Алимены төлөөбөккө көҥүлэ быһылынна

Алимены төлөөбөккө көҥүлэ быһылынна

Ааптар:
10.12.2024, 11:00
С.Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү суута Дьокуускай куорат суутун бириигэбэрин уларытыыта суох хаалларда, онон урут сууттана сылдьыбыт 39 саастаах аҕа буруйдааҕынан ааҕылынна уонна 1 сыл 7 ый болдьохтоох холуонньа-поселениеҕа көҥүлэ быһылынна.

Суут быһаарбытынан, икки оҕо аҕата алимены төлүүртэн куотуна сылдьыбыт. 2022 сыл алтынньы ыйыттан 2024 сыл ыам ыйыгар диэри оҕолоругар 266 964 солк. суумаҕа иэстээх тахсыбыт.

2022 сыллаахха СӨ ураты суолталаах дьыалатын көрүүгэ УФССП Саха сиринээҕи салаатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-реабилитационнай киин ирдэбилинэн сокуоннай саастарын ситэ оҕолору хааччыйыыга алимены төлүүргэ дьыала арыллыбыт. Мөрөбүөй судьуйа уурааҕынан эр киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт да, ыйдааҕы алимены төлүүртэн куотуна сылдьыбыт. Бириигэбэр албакаат көмөтүнэн көтүрүллүбүт.

Апелляционнай инстанцияны суут холуобунай дьыала матырыйаалларын көрөн, өрүттэр санааларын истэн баран, бастакы инстанциянан суут бириигэбэрин уларытыыта суох хаалларда, үҥсүүнү ылыммата.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: