«Алгыстаах Арчы Дьиэтин күнэ» тэрээһин ыытыллыаҕа

Share

Саха норуотун үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, олоххо көрүүлэрин, итэҕэлин, норуот айымньытын араас хайысхатын үөрэтэр-чинчийэр, сырдатар, тарҕатар сыаллаах сахалыы эйгэлээх Арчы Дьиэтэ алгыстаах аартыгынан аанын арыйбыта, сүүрбэттэн тахса сыл буолла.

Баай ис хоһоонноох, араас хайысхалаах, култуура эйгэтигэр саҥалыы тыыннаах тэрилтэ бүгүҥҥү күҥҥэ айар үлэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарар, билиһиннэрэр туһуттан балаҕан ыйын 22 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Доҕордоһуу дьиэтигэр, «Алгыстаах Арчы Дьиэтин күнэ» ыытыллар.

Тэрээһин айылҕа уларыйар, кыстыкка киирии кэмин баттаһан, күһүн уонна кыһын тэҥнэһэр кэмин тутуһан, ис эйгэни тэҥниир, ис туругу тупсарар, арчыланар алгыстан саҕаланыа. Алгыһы ытыктанар-убаастанар Алгысчыппыт, төрүт култуураны дириҥник билэр, норуокка тарҕатар, ыччакка уһуйар Афанасий Семенович Федоров анаан-минээн оҥоруоҕа.

Тэрээһин хас да түһүмэхтэн турар. Ол курдук, Арчы Дьиэтин иһинэн ыытыллар тэрээһиннэр сүрүн хайысхаларын арыйар «Саха санаата” бырайыак кыттыылаахтара, Арчы Дьиэтин консультативнай сүбэтин чилиэннэрэ, саха норуотун төрүт култууратын, сиэрин-туомун, тылын-өһүн чинчийээччилэр, үөрэтээччилэр, норуот билиниитин ылбыт учуонайдарбыт — устуоруйа билимин доктора, бэрэпиэссэр Р.И.Бравина; философия билимин доктора, бэрэпиэссэр А.С.Саввинов; устуоруйа билимин хандьытаата Н.К.Данилова сиэр-туом, үгэстэр, итэҕэл тула кэпсэтиэхтэрэ, ыйытыктарга эппиэттиэхтэрэ.

Өбүгэлэрбит биир сүдү нэһилиэстибэлэрэ ойууннааһын буолар, бу хайысханы арыйар, билиһиннэрэр «Айылҕалаахтардыын алтыһыы» бырайыак буолар. Бу бырайыакка кыттыбыт Алгыс Уйбаан, Баараҕай Бахсы, Максим Дуранов- Чаҕылыс, Юлия Николаева-Намылҕа бэйэлэрин көрүүлэриг-истиилэрин билиһиннэриэхтэрэ.

«Үүнээйи туһата олохпутугар» түһүмэххэ сахалыы чэй иһиитин сиэрэ-туома ыытыллыа, эмтээх отторунан дьарыктанар отоһуттар сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Кыттыыны ылыахтара: тыа хаһаайыстыбатын билимин доктора, бэрэпиэссэр К.М.Степанов, биология билимин хандьытаата, фитотерапевт, биолог, отоһут, норуот эмчитэ Л.В.Слепцова, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун уһуйааччыта, биолог-химик Е.Н. Кириллина, саха чэйин тарҕатааччы Т.Григорьева-Кучу Туйаара, саха үгэһин үөрэтээччи А.Григорьев- Саалтааны, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Чэбдигир» түмсүү салайааччыта М.Е.Павлова (Таатта). Маны таһынан «Эмтээх от туһата» быыстапка-дьаарбанка ыытыллыа.

«Айар аартык» түһүмэххэ Арчы Дьиэтин иһинэн үлэлиир айар түмсүүлэр түһүлгэлэрэ тэриллиэ, дьарыктаныан баҕалаахтары түмсүүлэргэ сурутуу ыытыллыа.

Саха ыалын биир санааҕа түмэр, интэриэһиргэтэр түһүмэҕинэн саха төрүт оонньууларыгар олоҕурбут аныгы кэм, өй-санаа, сахалыы толкуй оонньуулара киирдилэр. Кыттыыны ылаллар оонньуулары айааччылар: оонньуу сиэссийэлэрин ыытааччы Мария Саввинова, Номоҕон Арчыман, Р.С.Федорова (Нам).
«Айар кут эйгэтэ» түмүктүүр түһүмэххэ айар талаан, дьоҕур киэһэтэ ыытыллар.
Кыттыыны ылаллар: “Арчы” норуодунай хора, «Далбар» норуодунай ырыа ансаамбыла, «Чараҥ», «Өрөгөй», “Ньургуһун» ырыа ансаамбыллара, «Чэгиэн” хомусчуттар ансаамбыллара, “Күн ситимэ”, “Алаас кыргыттара”, “Айдара” үҥкүү ансаамбыллара, “Саһарҕа» этно-ырыа ансаамбыла, «Күн дьоно»,“Өбүгэ ситимэ” фольклор бөлөхтөрө, «Мааны Мандар» иис түмсүүтэ, Кыталы Куо, Петр Кычкин.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар: Ырыа Саарын, В.Очиров, В.Новоприезжай, “Айархаан” этно-бөлөх, «Өркөн» норуодунай үҥкүү ансаамбыла, «Кыҥкыырай»,“Эйгэ” фольклор кэлэктииптэрэ.
Күһүҥҥү үтүөкэн күнү күннээҕи олоххутугар, тус бэйэҕитигэр туһалаахтык атаара, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин билсэ, арчыланыҥ, алгыстаныҥ!

Наталья РУФОВА.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

5 часов ago