Салгыы
«Аленушка» уһуйаан саллааттары өйөөн, элбэх аахсыйаҕа кыттынна

«Аленушка» уһуйаан саллааттары өйөөн, элбэх аахсыйаҕа кыттынна

Ааптар:
26.05.2023, 11:17
Ольга Степанова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар биир да тэрилтэ туора турбакка, бэйэлэрин көмөлөрүн киллэрэ олороллор. Ол курдук, Бүлүү куоратын «Аленушка» оҕону сайыннарар уһуйаан кэлэктиибэ уонна, бэл, кырачаан иитиллээччилэрэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр. Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Матрена Гаврильева үөрэх дьылын устата икки ыалга элбэх көмө оҥоһуллубутун, кэлэктиип икки төгүл күннээҕи хамнастарыттан 133 тыһыынча солкуобайы хомуйан тустаах счетка укпуттарын, «Мы вместе» бырайыакка кыттан, байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноругар таҥас хомуйуутугар көхтөөхтүк кытталларын туһунан кэпсээтэ.

— Ааспыт сыл балаҕан ыйыттан саҕалаан байыаннай дьайыыга ыҥырыллан Бүлүү куоратын «Аленушка» уһуйааныттан биир үлэһит уонна икки төрөппүт Ийэ дойдуларыгар суоһаабыт кутталтан көмүскүү барбыттара. Үһүөн инники кирбиигэ хорсуннук кытталларын биир дойдулаахтарбытыттан, дьиэ кэргэттэриттэн истэ-билэ олоробут. Биһиги үлэһиппит кулун тутар 22 күнүгэр демобилизацияланан кэлбитэ. Үһүөннэригэр Махтал сурук уонна үрүҥ көмүс харысхаллары дьиэ кэргэттэригэр туттарбыппыт.

Кэлэктииппит байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуттарга көмө буолар сыаллаах элбэх аахсыйаҕа кыттан кэллэ. Ол курдук, «Мы вместе» аахсыйаҕа ичигэс таҥаһынан, эминэн, туттар малынан, биир күннээҕи хамнаһынан кыттан саҕалаабыппыт. Дьиэ кэргэттэргэ ситиммитин быспакка көмө оҥоро олоробут. Муус киллэриитэ, олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууктатынан (эттэн оҥоһуктар, хортуоска) көмө, тэпилииссэ бүрүйүүтэ уо.д.а. курдук үлэлэри үмүрүтүүгэ көмө буолабыт. Биир дьиэ кэргэммит кыра оҕотун балтараа сааһын туолбутунан уһуйааммытыгар ылбыппыт.

Олохтоох дьаһалта бирикээһэ тахсыаҕыттан ыла буойуттарбыт оҕолоро усунуос төлөөбөттөр. Ону таһынан дьиэ кэргэттэри кытта иитээччилэр, психологтар ыкса үлэлэһэллэр. Ыам ыйын саҕаланыыта Мичийэ Тоокой Эгэнтэй кыыһа салайааччылаах психологтар кэлэн, үөрэх тэрилтэлэрин кэрийэн, элбэх көмөнү оҥордулар, оҕолору уонна төрөппүттэри кытта биирдиилээн үлэлээтилэр. Ол курдук, кинилэри Олоҥхо дьиэтигэр ыҥыраннар психологическай өттүнэн уйулҕаны чэпчэтэр, уоскутар сүбэлэри, дьарыктары ыыттылар. Икки күннээҕи хамнаспытын 133 тыһыынча солкуобайы уонна аһымал аахсыйаҕа киирбит 30 тыһыынча солкуобайы Бүлүү улууһуттан барбыт байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар арыллыбыт тустаах счетка уктубут.

Ольга Степанова хаартыскаҕа түһэриитэ.

Соторутааҕыта биһиги кэлэктииппит оҕолорбутун кытта аһымал кэнсиэри ситиһиилээхтик тэрийэн ыыттыбыт. Ол курдук, ыам ыйын 20 күнүгэр «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр «Аленушка» оҕону сайыннарар киин «Сыалбыт биир — Кыайыы!» диэн ааттаах аһымал отчуоттуур кэнсиэрин ыытта. Иитиллээччилэрбит төрөппүттэрин кытта сыл устатата үөрэтиллибит, элбэх ситиһиилэммит нүөмэрдэрин, музыкальнай жанр бары көрүҥүнэн сатабылларын үҥкүү, ырыа, хоһоон, оркестр, сценка көрдөрдүлэр. Бэл, икки-үс саастаах кырачааннарбыт улахан сыанаҕа тахсаннар, кыра саастан саҕалаан Ийэ дойдуга тапталы, киэн туттууну, бэриниилээх буолууларын көрдөрөннөр дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттарыттан үөрдүбүт.

Аһымал кэнсиэр түмүгэр байыаннай дьайыыга сылдьар икки төрөппүт, биир үлэһит хаартыскаларынан таҥан, Максим Маар «Хотугу хотойдор» ырыатыгар видеокилиип оҥорон көрдөрдүбүт уонна икки хорсун аҕа-буойуннарга кэлэктиип аатыттан Махтал сурук, үрүҥ көмүс харысхал туттардыбыт.

Кэнсиэргэ оҕо саадын иитиллээччилэрэ, үлэhиттэрэ бары кыттыбыппытын нэһилиэнньэ улаханнык кэрэхсээн, бэл, быыкаайык кырачаан оҕолор кыттыбыттарын сэҥээрбиттэрэ. Бу аһымал кэнсиэртэн киирбит уопсайа 34 400 солкуобай үбү Бүлүү улууһуттан буойуттарбытыгар тиксэрэллэригэр диэн көмө быһыытынан сотору байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар барыахтаах дэлэгээссийэҕэ биэрбиппит.

Бу маннык аһымал кэнсиэри хас биирдии үөрэх, үлэ тэрилтэтэ оҥорон ыыттаҕына, көмөбүт өссө элбиэ, кыайыы түргэнник кэлиэ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: