Алексей Колодезников: “Саха сирэ социальнай гаастааһыны киллэриинэн 10 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр сылдьар”

Share

Норуот дьокутаата, “Сахатранснефтегаз” АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар үлэтин кытта Ил Дархан уонна Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын үлэлэрэ тэҥҥэ  баран иһэллэрин бэлиэтиир. Бу туһунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Парламеныгар ааспыт сыллааҕы судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарын үлэтин түмүгүнэн дакылаатын туһунан этэригэр иһитиннэрдэ.

Алексей Колодезников Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнин социальнай гаастааһын бырагырамаатын олоххо киллэрии былаан быһыытынан баран иһэрин эттэ. Кини 2024 сыл түмүгүнэн гааһы киллэриигэ былааны куоһарар сабаҕалааһын баарын ыйар.

“Маныаха Айсен Сергеевич Николаев бэлиитикэҕэ тус кыаҕа көстөр, 2022 сыллаахха “ликвидация дефицита в газовых сетях + социальная газификация” тутулунан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гааһы киллэриигэ комплекснай сыһыаны көрүү туһунан гаас үлэһиттэрин көҕүлээһиннэрин өйөөбүтэ. Кини сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн, баар утахтары кыахтарын кэҥэтиигэ гаас саҥа ситимин тутуунан дьэппииссиити туоратыыга сыллата үбүлээһин  көрүллэр. Бу үлэлэр былырыын Нам улууһугар уонна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттара. Күн бүгүн үлэ Дьокуускайга барар уонна Бүлүү улууһугар саҕаланыаҕа. Бу көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан Уһук Илин уокурукка лиидэринэн уонна дойдуга 10 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэр” – диэн Алексей Колодезников эттэ.

“Биһиэхэ, дьокутааттарга Ил Дархан отчуотугар үгэс быһыытынан Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туруорар боппуруостара көстөрө суолталаах. Боппуруостар куоластааччылары уонна нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр түмүктэринэн түмүллэллэр. Бу курдук ньыма өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар уонна Ил Дархаҥҥа тус бэйэтигэр миэстэтигэр баар дьиҥ чахчы балаһыанньаны тириэрдии, нэһилиэнньэни өйүүр миэрэлэри тупсарарга, нуорма-быраап аакталарыгар уларытыылары, эбиилэри киллэрэргэ, туох эрэ уустук боппуруостары быһаарарга көдьүүстээх мэхэниисиминэн буолар” – диэн Алексей Колодезников бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago