Аллайыаха улууһугар сылааһы биэрэр кэм саҕаланна
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Аллайыаха улууһугар “СӨ Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба” ГУП сылааһы биэрэр эбийиэктэри үлэлэттилэр.
Хочуолунайдар кыраапык быһыытынан сылааһы социальнай суолталаах эбийиэктэргэ уонна улуус олорор дьиэтин пуондатыгар биэрбиттэрин туһунан дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев иһитиннэрдэ.
«Үгэс быһыытынан, сылааһы биэрии уочараттаах сылыгар бастакынан Аллайыахатааҕы салаабыт холбонно. Атын салааларга өрөмүөн хампаанньата эмиэ былаан быһыытынан баран иһэр. Сыл аайы сылааһы биэрии сезоннарын икки ардыларынааҕы кэмҥэ тэрилтэ подразделениелара сылааһы уонна уунан хааччыйыы эбийиэктэрин хаачыстыбалаахтык бэлэмнииллэр. Өрөмүөн бырагырааматын тэрээһиннэрин толоруу уонна оттук-энергетика ресурстарын аҕалыы бастайааннай хонтуруолга ылыллар”, — диэтэ Виталий Чикачев.
Өрөмүөн бырагырааматын чэрчитинэн барыта 70 хочуол, 80 тэрил уларытылыннылар, 25 килэмиэтиртэн уһуннаах инженернэй ситим өрөмүөннэннэ. Билигин бырагыраама 70% толорулунна.
Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, Саха сирин хомунаалынай тэрилтэлэрэ сылааһы биэрии кэмигэр 85% бэлэмнэр.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылааһы биэрэр кэмҥэ 1 165 хочуолунай, 4009 км сылаас ситимэ, 1 654 км уу ситимэ, 677 км канализационнай ситим бэлэмнэннилэр. 887 км уот ситимэ, 144 дизель электроыстаансыйата олохтоохтук өрөмүөннэниэхтээхтэр.
Санатан эттэххэ, оттук кэмин саҕалааһын уонна түмүктээһин туһунан быһаарыыны муниципальнай тэриллиилэр бэйэлэрэ олохтоммут нуорманан уонна күн-дьыл туругуттан көрөн ылыналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: