Соторутааҕыта Аллайыаха улууһугар балыксыт учаастагар дьиэ таһыгар кырдьаҕас кэлэн балыксыт ытын туппут.
Учаастакка Арсентий Садовников эһээтэ, кэргэнэ оҕолорунуун бааллар эбит. Онон кини дьиэ кэргэнигэр куттал суоһаабытын билэн, улуус киинигэр – Чокуурдаахха кэлэн улуустааҕы дьаһалтаҕа сайабылыанньа суруйбут. Ол сайабылыанньаны тутан баран быстах кэмҥэ баһылыгы солбуйан олорор Евдокия Забара СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр хадатаайыстыба түһэрбит. Ол кэннэ тустаах министиэристибэ кыыл ахсаанын сүрүннүүргэ көҥүлү биэрбит.
Көҥүл ыксаллаах балаһыанньаҕа босхо бэриллэр эбит. Быһата, биир күн иһигэр көҥүлү биэрэллэр уонна ити ылбыт көҥүлүнэн булчут 3 хонук иһигэр бултуохтаах. Аллайыахатааҕы экологияны кэтээн көрүүгэ иниспиэксийэ араапар суруйбут.
Хата, ити ылбыт болдьоҕор Арсентий Садовников тыатааҕыны бултаабыт, онон дьиэ кэргэнигэр уонна атын да дьоҥҥо куттал суоһуурун тохтоппут.
Балыксыт А.Р.Садовников билигин учаастагар, сибээс суох сиригэр сылдьар буолан, кыайан кэпсэппэтибит.
Хаартыска: интэриниэт
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…