Алексей Семенов: «Дьокутааттарга итэҕэйии – норуот былааһын мэктиэтэ»
Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара куорат мэрин талыы быыбарын уларытар туһунан сокуон барылын көҕүлээн оҥордулар. Бу туһунан «Улуус-медиа» иһитинннрэр.
Бу туһунан бэйэтин санаатын «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Алексей Семенов үллэһиннэ. Кини талыллыбыт норуот дьокутааттарыгар итэҕэйиэххэ наада диэтэ.
Алексей Семенов, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Алексеевскай территориальнай бөлөхтөн дьокутаат:
«Мин санаабар, Дьокуускай баһылыгын дьокутааттар талыылара сөптөөх, тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, кинилэри норуот бэйэтэ талар итиэннэ Төрүт Сокуон сиэригэр сөп түбэһэр уонна демократия принцибин толору тутуһар, инньэ гынан норуот былааһын көрдөрөр.
Ону таһынан, мэр быыбара демократическай альтернативнай ньыманан ыытыллыаҕа, Ил Дархан киллэрбит хандьыдааттарыттан талыллыа, мин саыахпар, өрөспүүбүлүкэ баһылыгар киирэр испиэһэккэ улахан сүүмэрдээһин барара саарбаҕа суох. Онуоха сүрүн киритиэрийинэн куорат салайааччыта хаһаайыстыбанньык уонна салайар хаачыстыбалаах буолуохтаах», — диэн дьокутаат бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат Дууматыгар мээри талыны куонкурус быһыытынан ыытарҕа дьокутааттар көҕүлүүллэр. Билиҥҥи кэмҥэ мээри быһа талыыны Абакантан, Анадыртан, Хабаровскайтан уонна ураты Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр уларытан тураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: