Аллайыаха улууһугар сылааһы биэрэр кэм саҕаланна

Share

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Аллайыаха улууһугар “СӨ Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба” ГУП сылааһы биэрэр эбийиэктэри үлэлэттилэр.

Хочуолунайдар кыраапык быһыытынан сылааһы социальнай суолталаах эбийиэктэргэ уонна улуус олорор дьиэтин пуондатыгар биэрбиттэрин туһунан дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев иһитиннэрдэ.

«Үгэс быһыытынан, сылааһы биэрии уочараттаах сылыгар бастакынан Аллайыахатааҕы салаабыт холбонно. Атын салааларга өрөмүөн хампаанньата эмиэ былаан быһыытынан баран иһэр. Сыл аайы сылааһы биэрии сезоннарын икки ардыларынааҕы кэмҥэ тэрилтэ подразделениелара  сылааһы уонна уунан хааччыйыы эбийиэктэрин хаачыстыбалаахтык бэлэмнииллэр. Өрөмүөн бырагырааматын тэрээһиннэрин толоруу уонна оттук-энергетика ресурстарын аҕалыы бастайааннай хонтуруолга ылыллар”, — диэтэ Виталий Чикачев.

Өрөмүөн бырагырааматын чэрчитинэн барыта 70 хочуол, 80 тэрил уларытылыннылар, 25 килэмиэтиртэн уһуннаах  инженернэй ситим өрөмүөннэннэ. Билигин бырагыраама 70% толорулунна.

Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, Саха сирин хомунаалынай тэрилтэлэрэ сылааһы биэрии кэмигэр 85% бэлэмнэр.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылааһы биэрэр кэмҥэ 1 165 хочуолунай, 4009 км сылаас ситимэ, 1 654 км уу ситимэ, 677 км канализационнай ситим бэлэмнэннилэр. 887 км уот ситимэ, 144 дизель электроыстаансыйата олохтоохтук өрөмүөннэниэхтээхтэр.

Санатан эттэххэ, оттук кэмин саҕалааһын уонна түмүктээһин туһунан быһаарыыны муниципальнай тэриллиилэр бэйэлэрэ олохтоммут нуорманан уонна күн-дьыл туругуттан көрөн ылыналлар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

34 минуты ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago