Аллайыахаҕа күнүстэри-түүннэри балыктыыллар

Аллайыахаҕа күнүстэри-түүннэри балыктыыллар

13.08.2023, 12:00
Хаартыскалар: Сергей Бережнев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Хоту дойду балыксыттарыгар тыа сирин отчуттарыгар курдук эмиэ былдьаһыктаах күннэр тураллар. Ол курдук, Аллайыаха балыксыттара күнүстэри-түүннэри муҥхалаан, илимнээн эбэлэриттэн тахсыбаттар. Ардахха да үлэ тохтообот. Күүстээх тыал түстэҕинэ, улахан долгуҥҥа эрэ тохтоон ылаллар.

Манна учаастактарга иккилии симиэнэнэн үлэлииллэр, биир биригээдэҕэ — кырата 3–4 киһи. Сорох учаастактарга иккилии биригээдэ тэҥинэн баар. Симиэнэнэн, суукканан үлэлииллэр. Кинилэр этэллэринэн, биир күҥҥэ тоҕуста эҥин муҥхаларын түһэрэллэр. Балык үчүгэйдик таҕыстаҕына, биир сууккаҕа 5 т курдугу туттараллар эбит. Холобура, Нестер Рожин, Андрей Лебедев уо. д.а. биригээдэлэрэ итинник кирбиини ситиһэллэр уонна ситиһэр кыахтаахтар. Чугас сирдэртэн балыгы аҕалан тута тоҥороллор (шоковай заморозка). Халадыынньык иһигэр долбуурдарга биирдиилээн ууран тоҥороллор, тоҥмутун кэннэ куулларга угаллар. Онтон балыктарын мунньубуттарын кэннэ катер кэлэн, Чокуурдаахха тиэйэн илдьэр. Тиийбит балыгы аны дириҥ булууска түһэрэллэр. Дьэ, ити курдук, Аллайыаха балыгын айана уустук, үлэтэ ыарахан.

“Уомул үчүгэйдик таҕыста”

“Аллайыаха“ община баһылыга Сергей Бережнов кэпсииринэн, быйыл сайын 115 туоннаны балыктаабыттар. Онон чыыр, уомул, сордоҥ курдук көмүс хатырыктааҕы
муҥхаларыттан хостообуттар. Балыксыт сырата-сылбата хаһан тиллэрий? Балыга атыыга бардаҕына. Онон балыксыттар “Магдебург” рефрижератор кэлэрин кэтэһэллэр. Быһа холуйан, атырдьах ыйын 16 күнүн эргин тиийиэхтээх.

— Быйылгы балыктааһын этэҥҥэ баран иһэр. Ордук уомул үчүгэйдик таҕыста. Чыыр да сөбүгэр баар. Онон ылбыт кубуотабытын толорор курдук балыксыттарбыт турунан туран үлэлииллэр-хамсыыллар. Кубуотаҕа тохтоотоххо, уомул — 83 т, чыыр — 90 т, күндүөбэй — 75 т, сиг балык — 60 т, сордоҥ — 10 т диэн олохтоммута. Билигин уопсайа 15 учаастактаахпыт. Бэйэбит үппүтүнэн-харчыбытынан муҥхабытын, илиммитин, сорох тиэхиньикэбитин атыыласпыппыт, — диир Сергей Владимирович.

Биир улахан кыһалҕанан каадыр тиийбэтэ буолар. Баһылык этэринэн, общинаҕа үлэлиир саастаах дьон ипэтиэкэ эҥин ылан, куоракка көһөллөр, ыччат эмиэ аҕыйах. Сыл аайы балыктыан баҕалаах аҕыйаан иһэр. Ол да буоллар, санааларын түһэрбэттэр.

Балык сыахтаахтар

Аллайыаха балыксыттарын сыралаах үлэлэригэр община бэйэтэ балык сыахтааҕа эмиэ көмөлөөх буолбут. Сыах община тиэргэнигэр турар. Онон ыраах сиргэ бэркэ тэриммиттэр диэххэ сөп. Көрдөххө кыра сыах эрээри, “сушилка”, “коптилка” диэн тэриллэр бааллар. Ол курдук, бастаан уомулу иһин ыраастыыллар, онтон туустууллар. Тууһанан бүттэҕинэ хатарар оһоххо уураллар. Оччоҕуна балык инчэҕэйэ тахсыахтаах эбит. Ол кэннэ, дьэ, ыыһыыллар. Онтон сойбутун кэннэ атыыга барар. Михаил Трофимов, Александр Леучев ыыһыыр үлэни үчүгэйдик баһылаан эрэллэрин дьон кэпсиир. Өссө вакуум оҥорор тэриллээхтэр. Ол көмөтүнэн балык өр хараллар, сытыйбат эбит. Ыыһаммыт чыыры киилэтин 500 солк. нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар. Сибиэһэй балыгы киилэтин — 250 солкуобайга. Бэйэлэрин маҕаһыыннарыгра балык хамаҕатык атыыланар эбит. Өссө тымнытар установкалаах балыктыыр икки базалаахтар. Ол курдук, Буор Балаҕаҥҥа баар баазалара 50 т батарар кыахтаах.

Тутууга көмөлөһөллөр

Аҥаардас Индигиир эбэлэригэр балыктаан эрэ “уһун соннонор” кыахтара суох. Онон, община мындыр баһылыга тутууга наадалаах матырыйаалы бэлэмниир сыахтааҕыттан соһуйаҕын эрэ. Бачча ыраах, ыарахан суоллаах-иистээх дойдуга ити төһөлөөх көмө буолуоҕай. Биллэрин курдук, улуус киинин 70 бырыһыана эргэрбит дьиэлэр. Онон хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата үлэлээн эрэр. Саҥа оскуола тутулла турар. Манна барытыгар туох нааданый? Полистирол. Онон полистирол оҥорор сыаҕы арыйбыта эргиччи туһалаах. Билиҥҥи туругунан, икки дьиэни полистиролунан хааччыйбыттар. Холобура, “Лидер” ХЭУо олорор дьиэлэри тутарыгар полистирол сыаҕа баара эмиэ абыраатаҕа дии. Ити 150 куб. Ону тэҥэ оскуолаҕа эмиэ наада. Сырыы аайы полистиролу Дьокуускайтан дуу, хантан дуу илдьэргэ төһөлөөх ороскуот тахсыа этэй? Ол да иһин “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү иһин” диэн махтал суругу община баһылыга туппут.

— Учаастактарбытыгар кыахпыт тиийэринэн дьоммут олорор усулуобуйатын тупсара сатыыбыт. Оннук да буолуохтаах буоллаҕа. Балыктааһын диэн олус ыарахан үлэ. Биһигини улуус баһылыга Яков Елисеев куруук өйүүр. Ол эмиэ үчүгэй. Быйыл саас Дьокуускайга уонна Мархаҕа байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьоннорун бэйэбит кыахпытынан балыгынан күндүлээбиппит. Өссө да кыах баарынан көмөлөһүөхпүт, — диэтэ С. В. Бережнов.

Онон “Аллайыаха” община балыксыттара күнтэн-дьылтан иҥнибэккэ, көмүс хатырыктааҕы сомсоллор, Саха сиригэр балык салаата сайдарыгар төһүү буолаллар. Кинилэр өрүү өйөбүллээх, үчүгэй хамнастаах буоллуннар!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: