Алексей Колодезников: “Саха сирэ социальнай гаастааһыны киллэриинэн 10 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр сылдьар”
Норуот дьокутаата, “Сахатранснефтегаз” АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар үлэтин кытта Ил Дархан уонна Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын үлэлэрэ тэҥҥэ баран иһэллэрин бэлиэтиир. Бу туһунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Парламеныгар ааспыт сыллааҕы судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарын үлэтин түмүгүнэн дакылаатын туһунан этэригэр иһитиннэрдэ.
Алексей Колодезников Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнин социальнай гаастааһын бырагырамаатын олоххо киллэрии былаан быһыытынан баран иһэрин эттэ. Кини 2024 сыл түмүгүнэн гааһы киллэриигэ былааны куоһарар сабаҕалааһын баарын ыйар.
“Маныаха Айсен Сергеевич Николаев бэлиитикэҕэ тус кыаҕа көстөр, 2022 сыллаахха “ликвидация дефицита в газовых сетях + социальная газификация” тутулунан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гааһы киллэриигэ комплекснай сыһыаны көрүү туһунан гаас үлэһиттэрин көҕүлээһиннэрин өйөөбүтэ. Кини сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн, баар утахтары кыахтарын кэҥэтиигэ гаас саҥа ситимин тутуунан дьэппииссиити туоратыыга сыллата үбүлээһин көрүллэр. Бу үлэлэр былырыын Нам улууһугар уонна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттара. Күн бүгүн үлэ Дьокуускайга барар уонна Бүлүү улууһугар саҕаланыаҕа. Бу көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан Уһук Илин уокурукка лиидэринэн уонна дойдуга 10 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэр” – диэн Алексей Колодезников эттэ.
“Биһиэхэ, дьокутааттарга Ил Дархан отчуотугар үгэс быһыытынан Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туруорар боппуруостара көстөрө суолталаах. Боппуруостар куоластааччылары уонна нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр түмүктэринэн түмүллэллэр. Бу курдук ньыма өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар уонна Ил Дархаҥҥа тус бэйэтигэр миэстэтигэр баар дьиҥ чахчы балаһыанньаны тириэрдии, нэһилиэнньэни өйүүр миэрэлэри тупсарарга, нуорма-быраап аакталарыгар уларытыылары, эбиилэри киллэрэргэ, туох эрэ уустук боппуруостары быһаарарга көдьүүстээх мэхэниисиминэн буолар” – диэн Алексей Колодезников бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: