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: