Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар Ил Дархан Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүн өрөгөйдөөх тэрээһинигэр «Боотур» этэрээт хамандыыра Александр Колесовка Арассыыйа Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.
«Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа диэки буолааччылар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Алексей Колодезников санаатын үллэстэр:
— Аҕа дойду дьоруойа — Арассыыйа Дьоруойа — үрдүк ааты Александр Колесовка иҥэрбиттэрэ — бу Саха сириттэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар хорсуннарын-хоодуоттарын билинии буолар.
Бу Кыайыы иһин бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьар хас биирдии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун үрдүктүк сыаналааһын дии саныыбын.
Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар хас биирдии байыас үрдүк наҕараадата да, аата да суох — биһиэхэ улахан буукубуттан суруллар Дьоруой буолар!
Итини этэн туран, Александр Гаврильевиһы истиҥник эҕэрдэлиибин уонна өссө да салгыы бэйэҥ уопуккун тириэрдэргэр уонна эр санааланыы, хорсун быһыы холобурунан буоларгар баҕарабын!
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…