Алимент төлөөбөтөх аҕа холуонньаҕа киириэҕэ
СӨ Дьокуускай куораттааҕы суута Украина гражданинын буруйдааҕынан билиннэ. Туһааннаах киһи РФ холуобунай кодексатын 157 ыст. 1 ч. үс сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоругар төлүөхтээх алименын төлөөбөккө куота сылдьыбытын иһин холуобунай дьыала тэриллибит.
Ол курдук 2024 сыл тоҕус ыйын устата, кини 5 уонна 12 саастаах уолаттарыгар итиэннэ 11 саастаах кыыһыгар, уопсайа 157 тыһ. солкуобай курдук иэстэммит. Эрдэ кинини административнай эппиэтинэскэ хаста да тарда сылдьыбыттар, ыстарааптаабыттар да, ону төлөөбөккө сылдьыбыт.
Эппиэтинэһэ суох аҕаҕа холуобунай дьыала тэриллибит. Суукка тиийэн эр киһи Арассыыйаҕа 2001 сыллаахтан олорорун, ол эрээри үлэҕэ киирэр докумуон оҥорсубатаҕын кэпсээбит. Араас сирдэргэ оробуочайдаан харчылаһа сылдьыбыт. 2019 сыл балаҕан ыйыттан наркологическай диспансерга «синдром хронического алкоголизма» диэнинэн учуокка турар эбит. Онон суут бу аҕаны уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа уон ыйга уонна эрдэ төлөөбөтөх ыстараабын 30 тыһ. солкуобайы төлүүрүүгэр уураахтаабыт.
Эр киһи суут уурааҕын кытта сөпсөспөккө, Үрдүкү суукка ааһына сатаабыт эрээри, Үрдүкү суут бириигэбэри уларытыыта суох хаалларбытын туһунан СӨ Үрдүкү суутун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: