Бүгүн үөһэ-аллара тыынан, сүүрэр-көтөр эдэр оҕо күн сирэ аһаҕас, куһаҕан курдары ааһа турарын курдук өйдөбүллээх. Сөп ээ, ийэ-аҕа хараҕын далыттан тахсыбатах барахсан ырааҕынан кыайан чарапчыламмат. Айылҕа уратытын, салгын уларыйыытын кытта тэҥҥэ бары барыта дьүһүн кубулуйарын болҕойбот. Ол омнуо да буолбатах.
Оттон сааһырыы киэбигэр киириэх да иннинэ, ханнык эмэ түгэнтэн сылтаан, эмискэ алгыска наадыйар түгэн кэнники элбээтэ. Ол саамай сөп.
Иирсии-харсыы, аньыыга киирии, хараҥа күүстэргэ түбэһии туһунан бассаап оргуйан олорор. Күн аайы кэриэтэ, куһаҕан диэтэххэ, бары барыта тахса турар. Абаккардаргын да хайыаҥый, соннук һуу-һаа куолулаан баран салгыы тугу да гыныаххын билбэккин. Ол куһаҕаны да истибит санааҥ дьайҕарбакка эйиэхэ бэйэҕэр сөҥөрө үтүө үһү дуо? Суох. Мөкү. Оччотугар онтон төлөрүйүү, куту-сүрү бөҕөргөтүү, бэйэни араҥаччыланыы уонна күүһүрдүү диэн булгуччу баар буолуохтаах.
Уһаабакка уун-утары көрөн олорон этэбин, оннук күүс-кыах эйиэхэ бэйэҕэр түмүллүөн сөп! Хайдах диэ? Владимир Кондаков “Алгыстар—эн көмүскэллэриҥ” диэн сиэпкэ укта сылдьан ааҕарга анаммыт кинигэтин бул. Ол онно түөрэ барыта суруллар, ыйыллар!
Оннооҕор “Абааһы көстүбэт дьайыыларын, ыарыылары үүрэр, эмтиир Домм” диэн баар, ону арааран аах, иһигэр киир, толкуйдаа, нарылан. Оччотугар туһа кэлэрэ, эн тускар сырдык иэйии үксүүрэ сэрэйиллэр даҕаны. Нойосуус үөрэтимэ, көннөрү ылан аах уонна туһан.
Ыалым аах ааҕар ыал. Кинилэртэн көрөн бу кинигэни ылан түгэҕиттэн түөрэ аахтым уонна олус биһирээтим. Күн сирэ дьиктилээх. Барыта күлүмүрдэс буолбатах. Хайа өттүгүттэн туох ааҥныырын хантан билиэҥий? Таҥараһыттар малыыппабыт көмөлөстө диэн ааттыыллар. Биһиэхэ даҕаны куппутун бөҕөргөттөхпүтүнэ элбэх түгэҥҥэ өлөн-охтон, сытан-сынтарыйан биэриэ суохтаах сахаларбыт эбээт! Тоҕо барыта омнуо, сии буолуохтааҕый? Туһалааҕы тускар туһанарыҥ—көҥүлүҥ, кыаҕыҥ, баҕаҥ.
Онон Владимир Алексеевич Кондаков суруйан хаалларбыт Доммноро оруннаахтар, күн бүгүн барыбытыгар туһалаахтар. Саҥа төрөөбүт оҕоттон саҕалаан алҕанары сатыахтаах эбиппит. Аны туран, улаатан эрэр оҕо, билиҥҥи кэмҥэ, аан бастатан туран, үөрэх-билии төрдүгэр турар, ол иигэ эргийэр. Оччоҕо киниэхэ бу билии эмиэ алгыстаах буолара үчүгэй буолбаат?
Доҕоттор, сайын кэллэ, санаа сылыйда, ыыра кэҥээтэ, ыһыахтар саҕаланыахтара. Алгыс баһа сыаланнын! Сатаан алҕанарга, ону тутуһарга иитэр-такайар кинигэлэр баалларын тухары саха самныбат саргыланыа! Соҕордук!
Анисим НЕУСТРОЕВ
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…