Салгыы
Аллайыахаҕа эдэр халабырдьыттары туттулар

Аллайыахаҕа эдэр халабырдьыттары туттулар

Ааптар:
01.11.2024, 17:30
Хаартыска: freepik.com
Бөлөххө киир:

Аллайыаха улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи халабырдьыттары тутарга сайабылыанньа түһэрбит. 

Полиция боломуочунайдара көрдүүр дьаһалларынан халабырдьыттары туппуттар. Хара санаалаахтар урут сууттана сылдьыбыт 22 саастаах уонна 24 саастаах олохтоох ыччат буолара биллибит.

Силиэстийэ быһаарыытынан, эмсэҕэлээччи билэр дьонун кытта арыгы испит. Эр киһи арыгы иһэ олорон  баан счетугар элбэх суума харчылааҕынан киһиргэммит. Ол кэмҥэ эдэр уолаттар харчыны уоран ыларга санаммыттар.

Кинилэр кырбаары куттаан эмсэҕэлээбит эр киһиттэн 15000 солк. харчыны баан каартатыгар ыытарга күһэйбиттэр. Ол эрээри, баан счетуттан харчы сатаан барбатах. Түмүгэр халабырдьыттар уопсайа 3000 солк. ылбыттар. Уорбут харчыларын арыгыны атыылаһарга туһаммыттар. Холуобунай дьыала тэрилиннэ, диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: