Салгыы
Алексей Стручков: тустуук, тутааччы, салайааччы

Алексей Стручков: тустуук, тутааччы, салайааччы

Ааптар:
14.09.2024, 14:00
Хаартысканы Дмитрий Егоров тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

“Дьол-көҥүл, норуот иһин күүс кыайарынан,
сүрэх баҕатынан үлэлииргэ бэлэммин”.
(Д.П. Коркин)

Мин бүгүн эһиэхэ, бэйэм бииргэ Чурапчы интэринээт оскуолатыгар үөрэммит уолум, тустуук Алексей Романович Стручков туһунан, кини олоҕун, успуортка ситиһиилэрин уонна талан ылбыт тутуу маастара идэтинэн элбэх ситиһиилэрин туһунан сиһилии кэпсиэхпин, сурукка тиһэммин бар-дьоммор тиэрдиэхпин баҕарабын.

Ким эрэ туһунан сиһилии суруйуоххун баҕарар буоллаххына, дьоруойун туһунан хайаан да үөрэтэн билиэхтээххин, кини төрдүн-ууһун, дьоннорун, өбүгэлэрин, төрдүлэрин-уустарын хайаан да билиэххин наада. Дьэ, ити сыалбын ситиһэр баҕа санааттан, эрдэттэн былаан оҥостон, быйыл сайын биир үтүө күн, Алексей төрөөбүт дойдутугар Төҥүлүгэ тиийэн, кини өбүгэлэрэ олохсуйбут сирдэригэр, ийэлээх аҕата олорбут алаастарыгар, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, үлэлээн-хамсаан олорбут дойдуларыгар, Доллу нэһилиэгин Нөмүгү уонна Бэрдьигэстээх диэн алаастарга тиийэ сылдьан, олохтоох саастаах дьону кытта көрсөн, атах тэпсэ олорон кэпсэтэн, ирэ-хоро сэһэргэһэн кэллим.

Ол сырыым түмүгүн сурукка тиһэммин, бииргэ үөрэммит уолум Алексей Стручков туһунан кэпсиэм иннинэ, кини төрдүн-ууһун туһунан кыратык билиһиннэрэн ылыахпын баҕарабын.
Ол курдук, Стручков диэн халыҥ аймах кимтэн төрүттээх, кимтэн хааннаах эбиттэрий диэтэххэ, ол маннык буолар.

Доллу нэһилиэгин биллиилээх аҕа уустартан биирдэстэринэн, Бэрдьигэстээх эҥэр ордук аакка-суолга киирбиттэр Баай Стручковтар буолаллар. Кинилэр аймах быһыытынан саамай халыҥнар, элбэх ыал буолан Нөмүгү уонна Бэрдьигэстээх алааһынан тэнийэн олорбуттар эбит. Бэйэлэрин кэмнэригэр оччотооҕу кээмэйинэн нуучча итэҕэлин эрдэ ылыммыттар, үөрэхтэниини атын ыаллартан эрдэ сөпкө өйдөөбүттэр, төрдүлэрэ үксүлэрэ үөрэхтээх, улуустарын туһугар элбэх үтүөнү оҥорбут дьоннор, ол иһигэр, кини хос эһэтэ, бэйэтин эһэтэ улуус, нэһилиэк кулубалара эбиттэр.

Ол курдук, Василий Алексеевич Стручков – Ыраахтааҕы дьаһалынан Мэҥэ улууһун баһылыга (1808-1811сс.). Кини уола Алексей Васильевич Стручков – нэһилиэк баһылыга. Онтон кини уола Дмитрий Алексеевич Стручков 1864 с. Мэҥэ улууһун уонна Доллу нэһилиэгэр старосталыы олордоҕуна, оччотооҕу Мэҥэ улууһун кулубата Николай Местников, 1865 с. балаҕан ыйын 4 күнүгэр “Мин ыалдьарбынан сибээстээн, Мэҥэ инороднай управатын родоначальнигынан Дмитрий Алексеевич Стручкову аныыргытыгар көрдьөһөбүн” диэн сурук суруйан, Дмитрий Алексеевич Стручкову-Миитэрэй оҕонньору кулубанан талбыттар. Итинник Дмитрий Алексеевич Стручков Мэҥэ улууһун кулубатынан талыллан баран, Нөмүгү алааһын өтөҕөр бастакынан чааһынай оскуола туттарбыт уонна куораттан нуучча киһитин кэпсэтэн таһааран, Доллуга бастакы оскуола үлэтин саҕалаабыт. Бу оскуолаҕа нэһилиэк ыччатын ким баҕалааҕы барытын үөрэттэрбиттэр. Оскуолаҕа үөрэммит ыччаттара салгыы куоракка киирэн, ол кэмҥэ сүрүн үөрэх тэрилтэтигэр реальнай училищеҕа үөрэммиттэр.

Үөрэхтэрин бүтэрэн баран, улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр кэлэннэр, салайар дуоһунастарга үлэлээбиттэр, оскуолаларга учууталлаабыттар.

Дмитрий Алексеевич Стручков-Миитэрэй оҕонньор 4 уоллаах эбит: Родион, Константин, Иван уонна Василий.

Кини улахан уола Родион Дмитриевич Стручков, уолбут Алексей хос эһэтэ, 1917 сылга диэри улуус кулубата. Кини барыта 9 оҕолоох эбит: Илларион, Еремей, Иван I, Иван II, Никон, Пелагея, Лүкүөрүйэ, Семен, Инноккентий.

Улахан уола Илларион Родионович Стручков, уолбут Алексей эһэтэ, Доллу нэһилиэгин кулубата. Кини 9 оҕолоох: Ольга, Роман, Прасковья, Елена, Ефим, Александр, Анастасия, Варвара, Анна.

Роман Илларионович Стручков, биһиги билэр уолбут Алексей төрөппүт аҕата, барыта 7 оҕолоох эбит: Михаил, Ефим, Настя, Александр, Алексей, Ксенья, Тоня.

Биһиги уолбут Алексей балаҕан ыйын 14 күнүгэр 1959 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр төрөөбүт.

Уолбут аҕата Роман Илларионович Стручков 1905 с. Мэҥэ улууһун Доллу нэһилиэгин Бэрдьигэстээҕэр төрөөбүт. Кини революция кэнниттэн Нөмүгүгэ Тардыы диэн артыалга бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, артыаллары холбооһун үлэтигэр олус көхтөөхтүк үлэлээбит. 1931 сыллаахтан Роман Илларионович салгыы милициянан, онтон атыыһытынан үлэлээбит.

1942 сыллаахтан Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, “Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт, дойдутугар 1946 сыллаахха Илин Японскай сэриигэ кыттан, автоматчиктар роталарыгар сылдьан, хас да куораты босхолоспут, ол кэнниттэн дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кини аата Москваҕа сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах “Поклонная гора” мемориальнай дуоскатыгар испииһэккэ киллэриллэн турар. Сэрии кэнниттэн “Энгельс” холкуоска көхтөөхтүк үлэлээн, сотору-сотору райсовет грамотатынан наҕараадаламмыт.

Нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттар эбит, ыһыахтарга 100 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэ эбитэ үhү диэн саастаах дьон кэпсииллэр.

Аҕата Роман Илларионович итинник үлэлээн-хамсаан, оҕолорун атаҕар туруоран баран, 1976 с. бу олохтон өлөн туораабыт.

Ийэтэ Куличкина Анна Иннокентьевна, олох эдэр эрдэҕиттэн эмиэ холкуос пиэрмэтин ыарахан үлэтигэр эриллэ сылдьан, тымныйан ыалдьан бу олохтон эрдэ бараахтаабыт…

Саастаах дьон этэллэринэн, ийэлэрэ хотонтон үлэлээн киирэн баран, дэлби тоҥнум диэн, наар оһох иннигэр кэлэн иттэ сатыыра эбитэ үһү. Итинник үлэлии сылдьан, кыра кыыһын оҕолоноот, улаханнык тымныйан, 1963 сыллаахха бу Орто дойдуттан олох эдэр сааһыгар бараахтаабыт эбит…

Онон сэттэ оҕо тулаайах хааланнар, аҕалара огдообо хаалан, оҕолорун барыларын иитэр кыаҕа суох буолан, аҕыйах ыйдаах кыра кыыстарын Тоняны уонна кыра уолу Алешаны оҕо дьиэтигэр ииттэрэ ыытарга күһэллибиттэр. Кыра кыыһы Бүлүүгэ, онтон Алешаны Өлүөхүмэ оҕо дьиэтигэр ыыппыттар. Онно тиийэн Алеша төрдүс кылааска диэри Өлүөхүмэҕэ, Токко диэн нэһилиэккэ оҕо интэринээт-оскуолатыгар үөрэнэр.

Ол кэнниттэн Төҥүлү интэринээт-оскуолатыгар олорон, бэһис кылааһы бүтэрбитин кэннэ, 1973 сыллаах күһүн үөрэх саҕана Рома Цыпандины, Егор Борисовы, Тима Баишевы, Сорокин Митяны уонна Алешаны, улахан убайа Стручков Михаил Романович, оччолорго физкультура учуутала, Чурапчы спортивнай тустуу оскуолатыгар илдьибит. Ол түгэни Алексей маннык диэн ахтан кэпсиир: “Тиийбиппит Дмитрий Петрович Коркин оҕолору дьарыктыы сылдьар этэ. Биһигини ыҥыран ылан баран, барыбытын үөһэ өттүбүтүн сыгынньахтаан, эргитэ-урбата сылдьан көрбүтэ, эппитин-сииммитин тутан-хабан ырыҥалаабыта уонна туһуннаран көрбүтэ. Ол кэмҥэ мин саамай кыралара, хачаайы көрүҥнээх этим. Атын уолаттары көрөн баран тутатына хаалларабын диэбитэ, миигин иһигэр улаханнык астыммата быһыылааҕа — тугу да саҥарбатаҕа. Кэлин убайым кэпсэтэн хаалларда быһыылааҕа. Онон улуу тириэнэргэ Коркиҥҥа тустуунан эрчиллэ хаалларбытыгар убайбар Михаил Романовичка махталым муҥура суох улахан!”.

Онон 1973 с. Алеша 6 кылааска Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар үөрэнэр буолбута. Бу оскуолаҕа тиийэн аатырбыт тириэнэр Д.П. Коркин салайыытынан тустуунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Сыыйа-баайа тустууга ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ. Ол курдук, бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Алеша Новосибирскай куоракка тиийэн Дальнай Восток уонна Сибиир зонатыгар оҕолорго тустан бастакынан чемпион аатын ылан кэлбитэ. Ити курдук оскуола сылларыгар араас күрэхтэһиилэргэ олус ситиһиилээхтик тустан киирэн барбыта.
Сэттис кылаас кэнниттэн Дмитрий Петрович аҕыйах уолу талан ылан, Керемясов Валераны, Кульбертинов Коляны, Сивцев Васяны, Васильев Аркадийы уонна Алешаны сайын биир ый устата хаалларан бэйэтэ дьарыктаабыта. Ол кэмҥэ, Хабаровскайдааҕы физкультурнай институт студена Анатолий Николаевич Константинов, сайыҥҥы сынньалаҥар (каникулугар) Дмитрий Петровичка кэлэн көмөлөһө сылдьар бириэмэтэ этэ.

“Күҥҥэ үстэ эрчиллэр этибит, күн аайы 10 км сүүрэрбит, спортивнай снарядтарга күүспүтүн хачайданарбыт, хайдах туран албас оҥоһулларын уонна туран эрэ (стойкаҕа) сүһүөхтэрин точкалара хайдах хамсыылларын быһааран биэрэрэ, киэһэтин бэйэтин кыра хоһугар киллэрэн киинэ көрдөрөрө. Hahaa сылайарбыт, үксүн дьиэтигэр илдьэн аһатара”, — диэн Алексей ити сайын күүстээх эрчиллиини барбытын бэлиэтээн кэпсиир.

Онтон ити күһүн Д.П. Коркин Махачкала куоракка Али Алиев оскуолатыгар талан ылбыт уолаттарын (Керемясов Валера, Кульбертинов Коля, Сивцев Вася, Васильев Аркадий, Скрябин Сергей, Борисов Борис уонна Алеша Стручков) илдьэн ый аҥаара эрчиллиигэ сырытаннарбыта. “Али Алиев хаста да кэлэн дьарыктаспыта. Бүтүүтүгэр Дагестан өрөспүүбүлүкэтин чемпионатыгар тустубуппут. Онно Валера Керемясов, Коля Кульбертинов, Аркадий Васильев уонна мин ыйааһыммытыгар бастаабыппыт. Итиннэ көстүбүтэ, биһиги сайын хаалан эрчиллибит түмүкпүт. Онон ол сайыҥҥы дьарык түмүгүн Дмитрий Петрович сыаналаабыт буолуохтаах. Билигин өйдөөтөххө, оҕолору эрдэттэн талар эбит, ити уолаттар бары эрдэ ССРС спортун маастара буолбуппут”, — диэн Алексей санаатын аһаҕастык этэр.

Алеша оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Белоруссияҕа Гродно куоракка Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии дьоруойа, генерал Дмитрий Михайлович Карбышев чиэһигэр ыытыллар, Бүтүн Сойуустааҕы турнирга ситиһиилээхтик тиийэн тустубута. Бу ааттаммыт турнирга Алеша олус табыллан тустан, улахан дьон ортотугар чемпион буолан, ССРС успуордун маастарын толорбута. Бу оскуола оҕолорун ортотугар улахан ситиһии этэ.

Бу турнир туһунан Алексей оскуола эрдэхтэн чугас доҕоро Николай Петрович Иванов кэпсиир: “1977 сыллаахха эдэрдэргэ Россия “Урожай” общество күрэхтэһиитигэр Ульяновскай куоракка Чурапчыттан, мин уонна Стручков Алексей туста барбыппыт. Ол саҕана Алексей онус кылааска үөрэнэ сылдьара, мин оскуоланы бүтэрэн Бөтүрүөбүскэ хаалан салгыы эрчиллэ сылдьар бириэмэм этэ. Бу сырыыга биһигини Константин Сергеевич Постников илдьэ барда. Бу күрэхтэһиигэ Сергей Скрябин уонна Кеша Зырянов биһиги иннибитинэ тиийбит этилэр. Бу манна ситиһиилээхтик тустан миэстэлэһэммит, салгыы сборга хааллардылар. Бу сбордана сырыттахпытына, биир үтүө күн маннааҕы “Урожай” общество тириэнэрэ Бурцев Егор биһигини ыҥыран ылла уонна эттэ: “Эһиги иккиэҥҥит аатыгар Гродно куораттан ыҥырыы кэллэ, проезкыт эҥин барыта төлөнөр, онно туста бараҕыт” — диэтэ.

Инньэ гынан Алексейдыын соҕуруу Белоруссияҕа Гродно куоратыгар айаннаатыбыт. Бу иннинэ син элбэхтэ араас куораттарга туста сылдьыбыт буолан, айанныырга син опыттаахпыт. Иккиэн Москва куорат нөҥүө айаннаан Гродно куоракка тиийдибит. Бастакы тиийбит күммүтүгэр аэропорт саалатыгар хоннубут. Ханна тиийиэхтээх сирбитин чопчу билбэппит. Аны күрэхтэһиибит субуота-өрөбүл буолар эбит, биһиги буоллаҕына эрдэ нэдиэлэ ортото тиийэн хааллыбыт. Хайыахпытый, куорат киин сиригэр барыахха диэммит, Главпочтамт дьиэтигэр тиийдибит. Ол аттыгар хата Ленин памятнига баар эбит, ол кэннигэр улахан кыраһыабай тутуулаах дьиэҕэ киирдибит, киирбиппит аан таһыгар харабыл милиция турар эбит. Киниэхэ тиийэн манна тустуу күрэхтэһиитигэр ыраах Саха сириттэн кэлбиппитин быһааран биэрдибит. Кэпсэтиигэ инники наар мин сылдьабын, Алексейым саҥата суох аттыбар сылдьар. Милиция кимиэхэ эрэ звоннаата. Өр өтөр буолбата, биир эдэр соҕус мааны таҥастаах киһи тиийэн кэллэ уонна бэйэтин билиһиннэрдэ. Кэлбит сыалбытын-сорукпутун истэн баран, олох долгуйуман, боппуруоскутун билигин быһаарыахпыт диэтэ. Кэлин билбиппит, олох даҕаны Обком партии дьиэтигэр киирэн турар эбиппит. Киһибит наадалаах дьонун кытта кэпсэтэ охсон, биһигини хара “Волга” массыынаҕа олордон, партийнай улахан үлэһит дьон түһэр уонна сынньанар дьиэлэригэр (пансионат) тиэйэн аҕалла. Бу манна биһиги этэҥҥэ икки хоннубут, сынньанар усулуобуйа диэн чахчы бу манна баар сирэ эбит этэ. Дьоммут бэйэлэрэ кэпсэтэн, күрэхтэһиибит буолуохтаах сиригэр пятница күн мандатнай комиссияҕа массынаҕа тиэйэн аҕалан биэрдилэр. Ити тухары били Обкоммут үлэһитэ аттыбытыттан олох арахсыбат, барытын кэпсэтэ, хонтуруоллу сылдьар. Ити күн түһүөхтээх сирбитигэр гостиницаны булларан, аны онно илдьэн киллэртээтэ. Биһиги аналлаах сирбитин булан дьэ уоскуйдубут. Нөҥүө күнүгэр субуота күн эрдэ ыйааһыҥҥа киирбиппит, Саха сириттэн бэйэбит тустуохтаах уолаттарбыт, дьэ саҥа айаннаан кэлбиттэр эбит. Аара дэлби задержкаланан айаннаан кэлбиттэр эбит. Билэр дьоммутун көрсөммүт үөрүү бөҕөтө буоллубут. Бу Бүтүн союзтааҕы турнирга бэйэм бииргэ Чурапчыга үөрэммит уолаттарым Егоров Кеша (г. Львов) уонна Аржаков Гриша (г. Минск) Черкашин Семен (г. Якутск) кэлэн тустубуттара. Бу турнирга биһиги саамай үөрбүппүт диэн, Стручков Алексей бастакы миэстэни ылан, спорт маастарын нуорматын эрэллээхтик толорбута. Онон Алексей Стручков интэринээт оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан маастар нуорматын толоруутугар мин чахчы тыыннаах туоһу киһи буолабын, “Под чутким контролем и руководством Обкома партии г. Гродно – диэн Николай Петрович күлэ-күлэ кэпсээнин түмүктүүр.

Интэринээккэ дьарык кэмигэр, аатырбыт тустууктарбыт, олимпиецтар Р.М. Дмитриев, П.П. Пинигин, А.Н. Иванов хайдах тусталларын, хас дьарык аайы Дмитрий Петрович киинэҕэ устубутун көрдөрөн, ырытан оҕолорго кэпсиирэ, үөрэтэрэ. Интэринээт оҕото барыта бу убайдарын барыларын кумир оҥостоллоро, астына киэн тутталлара. Алеша бэйэтэ кэпсииринэн, ССРС олимпийскай базаларыгар Стайкаҕа (Белоруссия) уонна “Цахкадзор” (Армения) базаларыгар эрчиллэр сбордарга убайдарын кытта бииргэ дьарыктана сылдьыбыт түгэннэрэ баарын астына кэпсээн ылар. Убайдара ол бииргэ эрчиллии кэмигэр уолаттарга наар күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар эбит.

Алеша саамай табыллан тустубут Александр Медведь бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга, Минскэй куоракка, тириэнэр Михаил Степанович Скрябин салалтатынан күрэхтэһэн, алтата тустан, утарсааччыларын барыларын ыраастык кыайталаан, “За лучшую технику” диэн бу турнир анал бирииһин ылан турардаах. Ити түгэни, тустууга ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэнэрэ Иван Сергеевич Ярыгин кини тустуутун көрөн баран, “Советскай спорт” хаһыакка маннык диэн интервью биэрбит: “Открытием турнира является Алексей Стручков из Якутии – будущая замена Романа Дмитриева”. “Кэлин ол хаһыаты ааҕан баран олус соһуйбутум”, — диэн Алексей билигин үөрэ кэпсиир.
1985 сыллаахха Орджоникидзе куоракка РСФСР чемпионата буолбута.

Бу күрэхтэһиигэ аатырбыт тустууктардаах Хотугу Осетия киин куоратыгар, Россия уобаластарын, кыраайдарын уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэриттэн барыта 200-тэн тахса чулуу бөҕөстөрө кэлэн тустубуттара. Бу күрэхтэһии уратыта диэн, манна бастаабыт уонна миэстэлэспит тустууктар, салгыы бу сайын Дьокуускай куоракка ыытыллар, ССРС чемпионатыгар кыттар быраабы ылыахтаахтар этэ. Ол иһин ыйааһын аайы хабыр хапсыһыылаар, күүстээх киирсиилэр буолбуттара.

Итинник улахан эппиэттээх түһүлгэҕэ, Уус-Алдан оройуонун “Лена” совхоз тутууга маастара, успуорт маастара Алексей Стручков 48 кг, Чурапчыттан тириэнэр, Россия инники чемпионаттарыгар иккис уонна үһүс буола сылдьыбыт, успуорт маастара Василий Алексеев 52 кг, ситиһиилээхтик тустаннар, иккиэн чемпион аатын ыланнар, кыһыл көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.

Бу улахан түһүлгэҕэ Россия чемпионатыгар Саха сирин сүрүн тириэнэрэ Александр Николаевич Иванов уолаттара хайдах тустубуттарай?

Кини этэр: “Мин бу уолаттарбар эрдэттэн олус эрэнэр этим, ол этиибин кинилэр түһэн биэрбэтэхтэрэ” – диир Александр Николаевич.

Ол курдук, саамай чэпчэки 48 кг ыйааһыҥҥа 13 бөҕөс кыттыбыта. Манна биһиги бөҕөстөрбүт А. Стручков — В. Климовскай (СГУ) бастакы эргииргэ утарыта тахсан тусталлар. Итиннэ тэҥ соҕус киирсиигэ Алексей Стручков 6:5 ахсаанынан хотор. Алексей иккис эргииригэр Москва уобалаһыттан кэлбит Валерий Корнилаевы (Сергей Корнилаев быраата) олох тулуппат, 13:1 ахсааны оҥорон, ыраас кыайыыны сурунар. Салгыы Тува бөҕөһүн О. Дамбажыгы баалынан лаппа кыайан истэҕинэ, аннараа киһи куота сылдьарын иһин, биһиги уолбутугар Алексей Стручковка ыраас кыайыыны биэрэллэр. Салгыы Дагестантан Ш. Абдурашидовы — 5:0, онтон И. Галкины (Чувашия) — 13:3 ахсаанынан кыайталыыр. Бүтэһиктээх кыһыл көмүс мэтээли былдьаһыыга, Алексей бэйэтин биир дойдулааҕын Степан Сивцевы — 6:4 ахсаанынан кыайан, бу ыйааһыҥҥа эрэллээхтик чемпион аатын ылбыта.

Бу күрэхтэһиигэ Уус-Алдантан сылдьар Степан Сивцев 48 кг тустан, үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта. Онон саамай чэпчэки ыйааһыҥҥа Алексей Стручков, Степан Сивцев иккиэн чаҕылхай тустууну көрдөрбүттэрэ.

Бу ааттаммыт тустууктарбыт Дьокуускайга буолуохтаах ССРС чемпионатын көрсө балачча үчүгэй бэлэмнээхтэрин уонна дьарыктаахтарын көрдөрбүттэрэ.

Саха сиригэр 1985 с. Дьокуускай куоракка ыытыллыахтаах ССРС чемпионата бу тиийэн кэлбитэ.

Бу чемпионакка Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмнэнии түмсүүтэ Мэҥэ-Хаҥалас нэһилиэгэр Төхтүргэ буолбута. Бу кэмҥэ совхоз дириэктэринэн Михаил Семенович Санников үлэлиир кэмэ этэ, инньэ гынан тэрээһин боппуруостара, аһылык хааччыллыыта уонна эрчиллэр услуобуйа барыта олус үчүгэй этэ.

Бу күрэхтэһиигэ Алексей бэлэмэ төһө да үчүгэй буоллар, кэккэ биричиинэлэр баар буоланнар, кини кыаҕын ситэри туһанан, толору кыайан тустубатаҕа. Ити туһунан Алексей миэхэ олус сонньуйан олорон кэпсээбитэ. Итинник соччото суох түгэннэр, көбүөр тула кэпсэтиилэр, тустуук олоҕор баар буолаллар эбит. Итинтэн сылтаан бу Сойуус чемпионатын кэнниттэн Алексей тустуутун тохтоппута уонна дойдутугар Төхтүргэ тиийэн эрчимнээхтик тутууга ылсан үлэтин саҕалаабыта.

Алексейы кытта дьиэтигэр чэйдии олорон, киһи ханнык хаачыстыбатын ордук сыаналыыгын уонна сөбүлүүгүн диэн ыйытыыбар, маннык хоруйдаата: “Чиэһинэй, үлэһит, дьулуурдаах уонна ыарахаттартан толлубат дьону сөбүлүүбүн” – диэтэ.

Алексей Романович кэпсиир: “1977 сыл Чурапчы спортивнай интэринээт оскуолатын онус кылааһы бүтэрэрбитигэр, Дмитрий Петрович дьиэтигэр ыҥыран аһата олорон, салгыы ханна үөрэнэ барарбытын ыйыталаспыта, онно мин Фрунзе куоракка инженер-механик үөрэҕэр барар санаалаахпын эппитим. Ону истэн баран тириэнэрэ Бөтүрүөбүс: “Баҕарбатаҕым да иһин Дьокуускайга үлэлии киирэр буоллум, онно даҕаны эйиэхэ сөптөөх үөрэх баар ини, үчүгэйдик толкуйдан”, — диэбитэ. Онон тириэнэрим этиитин быһа гыммаккабын, Саха государственнай университетыгар Инженерно-техническай факультекка баҕам хоту тутуу инженерин үөрэҕэр киирбитим уонна бу үөрэҕи 1984 сыллаахха этэҥҥэ бүтэрэн, тутуу инженерин идэтин ылбытым”? – диэн кэпсээнин түмүктүүр.

Хаартысканы Дмитрий Егоров тиксэрдэ.

Алексей бу талан ылбыт идэтинэн 1984 сылтан бэйэтин төрөөбүт дойдутугар Мэҥэ-Хаҥаласка тиийэн өр сылларга тутууга араас дуоһунастарга олус ситиһиилээхтик уонна тахсыылаахтык үлэлээбитэ.

Алексей Романович итинник үлэлии сылдьан, 2001 сыллаахха Государственнай сулууспа академиятын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, “Менеджер по управлению” диэн иккис эбии идэлээх буолар.

Алексей Романович тустуутун таһынан, талан ылбыт идэтинэн, тутуу салаатыгар үлэлээбит үлэтэ олус элбэх. Кини ханна да ананан тиийдэр, тутуу бөҕөтүн ыытан, араас улахан суолталаах дьиэлэри олоххо киллэрэн, сылдьыбыт уонна үлэлээбит сиригэр барытыгар, дьон хайҕалын эрэ ылбыт, тутуу салаатын тутаах үлэһитэ буолар.
Алексей Романович эппиэттээх тутуу үлэтигэр үлэлии сылдьан, Сахатын сиригэр туттарбыт улахан суолталаах тутуулара олус элбэхтэр.

Ол курдук, дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар барыта 16 тутууну тутан үлэҕэ киллэрбитэ, Амма улууһугар барыта — 4 объект, Чурапчы улууһугар — 4 объект, Орто-Халымаҕа — 16 объект.

Барыта 40 улахан объектары тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Бу барыта олус наадалаах уонна улахан суолталаах тутуулар этилэр, толору хааччыллыылаах аныгы дьиэлэр, оскуолалар, оҕо дьиэлэрэ, кулууптар, сыалай фермалар у.д.а. тутуулар.

Өр сылларга олоҕун спорт эйгэтигэр анаан, улахан ситиһиилэрин иһин уонна Сахатын сирин сайдарын туһугар таһаарыылаахтык, эҥкилэ суох үлэлээбитин сыаналаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ бэйэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадалаабыта.

Алексей Романович Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэ сайдыытыгар, билиҥҥи бириэмэҕэ салайар үлэҕэ бэйэтин дьоҕурунан олук ууруспут, төрүттэрин үлэлэрин дьоһуннаахтык салҕаабыт киһинэн буолар. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ, Доллу уонна Төҥүлү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга бочуоттаах тутааччыта, Орто-Халыма улууһун Сватай уонна Алыка-Күөл нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.

Маны таһынан, Алексей Романович Стручков 1995 с. Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннааҕы сэбиэтин депутатынан талыллыбыта.

2004 с. Мэҥэ-Хаҥалас улуустааҕы мунньаҕын норуотун депутатынан талыллан, комиссияҕа киирэн үлэлээбитэ.

Екатерина Захарова кэпсиир: “Алексей Романович Орто Халымаҕа 6 сыл үлэлээри, кырдьык даҕаны, үгүс тутууну ыыппытын ким да мэлдьэспэт. Бу кэмнэргэ нэһилиэк ахсын социальнай объектар тутуллан, дьон-сэргэ санаата бэттэх кэлбитэ, сэргэхсийии тахсыбыта. Ханна тутуу ыытыллар да, онно олох тыына уларыйар. Нэһилиэк, тыа сирэ биирдэ сырдыы, дьэндэс гына түһэр. Аны норуот тутуулара буолан улахан үп-харчы көрүллүбэт. Барыта дьону хамсатан, араас суббуотунньуктар көмөлөрүнэн. Маныаха дьону түмүөххэ, биир санааҕа аҕалыахха наада. Дьэ, маны барытын Алексей Романович кыайа тутан, Орто Халыма улууһугар үгүс тутуу ыытыллыбыта. Киһи санаатын күүһэ туохтааҕар да күүстээҕин Алексей Романович үлэтэ, олоҕо толору көрдөрөр. Мин убайбыттан сөҕөбүн уонна кининэн киэн туттабын. Олохпор кинини кытта билсибитим, алтыспытым дьылҕам бэлэҕэ.
Санаан көрдөхпүнэ, биир киһи холугар, элбэх да үлэ ыытыллыбыт эбит. Ону киһи кэлин биирдэ өйдүүр, сыаналыыр эбит. Алексей Романович саха киһитин быһыытынан сэмэй майгылаах, ол эрэн кини эппит тылыгар турар, эппиэтинэстээх, ылсыбыт дьыалатыгар бэриниилээх, ыарахантан толлубат кытаанах санаалаах, сүрдээх үлэһит киһи диэн Халыма дьоно сыаналыыллар.

Тутуу олох төрдө диэн мээнэҕэ эппэттэр. Алексей Романович туппут тутуулара кини аатын ыччаттарыгар, аймах-билэ дьонугар “Романыч”, “эһээ Өлөксөй” туппут дьиэтэ диэн аатын ааттата туруохтара диэн эрэнэбит”.

Алексей Романович Стручков Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга сайдыытын программаларын “2000 добрых дел 2000 года” уонна “За участие восстановительных работах по ликвидации стихийного бедствия РС(Я)” тус бэйэтэ олоххо киллэрсибитин иһин СӨ Президенын анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Ону таһынан социально-культурнай уонна успуорт тутууларын көхтөөхтүк олоххо киллэрсибитин иһин – Тыа хаһаайыстыбатын, Тутуу, архитектура уонна Спорт министиэристибэлэрин грамоталарынан наҕараадаламмыта, Нам, Чурапчы, Уус-Алдан уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын элбэх бэлиэ наҕараадаларын ылбыта.

Алексей Романович ыал буолан, икки кыыһы төрөтөн, икки сиэннэнэн, эһээ оруолун толорон, билигин төрөөбүт дойдутугар Төҥүлүгэ дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн быр бааччы олорор.

Быйыл күһүн Алексей Романович 65 сааһын туолар үбүлүөйдээх кэмигэр, биһиги кини чугас доҕотторо, кини туһунан кинигэ суруйан бэлэмниибит уонна бу күһүн балаҕан ыйыгар Д.П. Коркин “Коркинныы олоруохха! Коркинныы айыахха!” диэн быыстапкаҕа киниэхэ анаан стенд туруоран, кини олоҕун сырдатаары былааннана сылдьабыт.
Биһиги Өлүөскэни кытта Чурапчы интэринээт оскуолатыгар биир кылааска үөрэммит оҕолор, кини бу олоххо ситиспит улахан ситиһиилэринэн киэн туттабыт уонна уолбутугар баҕарыа этибит, бу эдэр тэтимин ыһыктыбакка, эрчимнээхтик сылдьан, уһун дьоллоох олоҕу олоруон!

Алексей Романович Стручков успуортка ситиһиилэрэ.

Алексей Романович Стручков көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, хапсаҕайга Саха сирин маастара.
ССРС уонна Россия тыатын сирин тустууктарын күрэхтэһиилэрин чөмпүйүөнэ (Кемерова, Минск).
Улахан дьоҥҥо Россия чөмпүйүөнэ (Орджоникидзе).
Эдэрдэргэ Россия күрэхтэһиитин иккис призёра (Новосибирск).
Оскуола оҕолорун ортолоругар Хотугу-Илин уонна Сибиир куораттарын чөмпүйүөнэ (Новосибирск).
Норуоттар икки ардыларынааҕы А. Медвель чиэһигэр турнир чөмпүйүөнэ (Минск).
Норуоттар икки ардыларынааҕы А. Алиев бирииһигэр турнир үһүс призёра (Махачкала).
Бүтүн Сойуустааҕы турнир Саха АССР министиэристибэтин бирииһигэр чөмпүйүөнэ (Якутск).
Бүтүн Сойуустааҕы турнир Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии дьоруойа генерал Д.М. Карбышев бирииһигэр күрэхтэһии чөмпүйүөнэ (Гродно).
Саха АССР күрэхтэһиитин икки төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна биэс төгүллээх призёра.
Хапсаҕайга Саха сиригэр ыытыллыбыт күрэхтэһиилэр үс төгүллээх чөмпүйүөннэрэ уонна хас эмэ төгүллээх призёра.

Алексей Романович Стручков успуортка кыайыыларын уонна ситиһиилэрин иһин ылбыт наҕараадалара:

— “За заслуги в развитии вольной борьбы РС(Я)” түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайына.
— Саха сирин успуортка Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэлиэтин “За заслуги в развитии Физической культуры и спорта РС(Я)” түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайына.
— “100-летие физкультурному движению в РС(Я)” бэлиэ хаһаайына.
— Саха АССР Обком партии грамотата.
— Саха сирин Президенын грамотата.
— Саха сирин Правительствотын грамотата.
— Саха сирин Физкультураҕа уонна Успуортка министириэстибэтин грамотата.
— Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах кинигэтигэр кини аата көмүс буукубанан суруллан киирбитэ.

Алексей Романович Стручков үлэтигэр ситиһиилэрэ.

1984 с. СГУ Инженерно-техническай факультетын тутуу идэлээх бүтэрбитэ.
2001 с. Хотугу-Илин Академияны “менеджер по управлению” үөрэнэн бүтэрбитэ.
Тутуу идэтинэн үлэтин 1984 с. саҕалаабыта.
1984-1992 с.с. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Дьоруой Ф.К. Попов сопхуоска тутуу маастарынан үлэлээбитэ.
1992-1995 с.с. — Мэҥэ-Хаҥаласка Төхтүр нэһилиэгэр “Холгума” холбоһуктаах хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлэ.
1995-1998 с.с. — Мэҥэ-Хаҥалас Майа нэһилиэгэр “МайяСтрой” тэрилтэ салайааччыта.
1998-2001 с.с. — Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун олорор дьиэ-уот фондатын салайааччыта.
2001-2003 с.с. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин уонна Правительствотын иһинэн тэриллибит “2000 добрых дел” тэрилтэ сүрүн үлэһитэ.
2003-2006 с.с. – ОАО “Востоктехторг” тэрилтэ дириэктэрэ.
2006-2009 гг. — Саха Өрөспүүбүлэкэтин Правительствотын иһинэн тэриллибит “Моя Якутия в XXI веке” Үтүө дьыала тэрилтэ сүрүн үлэһитэ.
2009-2012 с.с. – Орто-Халыма улууһун баһылыгын тутууга уонна архитектураҕа солбуйааччыта.
2012-2019 с.с. – Орто-Халыма МУП “Управление по капитальному строительству” тэрилтэ салайааччыта.
2019-2024 с.с. – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун МУП “ЖилСтройИнвест” тэрилтэ салайааччыта.

Дмитрий ЕГОРОВ,
Чурапчы интэринээт оскуолатыгар бииргэ үөрэммит уола,
СӨ наукатын уонна үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна,
общественник, журналист,
тустуу туһунан кинигэлэр ааптардара.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: