Алексей Тартыев: «Сахабыт сирэ сайдарыгар улахан болҕомто ууруллар»

Share

Бэҕэһээ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Владимир Путины кытта видео-сибээс нөҥүө кэпсэппитэ. Бу туһунан бэйэтин санаатын Ленскэй оройуонун Орто-Наахара нэһилиэгин баһылыга Алексей Тартыев санаатын үллэстэр:

— Бэҕэһээ видео-сибээс нөҥүө Ил Дархаммыт Айсен Николаев Владимир Путины кытта кэпсэппитэ. Бу кэпсэтиини олус диэн киэн тутта, астына иһиттим. Ил Дархан  Сахабыт сирэ стратегическай сайдыытын уонна киэҥ былааннары бигэргэттэ. Чахчы, Ленскэй оройуонугар олус элбэх тутуу үлэтэ бара турарын биһиги, олохтоохтор бары билэбит. Ол курдук баараҕай көстүүлээх, үрдүк саҥа дьиэлэр сыл ахсын дьэндэһэллэр. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан 2019-2025 сылтан оройуоммут киинигэр 123 000 кв.м дьиэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ аҥаардара номнуо көһөн саҥа дьиэҕэ  олороллор.

2023 сылтан Сахабыт сиригэр иккис улахан 550 МВттаах Новеленскай ТЭС тутуута саҕаланна. Бу бырайыак үлэлээн олохтоох дьоммутугар эбии элбэх үлэ миэстэтэ тахсан, өрөспүүбүлүкэбит эрэ сайдыыта буолбакка, бүтүн Арассыыйа сайдыытыгар төһүү күүс буолар. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич дойдубут өссө күүскэ сайдарыгар элбэх хайысхалары түмэн Владимир Владимировичка этиилэри киллэрдэ. Биһиги Сахабыт сирэ сайдарыгар улахан болҕомто ууруллар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago