Алексей Татаев: «Боотурга» үөрэммиппит олус туһалаабыта»
Алексей Татаев – байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн кыттааччылар «Боотур» этэрээттэрин байыаһа. Кини хоту дойду тыйыс айылҕатыгар биһиктэнэн, томороон тымныытыгар, сытыы чысхааныгар хаарыллан, тоҥууну-хатыыны этинэн-хаанынан билэн улааппыт буолан, киэҥ-холку майгылаах киһи. Кини «Боотур» үөрэтэр кииҥҥэ бэлэмнэниини барыытын, байыаннай дьайыыга кыттыытын уонна хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар олоруу онно көмөлөспүтүн туһунан кэпсээтэ.
– Алексей, бастаан дойдуҥ, дьонуҥ туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Мин аҕам – эбээн, ийэм – дьүкээгир, Аллараа Халыма улууһун Андрюшкино бөһүөлэгин төрүт олохтоохторо. Мин эмиэ онно төрөөн, улаатан, ыал буолан олоробун, дойдубар үлэлии-хамсыы сылдьабын. Ийэм олох кыра эрдэхпинэ суох буолбута. Аҕам биэс оҕолоох аҥаардас хаалан, түөрт уолу, биир кыыһы бэйэтэ иитэн атахтарыгар туруорбута. Онон бары оҕо эрдэхпититтэн үлэлииргэ-хамсыырга, бултуурга-алтыырга үөрэммиппит. Аҕам билигин баар, этэҥҥэ олорор, сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн дуоһуйар. Мин уоллаах кыыс оҕолоохпун, номнуо бэйэлэрэ ыаллар, түөрт сиэннээхпин.
– Байыаннай дьайыыга сылдьыбыт эбиккин, хайдах барбыккыный?
– Баҕа өттүбүнэн барбытым. Үлэлии сылдьан, хайдах даҕаны олоҕу саҥа билэн эрэр оҕолор бараллара табыллыбат диэн, дойдубар Андрюшкиноҕа Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар маастарынан үлэлии сылдьан, начаалынньыкпыттан көрдөһөн, бэйэм оннубар маастарынан уолбун хаалларан баран, барарга санаммытым. Билигин уолум маастардыы сылдьар, мин операторынан үлэлиибин. Байыаннай дьайыыга барарбытыгар дойдубуттан икки буолан, Дьокуускайга кэлбиппит. Хантараагынан бараары толкуйдана сырыттахпытына, биир табаарыһым: «Мин «Боотур» этэрээккэ киирдим, биһиэхэ кэлиҥ», – диэн ыҥырбыта. Онон Андрюшкиноттан үһүө буолан «Боотурга» тиийбиппит. Ол кэнниттэн биһигини батыһан кэннибититтэн өссө биир дойдулаахпыт уол кэлбитэ.
– «Боотур» үөрэтэр кииҥҥэ үөрүйэҕи ылбытыҥ туһалаатаҕа?
– «Боотур» үөрэтэр кииҥҥэ үс ый эрчиллиини ааспыппыт, бары өттүнэн бэлэмнээбиттэрэ. Эт-хаан, өй-санаа, байыаннай дьыала, тактическай мэдиссиинэ, эбийиэктэри ылыы, куорат усулуобуйатыгар сэриилэһии үөрүйэхтэригэр үөрэппиттэрэ, сөптөөх бэлэмнэниини ааспыппыт. Биһиги ханна-туохха баран эрэрбитин өйдөтөр үлэни ыыппыттара. Бу үс ый бэлэмнэниини ааһарбытыгар кииҥҥэ баҕа өттүнэн барааччылар билсэн-көрсөн, бары бырааттыы курдук буолбуппут. «Боотурга» байыаннай үөрүйэхтэргэ үөрэммиппит олус туһалаабыта. Ол да буоллар, сэрии аата сэрии, өлүү-сүтүү, бааһырыы да элбэх буоллаҕа.
– Байыаннай дьайыыга кыттыыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Саха сириттэн 50-тан тахса буолан баҕа өттүнэн кыттааччылар «Боотур» этэрээккэ киирэн, ааспыт сыл тохсунньутугар тиийбиппит, биһигини «Барс-2» этэрээккэ холбообуттара. Биир дойдулаахтар төрдүөн барбыппыт. Үс уол тута разведкаҕа түбэспиппит. Бастаан, биллэн турар, долгуйуу да баар курдуга, онтон үөрэнэн бараҕын. «Юкар» диэн табаарыспыт үс ый буолан баран бааһыран госпиталга киирэн эмтэммитэ, онтон дойдутугар ыыппыттара. Эпэрээссийэлэммитэ эрээри, билигин даҕаны атаҕар оскуолактаах сылдьар. Сааһын бырыы да бадараан, суола-ииһэ быстар мөлтөх сир буолан, «Сокол» вездеход абыраабыта. Биһиги онно сырыттахпытына, Саха сириттэн «Сокол» вездеходтары ыыппыттара, ону бастакынан мин ыытар буолбутум. БТР-дар түөрт-биэс буолан итинник суолга алдьанан, түһэн, буксуйан хаалаллар этэ. Ол кэмҥэ биир табаарыспын кытары дьону-малы, бородууктаны, бааһырбыт дьону куттала суох сиргэ таһар этибит. Хата, ол кэмнэргэ дроннара туох сүүрэ сылдьарын билбэт быһыылаах этэ, онон балайда төттөрү-таары айаннаабыппытын кэннэ, «бултаһан» барбыттара. Бастакы квадроциклбын минометунан ытыалаан алдьаппыттара. Ол кэмҥэ куоһаахха ыстанан, тыыннаах хаалбыппыт.
– Бары позывнойдаах эбиттэр дии, эйигин ким дииллэр этэй?
– Позывнойум «Татай» диэн. Дьиҥинэн, өссө аармыйаҕа сулууспалыы сырыттахпына доҕотторум итинник ааттыыр этилэр. Онон тиийэн баран, тута ити ааппын ылбытым, бары ити ааппынан билэллэр.
– Оттон эйэлээх олоххо төннөргөр ыарахаттардаах буолуо, хайдах аһарынныҥ?
– Биллэн турар, бастаан кэлэрбэр ыарахаттардаах этэ. Хайдах эрэ барыта уларыйан хаалбыт, атын курдуга. Эмискэ уһукта биэрээт аптамаат көрдүүр, туох да хаххата суох, аһаҕас халлаан анныгар сытар курдук буолаҕын, элбэх киһи мустубут сиригэр сэрэнэ саныыгын. Билигин аргыый аҕай чөлбөр түһэн эрэбин. Төннөн кэлээт дьоммун кытары туох туһунан кэпсэтэрбин даҕаны билбэт этим. Билигин төһө эмэ үчүгэй буоллум. Дьоҥҥуттан тэлэһийэ уонна байыаннай дьайыыга сылдьан баран урукку олоххор төннүү уустуктардаах эбит. Оннооҕор миэхэ, орто саастаах, хоту тыйыс сиригэр хара тыаны тилийэ хааман, бултаабыт-алтаабыт киһиэхэ даҕаны ыарахаттардаах этэ. Мин арыгыны испэт, табаҕы тарпат, буһууну-хатыыны, олох оскуолатын ааспыт буоламмын, син чэпчэкитик ылыммытым. Куһаҕан дьаллыктарбын уонтан тахса сыллааҕыта быраҕаммын, чөл олоҕу тутуспутум, хара тыаны сатыы кэрийэ хаамарга үөрэммитим улаханнык көмөлөспүтэ. Оттон атын уолаттар тиийэн баран, быдан ыарырҕаппыттара.
– Өссө барар санаалааххын дуо?
– Билиҥҥитэ суох. Соторутааҕыта бараары гыммытым, ону кэргэним, чугас дьонум барыма диэн көрдөһөннөр хааллым. Ол эрээри Аҕа дойду көмүскэлигэр бары турунуҥ диэтэхтэринэ, тулхадыйбат санааны ылынан барыам.
– Алексей, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: