Арассыыйа-Украина сыһыаннаһыыларыгар уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэстэллэр, биир санаанан салайтаран түмсүөҕүҥ дииллэр.
Алквиад Тарасов, Горнай улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— 1930-40 сылларга арҕааҥҥы дойдулар Германия фашистскай идеологияламмытын, байыаннай бырамыысыланнаһа сайдарын, Гитлер аан дойдуну баһылыырга талаһарын улахаҥҥа уурбатахтара. Тус бэйэм санаабар, Сэбиэскэй Сойууһу мөлтөтөрү, суох оҥорору өйөөбүт, көмөлөспүт да буолуохтарын сөп. Ол түмүгэр, Германия Европа дойдуларын сорохторун сэриилээн, сорохторун баҕаларын өттүнэн ылатттаабыта. Ол кэннэ төһө эмит дуогабар түһэрсиллибитин үрдүнэн Сэбиэскэй Сойууска саба түспүтэ. Биһиги өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын көрдөрөн, туох баар ыараханы тулуйан, туораан, Улуу Кыайыыны ситиспиттэрэ, биһиэхэ эйэлээх олоҕу бэлэхтээбиттэрэ.
Биһиги көлүөнэ сэрии алдьархайын устуоруйаттан, литератураттан эрэ буолбакка эһэлэрбит, эбэлэрбит кэпсээннэриттэн билэбит. Хаһан даҕаны ааспыт сэрии алдьархайа хатыламматыгар баҕарабыт, туруулаһабыт. Ол эрээри, бүгүҥҥү күҥҥэ Америка салайааччылаах НАТО байыаннай холбоһук Европа дойдуларын көмүскэнэр ааттаан, барытын кэриэтин бэйэтигэр холбоото. Сорох дойдулары баҕа өтттүлэринэн, сорохтору куттаан, сорохтору норуоттарын бэйэ-бэйэлэрин утары туруоран, ыһан туран. Ол түмүгэр холбоспут дойдулар арҕааҥҥы дойдулар тугу этэллэринэн олороллор. Туох баар дойдулар икки ардыларынааҕы холбоһуктар, тэриллиилэр эмиэ арҕааҥҥы дойдуларга барыстаах быһаарыылары ылыналлар.
Арҕааҥҥы дойдулар дьайыыларынан, күөттээһиннэринэн Украина фашистскай идеологияны тутуһар салалтата 2014 сылтан бэйэтин норуотун, Донбасс олохтоохторун террористарынан ааттаан, сэриилии олорор. 8 сылы быһа Донбасс олохтоохторо элбэх өлүүнү-сүтүүнү, кыһалҕаны, атаҕастабылы көрдүлэр.
Донбасс норуота өлөр-сүтэр кутталга киирбитин көмүскүүр сыалтан уонна маннык инникитин салҕаннаҕына, дойдубутугар куттал суоһуурун иһин, дойдубут салайааччыта Владимир Путин ДНӨ уонна ЛНӨ салайааччыларын көрдөһүүлэрин ылынан, Донбасска анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалыырга күһэллибитэ. Күһэллибитэ диэн бэлиэтээн этиэххэ наада, тоҕо диэтэр, 8 сылы быһа араас ньыманан Арассыыйа Донбасс норуотун өлүүтүн-сүтүүтүн тохтоторго, өйдөспөт түгэни эйэлээхтик быһаарарга кыһалла сатаата даҕаны, арҕааҥҥы дойдулар өйөбүллээх Украина салалтата бэйэтин норуотун өлөрөртөн-өһөрөртөн аккаастаммата.
Владимир Путин ылыммыт быһаарыныыта саамай сөптөөҕө көстөн таҕыста. Ол курдук, Украина фашистскай идеологиялаах салайааччылара арҕааҥҥы дойдулар ыйыыларынан салаллан олороллоро, арҕааҥҥы дойдулар Украинаҕа сэрии сэбин, үбү-харчыны кэрэйбэккэ кутан, Арассыыйаны утары сэриини күөттүүллэрэ, өйүүллэрэ көһүннэ. Дойдубутун ыгар, мөлтөтөр ньымалара буолара билиннэ.
Бу утарыта турсууга Владимир Путин салайааччылааах биһиги улуу дойдубут – Арассыыйа уонна биһигини өйүүр дойдулар кыайыыны ситистэхпитинэ, аан дойдуга саҥа кырдьыктаах сыһыан үөскүөхтээх, арҕааҥҥы дойдулар баһылааһыннара, кинилэр бэйэлэрин бэлиитикэлэрин атын дойдуларга соҥнооһуннара, кинилэр этиилэринэн олоруу тохтуохтаах.
Ол иһин биһиги салаайааччыбыт Владимир Путин быһаарыныытын өйүүбүт, кини тула түмсэн, кыайыы туһугар, кырдьык туһугар туруулаһыахпыт! Бүгүҥҥү күҥҥэ саха норуотун хорсун-ходуот уолаттара Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин норуотун быыһааһыҥҥа, сирдэрин босхолооһуҥҥа кытта сылдьалларынан биһиги киэн туттабыт уонна кинилэр этэҥҥэ буолалларыгар баҕарабыт!
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…