Алексей Куклин: «Патриотическай иитии систиэмэтэ көдьүүстээҕин көрдөрдө»
Бу күннэргэ Хабаровскайга «Разговоры о важном для взрослых» диэн былаас уорганнарыгар уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ патриотическай иитиигэ анаммыт үөрэтэр сэминээр буола турар.
Федеральнай казначейство Саха сиринээҕи управлениетын салайааччы Алексей Куклин сэминээргэ кыттыытын туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Бу күннэргэ мин аан бастаан дойдубут инникитин кытта сибээстээх маннык улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кытынным. Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы чэрчитинэн, бу тэрээһин олус суолталааҕын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиэхэ кэнники сылларга оҥоһуллубут патриотическай иитии систиэмэтэ көдьүүстээхтик үлэлиир. Ол эрээри манна үрдүк таһымнаах, уопуттаах исписэлиистэр кэпсииллэрэ биһиэхэ саҥа билиини уонна олоххо туһаныллар ньымалары биэрэр. Долгутар боппуруостарга хоруйдары дьоҥҥо тиэртэххэ, сиһилии быһааран биэрдэххэ, сыалбытын ситиһиэхпит, бэрэсидьиэммит тула түмсүөхпүт уонна ханнык баҕарар утарылаһааччыны кыайыахпыт, төрөөбүт дойдубутун өссө күүстээх, кыахтаах оҥоруохпут диэн эрэнэбин, — диэн кини бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: