Алексей Колодезников: «Саха сирин олохтоохторун Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын»

Алексей Колодезников: «Саха сирин олохтоохторун Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын»

17.03.2024, 14:57
Хаартыска «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан
Бөлөххө киир:

Бүгүн – быыбар сүрүн, түмүктүүр күнүгэр, бэйэтин гражданскай ытык иэһин толорон, Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа салайааччыта, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластаата.

— Бүгүн мин гражданскай ытык иэспин толордум, сөптөөх хандьыдаакка – күүстээх уонна эрэллээх кэскил туһугар куоластаатым! Мин биир баартыйалаахтарбын, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөччүлэри уонна Саха сирин бары олохтоохторун Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын. Быыбардыыр учаастакка олус үөрүүлээх быһыы-майгы уонна хас биирдии киһи бэйэтэ эбээһинэһин чуолкайдык толорорун, куоластыыр сирдэр ирдэбилгэ эппиэттииллэрин бэлиэтиэм этэ.

Дьокуускай куорат үгүс учаастактарыгар быыбардыыр бүлүтүөннэри обработкалыыр комплекстар (КОИБ) турбуттар, ону көрөн баран 1996 с. Томпо улууһугар Дьабарыкы-Хайаҕа шахтаҕа үлэлии сылдьан Бэрэсидьиэн быыбарыгар дьэҥкир уурунаҕа куоластаабыппын санаан кэллим. Ол кэмҥэ бу дьэҥкир ууруна мэлдьи туһаныллара буолуо дии санаабытым. Билигин быыбардыыр хамыыһыйалар саҥа технологияларынан үлэлииллэр. Бу дойду сайдыытын биир көрүҥэ. Билигин биһиги дойдубут кырдьык – күүстээх уонна инникигэ эрэллээх!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: