Алимены оҕо 23 сааһыгар диэри төлөтөөрү гыналлар
РФ Юстицияҕа министиэристибэтэ, өскөтө сааһын сиппит оҕо орто эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыгар күнүскү өттүгэр үөрэххэ киирбит буоллаҕына, алимены 23 сааһыгар диэри төлүөххэ наадатын туһунан сокуон бырайыагын уопсастыбаннас дьүүллэһиитигэр киллэрдэ диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ону тэҥэ сокуоннай саастарын сиппит, оскуоланы бүтэрбит оҕолор алимены балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри ылыахтарын сөп, 19 саастарын ситэ илик буоллахтарына.
Бу барыта күнүскү үөрэххэ киирбит оҕолор үөрэнэллэрин хааччыйыахтаах.
Сокуон бырайыагын чэрчитинэн биричиинэтэ суох алимены төлөөбөт дьоҥҥо административнай уонна холуобунай эппиэтинэһи киллэрии былааннанар.
Көннөрүүлэри РФ Дьиэ кэргэнин кодексыгар уонна «Об исполнительном производстве» Федеральнай сокуоҥҥа киллэрэргэ этэллэр, диэн иһитиннэрэр РИА-сонуннар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: