«Сайдыс» сурунаал кырачаан дьоруойдара сонун бэлэҕи тутан үөрдүлэр

Share

Инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Саха сиринээҕи тэрилтэтин (И.В.Лебедева) «Сайдыс» литературнай-иһитиннэрэр уонна публицистическай сурунаалын 2-с нүөмэрэ соторутааҕыта бэчээккэ тахсыбыта.

Саха сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн, сурунаалга саҥа рубрика баар буолбут. Ол курдук, «Мин сөбүлүүр дьарыгым» диэн оҕолорго аналлаах рубрикаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор сөбүлүүр дьарыктарын сырдаппыттар. Манна Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас,  Сунтаар, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускайтан уопсайа 13 оҕо кыттыбыт.
Кыттыбыт оҕолор соторутааҕыта саҥа сурунаалы эрэ буолбакка, сурунаал эрэдээктэрэ Ньургуйаана Скрябинаттан уонна бу рубриканы спонсордыыр «Перспектива» ХЭУо дириэктэрэ Вадим Андреевич Анисимовтан бэлэхтэри  тутан, үөрүүлэрэ икки бүк үрдээтэ.
Саҥа рубриканы ааҕа олорон оҕолорбут барахсаттар ханнык да ыарахаттартан толлубакка, төрөппүттэрин уонна амарах санаалаах дьон өйөбүллэринэн талааннарын арыйарга дьулуурдаахтарын сөҕө-махтайа ааҕаҕын.


Холобур, Галя 1,6 сааһыттан гуашь, акварель, харандаас тутарга үөрэммит, 3 сааһыттан пластилины сөбүлээн туттар буолбут. Манна барытыгар ийэтэ дьарыктаабыт. Билигин Галя үөрэҕиттэн ордор иллэн кэмигэр  оскуола иһинэн ыытыллар быыстапкаларга, куонкурустарга уруһуйдарынан, пластилинынан оҥорбут араас дьикти айымньыларынан көхтөөхтүк кыттар. Элбэх ситиһиилээх. Кыысчаан быйыл сахалыы хоһоон күрэҕэр кыттан ситиһиилэнэн, дьонун үөрдэн турар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago