Саха сирин бырайыага – AYANA нууччалыы-эбэҥкилии тылбаасчыт “Алиса” виртуальнай саҥалаах көмөлөһөөччүгэ, манна ханыылыы тэриллэргэ – колонкаҕа, тэлэбиисэргэ уонна смартфоннарга баар буолла. Николай Апросимов СИАҕа иһитиннэрбитинэн, бу билиҥҥитэ тургутан көрүү быһыытынан үлэлиир.
“Билигин AYANA – машиннай үөрэтиигэ олоҕуран үлэлиир нууччалыыттан эбэҥкилии тылбаастыыр голосовой роботизированнай тылбаасчыт-мадиаплатформа. Сыыппара платформатыгар киллэрэбит, олус элбэх былаан уонна идиэйэ баар”, — диэн бырайыагы төрүттээччи этэр.
Николай Апросимов эбэҥки тылын чөл хаалларарга уонна саҥалыы сайыннарарга бары хомуллубут информацияны сыыппараҕа киллэрэр, туһанарга табыгастаах, тиийимтиэ, судургу буоларын туһугар усулуобуйа тэрийэр ирдэнэрин бэлиэтиир. Эбэҥки тыла күннээҕи олоххо туттуллубат, кэлэр көлүөнэҕэ бэриллибэт буолла.
“AYANA туһанарга бэрт судургу, Яндекска саҥарар көмөлөһөөччүнү (голосовой помощник) арыйыллар уонна чопчу ыйыы бэриллэр: “Алиса, включи навык русско-эвенкийский переводчик”. Итини тэҥэ, AYANA саҥа сатабыла (голосовой навык) тургутан көрүү быһыытынан “Маруся” өйдөөх колонкаҕа үлэлиир, билиҥҥитэ хайдах үлэлиирин көрөбүт, сотору кэминэн олоччу үлэлиэҕэ. Ону тэҥэ, AYANA телеграм-ботка үлэлиир, сотору бары мессенджердарга баар буолуоҕа”, — диэн Николай Апросимов кэпсиир.
Николай Борисов, СИА.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…