Салгыы
Александр Поисеев: «Мин иитиллээччим Саха сирин хамаандатыгар мэтээли аҕалыа диэн эрэммитим»

Александр Поисеев: «Мин иитиллээччим Саха сирин хамаандатыгар мэтээли аҕалыа диэн эрэммитим»

27.06.2024, 22:22
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускайга «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһыгар тхэквондоҕа күрэхтэһии саҕаланна.

Уопсайа 14 хамаандаттан 88 спортсмен кытта сылдьар. Уолаттар – 48 кг, 55 кг, 63 кг, 73 кг, 73+ кг, оттон кыргыттар – 44 кг, 49 кг, 63+ кг бөлөҕүнэн кыттыахтара. Бүгүн тхэквондо көрүҥэр Саха сирин хамаандатыгар бастакы мэтээли Наталья Лазарева аҕалла. Кини тириэньэрэ Александр Поисеев бүгүн оҕолор үрдүк таһымнаахтык киирсибиттэрин бэлиэтээтэ.

— Бүгүн биһиги спортсменнарбыт үчүгэйдик кытыннылар диэххэ сөп. Александр Бочкарев бастакы рауҥҥа олох үчүгэйдик кииристэ, иккиһигэр ыарырҕатта, үсүһүгэр, хомойуох иһин, хоттордо. Анжелика Николаева эмиэ бастакы, иккис рауннарга үчүгэйдик киирсэн баран бүтэһигэр олох кыранан хоттордо. Оттон Наталья Лазарева олус үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэн, үһүс миэстэни ылла. Кини биһиэхэ дьарыктана кэлээтин, успуорка дьоҕурдааҕа биллибитэ. Олус үчүгэйдик үлэлиир, олус дьулуурдаах, күрэхтэһиилэргэ тиһиктээхтик бэлэмнэнэр.

Бастаан кэлэригэр сымнаҕас майгылааҕа, билигин дьулуурданна, тулуурданна. Бойобуой характерданан, сыалын ситиһэргэ үөрэннэ. Биһиги киниттэн итинник кыайыа диэн эрэммиппит. Биһиги оскуолабыт Саха сирин хамаандатыгар биир мэтээли аҕалбытыттан үөрэн, астынан турабыт. Тхэквондо көрүҥэр барыта 14 хамаанда кытта сылдьар. Саха сириттэн икки хамаанда кыттар, бүгүн бастакы хамаандаттан 10 спортсмен кытынна. Сарсын иккис хамаандаттан 3 уол уонна 3 кыыс күрэхтэһиэхтэрэ, кинилэр мэтээли ылыахтара диэн эрэнэбит.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: