Аҕыйах хонуктааҕыта Аллайыаха улууһун балыксыттара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр кэһиилэрин ыыттылар. Ол курдук, 4 туонна 600 киилэ балыгы ыалларынан кэрийэн тарҕаттылар.
“Аллайха” община баһылыга Сергей Бережнов балыксыттарын бу көмөтүн Мархаҕа уонна Дьокуускай куоракка олорор байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тириэртэ. Мархаҕа бэйэтэ илдьэн туттарбыта, Дьокуускайга Норуот фронун көмөтүнэн тарҕаттарда.
“Бу балыгы бултаабыт балыксыттарбар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Аллайыаха улууһун аатыттан көмө курдук туттардыбыт. Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар дьоммут чугас дьоно эмиэ этэҥҥэ буоллуннар, Аллайыаха эмис балыгын амсайдыннар”, — диэн баҕа санаатын тириэртэ Сергей Бережнов.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…