“Звезда” телеханаалга аатырбыт «Алеша» тааҥка экипаһын хорсун быһыыларын туһунан кэпсээтилэр. Телебиэриигэ хамандыыр Александр Леваков, ону тэҥэ Саха сириттэн Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев кытыннылар диэн, СИА суруйар.
Быйыл сайын “Алеша” тааҥка экипаһа хорсун быһыыта Арассыыйаҕа аатырбыта. Кинилэр өстөөх бронетиэхиньикэтин бэйэлэрэ эрэ үлтүрүппүттэрэ. Дьоруой-таҥкыыстар “Ищу своих” бырагыраамаҕа хорсун быһыыларын уонна да атын киирсиилэрин туһунан кэпсээтилэр.
Номоххо киирбит тааҥка хамандыыра, “Ласка” диэн позывнойдаах Александр Леваков тааҥкаларын бастаан ахсынньыга ылбыттарын быһыытынан “Дед мороз” диэн ааттааҕын туһунан кэпсээтэ. Оттон видео кэнниттэн “Алеша” диэн ааттаммыт. Тоҕо диэтэххэ, устууну ыыппыт подразделение бары тааҥкалары итинник ааттыыр.
“Алеша” тааҥка хорсун быһыыта киһини барытын долгуппута. Байыастар үгүс суругу уонна эҕэрдэлэри туппуттара, ол эрээри Шуяттан Маша Мельникова ыыппыт видеота олус долгуппута. Онно кини дьоруой-таҥкыыстарга анаммыт Раиса Бобер хоһоонун аахпыт.
Экипаж чилиэннэрэ биэрии кэмигэр кыысчааны уонна бу хоһоон ааптарын кытта көрсөргө баҕа санаалаахтарын эппиттэр. Биэрии ааптардара кинилэри студияҕа ыҥырбыттар.
Хоһоону айбыт Раиса Бобер (Вологда) репортаһы көрөн баран, бу хоһоону суруйарга быһаарыммытын эттэ. Байыаннай сулууспалаахтар ааптарга истиҥник махтаннылар.
Студияҕа Шуяттан Маша Мельникова эмиэ ыалдьыттаата. Кыысчаан хоһоону ааҕан баран, Арассыыйа бары оҕолорун аатыттан кинилэргэ махтанна уонна экипажка бүлүүс эһэчээни бэлэхтээтэ.
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…