Аммаҕа XVII Олоҥхо ыһыаҕар «Кутуллар кылыһах-кырыымпа дорҕооно» күөн күрэс 150-ча кыттааччыны түмэн саҥа тутуллубут «Кылыһах-кырыымпа» түһүлгэҕэ көхтөөхтүк буолан ааста. Бу кыл устурууналаах кылыһах-кырыымпаҕа толорооччулар күрэхтэрэ Олоҥхо ыһыаҕар иккис төгүлүн ыытылынна. Бастакы күрэх Үөһээ Бүлүүгэ буолбута. Онно Василий Неустроев салайааччылаах “Кыл кылыһах” бөлөх Кылаан чыпчаал кыайыылаахтара буолбуттара, онтон Василий Алексеевич, норуокка биллэринэн Байаан Бааска, биирдиилээн толорооччуларга I Үрдэл үрдүк аатын сүкпүтэ. Онон быйыл дойдубар Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар кылыһах-кырыымпа дьиэрэтиитэ, төрүт дорҕооммут киэҥ далааһыннаахтык күргүөмүнэн оонньонон истиҥник дуорайбыта мээнэҕэ буолбатах, дириҥ суолталаах.
Быйылгы күрэскэ 10 бөлөх, 13 биирдиилээн толорооччу бэйэлэрин кыахтарын, бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. Кыттааччыларбыт таһымнара үрдээбитэ, тупсубута биһигини олус үөртэ. Күрэс ирдэбилинэн – бэйэ баҕатынан (репертуарыттан) сахалыы айымньы, иккиһинэн – сэрэбиэйинэн тутатына олоҥхоттон көстүүлэр-дьүһүйүүлэр, олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын матыыптаан иһитиннэрии. Кылыһах-кырыымпаһыттарым бары олус итэҕэтиилээхтик оонньоон үөртүлэр. Амма Бөтүҥүттэн уруккуттан ылсан оонньуур Петр Марков Үөһээ дойдуну көрдөрөрүгэр бэйэтэ көрөрдүүн-истэрдиин, оонньуурдуун көтөн хаалла, биһигини эмиэ “көтүтэн ылла”. Майаттан “Дьиэрэй” бөлөх Аллараа дойдуга чыскытан, хаһыытатан “рок” муусука тэтиминэн көрдөрөн барыбытын соһутта. Дьокуускай куорат “Айыы кыһата” оскуола бөлөҕө Айыыларын көстүүтэ турукка киллэрэн бары медитациялаан ылбыппыт. Биһиги кыл устурууналаах кылыһах-кырыымпабыт дьикти алыптаах дорҕооно истээччини эрэ буолбакка, толорооччуну эмиэ турукка киллэрэн, “көхсүн хараҕын арыйан” ураты таһымҥа таһаарар күүстээх. Толорооччу “мин маны сатыыбын” буолбакка, “мин маны эһиэхэ этиэхпин баҕарабын” диэн оонньоотоҕуна истээччилиин биир ситимҥэ киирэллэр.
Быйылгы күрэх Кылаан чыпчаал хаһаайынынан Нам улууһуттан Мария Григорьева-Маайа салайааччылаах “Нам кылыһах” бөлөх буолуоҕун буолла уонна 65 000 солкуобай харчынан сэртипикээт тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ, кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Бу өрөспүүбүлүкэҕэ төрүт дорҕоону тарҕатар, дэгэрэҥ доҕуһуолугар айымньылаахтык үлэлиир, биллэр-көстөр бөлөх буолар. Хас да сыл күүстээхтик туруулаһан, сөп хайысханы тутуһаннар үлэлээн күүтүүлээх кыайыылара Амма сиригэр кэллэ. Кинилэртэн мин элбэҕи күүтэбин, саха сиэрин-туомун дорҕоонугар үлэлиэхтэрин сөп дии саныыбын. Бу бөлөххө икки маастар Руслан Захаров уонна Андрей Осипов бааллар. Салайааччылара Мария Степановна бэйэтэ матыып айааччы буолан, айымньылара номнуо ыһыахтар доҕуһуолларынан буоллулар.
I лауреат үрдүк аатын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн Мария Иванова уонна Ульяна Ефремова салайааччылардаах “Дьиэрэй” бөлөх ылла уонна 50 000 солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Биэс сыллааҕыта тэриллэллэригэр үһүө буоллахтарына, бу күрэххэ элбээн, күүһүрэн, үнүстүрүмүөннэрин тупсаран кэлэннэр кыайыыны ситистилэр.
II истиэпэннээх лауреатынан Дьокуускай куораттан “Айыы кыһата” оскуолаҕа быйыл тэриллибит Уруйдаана Харитонова салайааччылаах бөлөх буолан, 30 000 солкуобайынан наҕараадаланна. Бу бөлөҕү биллэр муусукаан Айсен Кысылбаиков үөрэтэн өйүү сылдьар. Бөлөххө эдэр кэскиллээх кылыһах-кырыымпаны оҥорор маастардаахтар – Иннокентий Борисов. Биллэр фольклорист, уһуйааччы Анастасия Кардашевская бэйэтинэн бөлөҕү кытта үлэлэһэр, кинилэри дириҥэтэн, күүһүрдэн биэрэрэ үөрдэр. “Айыы кыһатыгар” кылыһах-кырыымпаҕа толорооччу 2 кылаас оҕолорун бөлөҕө баар. Сотору олору эмиэ истиэхпит диэн күүтэбит.
Быйыл саас “Кыл Саха” бөлөх ыыппыт күрэҕэр кыайбыт Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын Андрей Алексеев салайааччылаах “Чөмчүүнэ” бөлөҕө Олоҥхо ыһыаҕын улахан күрэҕэр III истиэпиэннээх лауреат буоланнар, 20 000 солк. сэртипикээти туттулар. Бу 7-8 кылааһы бүтэрбит үс уол кылыһах-кырыымпаларыгар дьиэрэтэн, хас да куолаһынан матыып таһааран элбэх киһини сөхтөрдүлэр.
Быйылгы күрэххэ Амма улууһугар төрөөбүт, сахабыт норуота тапталлаах ырыаһыттара, ырыа айааччылара Екатерина Захарова-Саха Күөрэгэйэ, Христофор Максимов, Ольга Иванова-Сидоркевич, олоҥхоһут Екатерина Иванова, Амманы ааттаппыт кырыымпаһыт-маастарбыт Илья Неустроев-Ырыа Ылдьаа аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ, биир дойдулаахтара харчынан анал бириистэри туруордулар. Аммаҕа кылыһах-кырыымпа сүрүннээччилэрэ Василий Неустроев-Байаан Бааска уонна “Кыл Саха” салайааччыта Анна Томская бэйэлэрэ эмиэ харчынан бириис анаатылар.
Христофор Максимов аатынан анал бирииһи (10 000 солк.) Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин “Дьиэрэй” бөлөҕөр дьүүллүүр сүбэ туттарда. Бу оскуола оҕолорун уонна ыччат бөлөҕүн быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар хас да көрүҥҥэ кыайыыны ситиспит Мичийэ Матвеева салайар. Бөлөххө күрэс саамай кыра кыттааччыта 7 саастаах Байдам Ксенофонтов сөбүлээн дьарыктанар.
Мин анал бирииспин (10000 солк.) Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин маастар-толорооччу Петр Машников салайар “Дорҕоон” бөлөҕөр анаатым. Бөлөххө 2016 сылтан култуура эйгэтигэр чугас дьон түмсэн дьарыктаналлар. Билигин тупсан, эбиллэн кэлэннэр олус үөртүлэр. Норуот ырыатын, тойугун, оһуокайын үчүгэйдик билэр киһи кыл кылыһахха толорууга бастыҥ буолар диэн Петр Спиридонович үлэтигэр тирэнэрин эттэ. Бэйэтэ эстрадаҕа чугас киһи төрүт дорҕооҥҥо ылсан, ситимнээн үлэлээн таһымнаахтык тыаһыыр, толорор бөлөҕү салайарын мин сөбүлээн, биһирээн иһиттим.
Элбэх ырыа ааптара, “Амма чэчирэ” ансаамбылы төрүттээччи, хатыламмат куоластаах Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич аатынан 5000 солк. суумалаах анал бириис Кэбээйи улууһун Ирина Кобякова салайааччылаах “Кырыымпа” бөлөҕөр барда. Кэбээйилэрбит инникитин өссө эбиллэн, тупсан кэлэллэригэр бу ааттаах-суоллаах Улуу киһибит бирииһэ кынаттаатын!
Миигин чурапчылар баҕаларынан, дьулуурдарынан, туруорбут сыалларын ситиһэ сатыылларынан олус үөртүлэр. Быйыл сааскыттан Чурапчыга өр сыл култуураны салайбыт Дмитрий Дмитриевич Поповтуун элбэхтик кэпсэппиппит, суруйсубуппут. Улахан бөлөх оҥороллорун кэпсээбитэ, онно ыҥыран үөрэттэриэн баҕарбыта, ол эрээри кыаллыбатаҕа. Чурапчы араас нэһилиэктэриттэн түмсүбүт Сардаана Макарова салайааччылаах “Айар кыл” диэн ааттаах бөлөх 22 буолан кэлэннэр олус соһуттулар уонна “Күргүөмүнэн толорооччулар” анал ааты (5000 солк.) ыллылар. Аммаларым саҥа тэриммит бөлөхтөрө бэйэлэрин итэҕэтиилээхтик көрдөрөннөр, истиҥник иһитиннэрэннэр Болугуртан Евдокия Платонова салайааччылаах “Сарыада” бөлөх “Кыл доҕуһуола” анал ааты (5000 солк.), Чапчылҕантан Валерий Кириллин салайааччылаах “Сиибиктэ” бөлөҕө “Саҥа ааттар” анал ааты (5000 солк.) ыллылар.
Бөлөххө охсор, үрэр үнүстүрүмүөннэринэн киэргэтиэххэ, күүһүрдүөххэ сөп буоллаҕына, соҕотоҕун толорууга барытын кыл устуурунаҕа көрдөрүөхтээххин. Дьиҥинэн, кыратык араас ньыманы эмиэ туттуохха сөп. Ону кылбытыгар сөбүлээн бэйэтигэр доҕуһуоллуурга холонон эрэр биллэр эдэр олоҥхоһуппут Анастасия Алексеева маастар-кылааска көрдөрбүтэ-иһитиннэрбитэ.
Аан бастакытын бэйэбит туспа түһүлгэлэммиппит биһиэхэ түмсэрбитигэр, алтыһарбытыгар элбэх кыаҕы биэрдэ. Онон, аммаларбар, улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын салалтатыгар, начаалынньык Иван Федорович Ивановка, исписэлиис Анна Михайловна Кириллинаҕа, түһүлгэбин тэрийбит Алтаннааҕы Валерий Ноев аатынан “Иэйии” Култуура киинигэр, дириэктэр Петр Петрович Неустроевка күөн күрэс олус истиҥ сахалыы эйгэҕэ тэрээһиннээхтик буолан ааспытыгар истиҥник махтанабын.
Киин уус-уран салайааччыта, түһүлгэбитин сүрүннээбит, Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытыгар Аммалыы оһуокайы таһаарбыт, барытыгар дэгиттэр талааннаах Альберт Неустроев дьүүллүүр сүбэҕэ тэҥҥэ үлэлэстэ. Ону таһынан Үөһээ Бүлүүгэ бастакы күрэхпит тэрийээччитэ, Олоҥхо тыйаатырын мусукаана Айсен Кысылбаиков олус көдьүүстээхтик үлэлээтэ. Алтаннааҕы оскуола учууталлара Акулина Герасимовна Неустроева, Вероника Карловна Адамова, Марфа Афанасьевна Оконешникова уонна психолог Галина Иннокентьевна Стручкова барытын кэмигэр толорон, суруйан улахан көмө буоллулар. Минньигэс сахалыы аһынан күндүлээбит, көрсүбүт Алтаннааҕы олохтоох дьаһалтаҕа, аҕа баһылык Николай Николаевич Карамзиҥҥа, түһүлгэбитин ситэрэн, киэргэтэн, толорон биэрбит Мичил Пахомовка, Василий Сутаковка уонна да атын үлэлэспит, өйөөбүт дьоммутугар махтал, таптал тылларын аныыбыт.
Түһүлгэбит Муона чараҥын ортотугар, сүрүн түһүлгэттэн чугас буолан элбэх киһи көрөн, сэргээн ааста. Күрэхпит саҕаланыытыгар Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников, култуура миниистирэ Афанасий Иванович Ноев, Амма улууһун баһылыга Степан Николаевич Кузьмин кэлэн истэн, сэһэргэһэн аастылар. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа, атын араас ТВ ханааллар, Москва, Санкт-Петербург, Дьокуускай куораттартан киинэ-архыып бөлөхтөрө тохтоло суох кэлэн төрүт дорҕоон эйгэтин элбэхтик уһуллулар. Онон, Аммаҕа үлэбитин өссө да көрүөхпүт, дорҕооммутун истиэхпит турдаҕа.
Эһиил Нерюнгри куоракка ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар тэрээһиммит таһымын түһэрбэккэ, кэрэхсэбилин сүтэрбэккэ ыытыллыаҕын баҕарабыт. Инникитин күрэхпитигэр оҕолору эмиэ киллэриэ этибит. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 800-чэкэ киһи кылыһах-кырыымпаҕа оонньуур. Соҕотох аммаларым Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытыгар 111 толорооччу буолан аммалыы матыыптары иһитиннэрбиттэрэ миигин дьоллуур, кынаттыыр. СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Афанасий Иванович Ноев инникитин 1000 толорооччуга тириэрдэрбитигэр сыал-сорук туруорда. Ону ситиһэргэ норуоппут уратытын көрдөрөр төрүт дорҕооммутугар өссө күүскэ, бэриниилээхтик үлэлиэх тустаахпыт. Быйыл ахсынньы ыйга кыл устурууналаах кылыһах-кырыымпаҕа үлэни тэниппит, сөргүппүт “Кыл Саха” бөлөх 10 сыллаах бастакы үбүлүөйбүтүгэр муусука уонна фольклор түмэлин кытта “Кылыһах-кырыымпа маастардара уонна толорооччулара” каталогы таһаарабыт. Онно хас биирдии улуустан бэйэҕит түөлбэҕитигэр олоро сылдьыбыт, билигин айа-тута сылдьар маастардаргыт уонна толорооччуларгыт туһунан иһитиннэриилэри алтынньы ыйга диэри күүтэбит.
Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кыл дорҕооно саҕаланыытыттан түмүктэниэр диэри баҕабыт хоту киэҥник, итэҕэтиилээхтик дуорайда, дьону үөрдэн астыннарда. Амматтан саҕалаан хас биирдии улууска төрүт дорҕооммут сүппэккэ-симэлийбэккэ кэҥии, сайда туруохтун!
Анна ТОМСКАЯ, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын “Кыл Саха” бөлөҕүн салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…