Алексей Колодезников Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар күөх төлөнү киллэрии боппуруостарын ырытта

Share

Чурапчы улууһугар «Сахатранснефтегаз» АУо салайааччыта Алексей Колодезников тэрилтэ эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыылаах сүбэ мунньаҕы ыытта. Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар күөх төлөнү салгыы киллэрии туһунан кэпсэттилэр.

«Быйылгы сылга гаас ситимигэр Өлөчөйгө 107 ыал холбонуоҕа. Лоомтукаҕа сүрүн утах тиийиэҕэ,  Сыымахха уонна Хорообукка бырайыактыыр үлэ саҕаланна.

Аллараа Бэстээххэ, Майаҕа, Хараҕа элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит саҥа түөлбэлэри гааска холбооһуҥҥа үлэ салгыы  ыытыллыыт былааннаатыбыт. Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут соруктарын олоххо киллэрэр биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэбит дьон-сэргэ олоҕун таһыма үрдүүрүгэр быһаччы дьайар, киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар. Ылыныллыбыт былааннар бар дьон үөрүүтүгэр олоххо киирэ турдунар», — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтин ТГ-ханаалыгар суруйда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

20 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago