Салгыы
Алгыстаах Сарыада: «Эйэ  ырыата»

Алгыстаах Сарыада: «Эйэ  ырыата»

Ааптар:
02.11.2022, 11:21
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 58-с кыттааччыта Бүлүү Бороҕонуттан  Прокопьева Наталья Трофимовна-Алгыстаах Сарыада

Эйэ  ырыата

Доҕордоһуу модун күүһэ

Кыайыа бары ыардары,

Кини эрдээх санаатынан

Чолбон буолан чаҕылыйыа.

Өйдөһөн-өйөһөн олоруу

Сирдьиппит буолуохтун өрүү,

Сүүс араас тылынан эйэ диэн этэн,

Сахабыт сирэ айхаллан!

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр

Харах уулаах ол сылларга

Бары омук түмсүбүтэ,

Аҕалта күүтүүлээх Кыайыыны!

Арҕаа диэки эмиэ сэрии…

Алдьархай аанын төлө тарта…

Кырыктаах кырыыстаах өстөөхтөр

Кырдьыгы, Эйэни тууйдулар.

Хорсун, хоодуот, сахам уола,

Хомпоруун хотой оҕотоҕун!

Кыайыы-хотуу көтөллөнөөр!

Көҥүлү үрдүккэ көтүтээр!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: