Салгыы
Алексей Павлов: «Аныгы үйэҕэ 65 саас – кырдьыы сааһа буолбатах!»

Алексей Павлов: «Аныгы үйэҕэ 65 саас – кырдьыы сааһа буолбатах!»

Ааптар:
23.10.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Саха дьонун көлүөнэлэргэ араарар элбэх бэлиэ баар. Мин өйдүүрбүнэн, олортон биир бигэ сурааһын – Алексей Павлов кэнсиэригэр сылдьан иэрийэ күлбүт саастаах көлүөнэ уонна кинини Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччытынан билэр эдэр дьон. Бу күннэргэ Алексей Прокопьевич 65 сааһын туолла. Бу үбүлүөйүгэр кини култуура диэйэтэлин быһыытынан икки бэйэ-бэйэлэриттэн балачча тэйиччи турар ситиһиилэрдээх. Хайдах артыыс дьылҕатын талбытын, тоҕо дьону күллэрэр үлэтин түмүктээбитин, инникигэ туох былааннааҕын “Саха сирэ” ааҕааччыларыгар анаан ыйыталастым.

 

“Өлүөсэ, сирэйиҥ бэрт босхо ээ”

Ийэлээх аҕам иккиэн учуутал идэлээхтэр этэ. Онон кыра эрдэхпиттэн уус-уран литератураны умсугуйан ааҕар киһи этим. Биирдэ, 6 кылааска үөрэнэр кэммэр, аҕам хантан эрэ тарбахха кэтиллэр куукула оонньууру аҕалбыта. Оскуола кэнсиэригэр быыс оҥорон, ол оонньуурбун тарбахтарбар иилэн “нүөмэр” көрдөрдүм. Билигин, хомойуох иһин, туох ис хоһоонноох айымньыны кэп­сээбиппин өйдөөбөппүн – “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммит тэттик кэпсээннэр этэ. Ону куукулабын “куоластаан” кэпсээ­битим көрөөччүлэрбин олуһун астыннарбыта. Ити артыыс буоларбар бастакы хардыым эбит. Итинтэн сиэттэрэн учууталым оскуолабытыгар “куукула тыйаатырын” куруһуога арыйбыта, мин “Чипполинам” бииргэ “сыанаҕа тахсар” аргыстардаммыта.

Оскуоланы бүтэрэр сылбар “туох идэни талабын” диэн сыта-тура бэрт өр толкуйдаабытым, эрэйдэммитим да диэххэ сөп. Арай биирдэ ийэм, “Өлүөсэ, сирэйиҥ бэрт босхо ээ, арай артыыска туттарсан көрдөххүнэ?” – диэтэ. Онно санаам чэпчии түспүтэ, “ээ кырдьык, оннук дьаһаныым” дии санаан, уоскуйан хаалбытым. Ити курдук, төрөппүттэрим алгыһынан артыыс дьылҕаламмытым.

Аҕам бэлэхтээбит куукулатын билигин даҕаны талисман быһыытынан илдьэ сылдьабын, таҥаһа-саба бүүс-бүтүн, арай сирэйин кырааската олоччу аалыллан хаалбыт.

«Дьаабы…  Дьиибэ…Дьээбэ» уонна да атыттар

Тута артыыска үөрэнэ барбатаҕым, бастаан ол кэм үгэһинэн төрөөбүт дойдум сопхуоһугар биир сыл оробуочайдаабытым, онтон аармы­йаҕа баран кэлбитим. Дьэ ол эрэ кэнниттэн Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи култуурунай-сырдатар училищеҕа “кулууп маассабай тэрээһиннэрин режиссера” диэн идэҕэ үөрэнэ киирбитим.

Ити үөрэххэ, дьиҥэр, режиссер буоларга үөрэннэҕим дии, артыыс үөрэҕим билигин даҕаны суох. Ол кэмҥэ учууталбыт Иван Иванович Бурцев “АТОС” (Агитационно-творческий отряд студентов) диэн айар кэлэктииби тэрийэн салайбыта. “АТОС” сүрүннээн агитбиригээдэ курдук үлэлиирэ, агитационнай хабаан­наах бырагырааманы сэргэ кэнсиэр бэлэмнээн оро­йуоннарынан гостуруоллуур этибит. Бу биригээдэҕэ аҕыйах оҕону сүүмэрдээн “АТОС”-ка ылбытыгар, хапсан хаалбытым. Онон сахам көрөөччүтүн иннигэр маҥнай 1979 сыллаахха “АТОС” састаабыгар сылдьан тахсыбытым. Аан бастаан эстраднай көр-күлүү монологтары онно сылдьан аахпытым.

Үөрэхпин бүтэрэн баран ойоҕум Матрена Степановна төрөөбүт нэһилиэгэр Чурапчы Хайахсытыгар кулууп дириэктэринэн ананан үлэлии тиийбиппит. Онно үлэлии сылдьан кыра кыралаан бэйэм нүөмэрдэрбин айбытым, көрөөччү сэҥээрэрин-сэҥээрбэтин тургутан, бырагыраама таҥыллан барбыта. 90-с сыллар саҕаланыахтарыттан 2000 ортотугар диэри «Дьаабы…Дьиибэ…Дьээбэ», «Дьэ, илэ бардыбыт!», «Бары үчүгэйи баҕаран туран…», «Уой, дьэ нака­саанньа…», «Күллэрээри, үөрдээри – олоххутун уhатаары» сольнай бырагыраамалар утуу-субуу тахсыбыттара.

Барыта бэйэтин кэмигэр

Олоҕум ити кэрчигэр юмор сүрүн үлэбит буолбута. Олоҕум аргыһын кытта Саха сирин эрэ буолбакка, Арассыыйа араас куораттарын тилэри хаампыппыт. Холобур, 1989 сыллаахха Матрена Степановна көҕүлээһининэн Кисловодскайга Эстрада артыыстарын Бүтүн Сойуустааҕы күрэхтэригэр тиийэн лауреат аатын сүкпүтүм. Онтон кэлэр сылга лауреаттар уонна дипломаннар күрэхтэригэр, Москваҕа тиийбиппит. Ити сыл Киевкэ “Юморина-90” бэстибээлгэ кыттыбытым. Оттон дойдубутугар кэрийбит нэһилиэктэрбитин ааҕа да барбаккын, сылдьыбатах сирбит ахсааннаах буолуохтаах.

1986 сыллаахха Улан-Удэҕэ Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрэн үрдүк үөрэхтэнэн баран Саха государственнай филармониятыгар эстрада артыыһын быһыытынан үлэҕэ киирбитим. Онтон, биллэрин курдук, филармония иһинэн “Наара суохтар” диэн ааттаах Эстраднай миниатюралар тыйаатырдара тэриллибитэ, 1992 сыллаахха бу тыйаатырбытыгар судаарыстыбаннай статус иҥэрбиттэрэ. 2000 сыллаахха Көр-күлүү тыйаатырыгар кубулуйбута, онтон 2008 сыл кулун тутарыгар “Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра” диэн саҥардыллан үлэлээбитэ. Ити курдук тыйаатырбыт аатын кытта дьарыга, хайысхата эмиэ уларыйбыта.

Көрү-күлүүнү идэ быһыытынан ылар буоллахха, манна “идэтийбит артыыс” уонна “сөбүлээн оонньооччу” диэн арахсыы суоҕун олох көрдөрдө. Билиҥҥи кэм биир ордук ирдэнэр артыыстарынан “стендап” жанрыгар үлэлиир дьон буол­лулар. Саха сиригэр бэйэлэрин биир дойдулаахтарын кулуупка күллэрэртэн саҕалаабыт талааннаах артыысстар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар киэҥ кэнсиэри тэрийэр буоллулар. Дьоҕус видеону уһулар оҕолор бастыҥнара улахан уус-уран киинэни устар кыахтаннылар. Ити барыта – бүгүҥҥү кэм бэлиэтэ.

Көрү-күлүүнү оҥорор идэ элбэх сыраны ирдиир, “иллэҥ кэм дьарыга” буолбатах. Кэм хорук тымырын тэбиитин чопчу кэтээн, сыанаҕа таһаараҕын, атыннык сатаммат. Ол иһин,  Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта буолуохпуттан ити идэбин тохтотон, олоччу атын хайысхаҕа үлэлээн барбытым.

Тыйаатыр олох тыынын батыһар

Билигин биһиги тыйаатырбыт репертуара киэҥ далааһыннаах – кырачаан көрөөччүлэрбитигэр анаммыт остуоруйалартан, улахан киһи буолаары сылдьар ыччакка анаммыт киһини толкуйдатар драмаларга тиийэ. Саха суруйааччыларын айымньылара, норуот остуоруйалара, аан дойду классиката, аныгы айымньылар, барыта бааллар. Бүгүҥҥү күн кыһалҕатыгар сөп түбэһэр айымньылары туруорар былааннаахпыт, холобур, Маргарита Алигер поэматыгар олоҕурбут “Зоя…” диэн Зоя Космодемьянская туһунан испэктээкпитин саҥалыы сыанаҕа таһаарыахпыт. Фадеев “Эдэр гвардиятын” туруорар былаан баар. Тыйаатырбыт олорор кэммит тыынын батыһар, хоруйдаһар. Хамсык кэмигэр, төһө даҕаны эрэпэтииссийэлиир, оонньуур сыаната да суох хаалбыппытын үрдүнэн (тыйаатыр саахалланар туруктааҕынан билиниллэн, дьиэтэ сабылла сылдьыбыта) «Кэргэннии Орловтар» диэн драманы туруорбуппут. Бу Максим Горькай 19 үйэҕэ турбут холера хамсыгын туһунан айымньытыгар олоҕурбут испэктээги биһиги режиссербут Антон Ботаков ту­­руорбута. Икки үйэ анараа өттүгэр буолбут алдьархай билиҥҥи кэми кытта дьүөрэлэһэрин көрөөччү олус сэргии көрсүбүтэ.

Саас туһунан

Мин оҕо эрдэхпинэ 65 саастаах оҕонньоттору күннэрин-дьылларын түмүктээри сылдьар тоҥхойо кырдьыбыттарынан ааҕаллар этилэр. Билигин бу сааһын сиппит киһи хаалбыт күнүн ааҕарын сүөргүлүү ис­­тиэххэ эрэ сөп. Биир кэмҥэ доруо­буйам лаппа мөлтүү сылдьыбыта. 2008 сыл күhүнүгэр гостуруолга бараары сырыттахпына, түөhүм дэлби аһы­йар буолбута, хаамтым да тута сылайабын, ап-аҕылас буолабын. “Хайыах баҕайыбыный?” диэн саараҥнаан көрөн баран, чэ, син биир бардым. Ол сылдьан үһүс күммэр хараҕым ирим-дьирим буолуор диэри ыалдьан суһаллык куораттаабытым. Онно көрөөт даҕаны балыыһаҕа ыыппыттара, сүрэҕим ишемияламмыт, тымырдарым бүөлэммиттэр этилэр. Онон сөбүгэр сүрэхпэр эпэрээссийэ оҥороннор, тыын­наах хаалбытым. Ити курдук тыын харбыалаһан, диетаҕа олорон, 58 киилэҕэ тиийэ ыран, нэһиилэ өрүттүбүтүм. Билигин туох даҕаны туспа диетаны күүскэ тутуспаппын эрээри, күн аайы таһыр­дьа хаамабын, ойохпунаан пааркаҕа күүлэйдиибин, чөл олоҕу тутуһабын. Онон дьүһүнүм-бодом да көннө, туругум да ту­­буста. Онон өссө да туруулаһар былаан­наахпын, айар, үлэлиир былаан элбэх. Аныгы үйэҕэ 65 саас – кырдьыы буолбатах! Билигин биир улахан оруолбун толорор “Беранже хоруол” испэктээги эрэпэтииссийэлии сылдьабыт, үбүлүөйбүн ити туруоруунан бэлиэтиибин. Саха тыйаатырын сыанатыгар алтынньы 21 күнүгэр көрдөрүөхпүт, кэлэн көрүҥ, ыалдьыттааҥ!

Ааптар хаартыскаҕа

түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: